Стихотворение ко дню победы


Махтал эһиэхэ буойуттарСир ньиргийдэ этиҥнии.
Суон сурах тарҕанна түргэнник.
Ыар баттык ыйааһын буолан,
Аан дойдуну тилийэ сүүрдэ.
Онно этэ, кытаанах тыйыс.
Сэрии уордаах тыына.
Хаанынан ытыыра сир ийэ,
Ынчыктыыр саҥата иһиллэрэ.
Тыын тыыҥҥа , хаан хааҥҥа.
Кыргыһыы кырыктаах үгэнэ.
Өлүү тиллии, кыайыы хотторуу.
Дууһаҕа баппат, дьулаан көстүү.
Махтал эһиэхэ буойуттарОл онно сылдьара өлүү,
Өрөгөй тыынынан тыына.
Ким да , тугу да араарбаккаХомуйара, ылҕыыра олоҕу.
Санааны түһэрбэт буойуттар,
Хорсун хоодуот саллааттар.
Өлүү хараҕын утары көрөн,
Турууласпыттара эйэ, олох иһин.
Тобуктаан туран махтаныаҕын,
Биһигини көмүскээбит буойуттарга.
Эһиги баар буолаҥҥыт биһиги,
Дьоллоохтук олоробут эйэҕэ.