Классный час День Победы на якутском языке
Темата: Кыайыы кунэ.
Сыала: А5а дойду сэриитин туьунан билиилэрин кэнэтии, сэрии кэмигэр дьоннор олохторун кытта билсиьии, Ийэ дойду геройдарыгар тапталы инэрии, ыараханнартан ча5ыйбат буолуу тыыныгар иитии.
Бэлэмнэнии улэ:
1. «Кыайыы кунэ » уруьуй.
2. Сэрии тематыгар ырыа, хоьоон уерэтии.
3. Викторина5а эппиэттээбиттэргэ бэлэх оноруу
.
Киирии бэсиэдэ:
- Сарсын биьиги дойдубут туох кунун бэлиэтиирий?
- Бугун кылаас чааьыгар биьиги А5а дойду сэриитин туьунан кэпсэтиэхпит. Учугэйдик бол5ойон истэбит. Кылаас чааьын бутуутэ викторина ыытыллыа5а.
Хоьоон «День победы» Шпнев Костя 1 кыл.
Эйэлээх, сэриитэ, хаан тохтуута суох олоруу дуогабарын кэьэн, фашистскай Германия 1941 сыллаахха бэс ыйын 22 кунугэр туекуннуу туун уоран биьиги дойдубутугар саба туспутэ. А5а дойду чиэьин кемускуу норуот буттуун туруммута. Ол аата байыаннайдар, фронна ынырыллыбыт а5алар, убайдар эрэ буолбакка, колхозтарга, заводтарга, фабрикаларга, хана барытыгар хаалбыт кырдьа5астыын, о5олуун бары естее5у утары Кыайыы туьугар ере турбуттара. Ол иьин бу сэрии А5а дойду сэриитэ диэн ааттаммыта.
Тыылга хаалбыт куорат олохтоохторо( о5олор, дьахталлар) сэрии сэбин-сэбиргэлин, ол курдук снарядьары, танкалары онорбуттара. Тыа сиригэр хаалбыттар бултаан-алтаан, улэлээн-хамсаан харчынан кемелеспуттэрэ.»Барыта фронна! Барыта Кыайыы туьугар!»-диэн девизтээх этилэр.
Урукку еттугэр киьи-аймах керсубэтэх ынырык сэриитэ са5аламмыта. Дойду ар5аа кыраныыссатыгар мелуйуенунэн саллаат кыргыспыта. Онон бу сэрии Улуу сэрии диэн ааттаммыта. Вов-А5а дойду Улуу сэриитэ. Бу сэриигэ элбэх о5о ийэтэ-а5ата суох хаалбыта. Сир урдугэр ытаьыы-ынчык иьиллибитэ, харах уута халыйбыта, кыа-хаан тохтубута.Ол туьунан элбэх киинэлэр, кинигэлэр, уруьуйдар бааллар, ону эьиги керергут, аа5аргыт буолуо.
Бу сэрии 4 сыл эбэтэр 1418 кун устата буолбута. Бу сэриигэ 60 государство, 110 мелуйуен киьи кыттыбыт, ол иьиттэн 50 мел.киьи елбутэ. Саамай улаханнык Советскай союз ( биьиги дойдубут урукку аата) сутуктэммитэ 20 мел.киьи елбутэ. 1710 куорат уонна куораттыы тутуулаах дэриэбинэлэр, 70 тыь. Дэриэбинэ уонна нэьилиэк урусхалламмыттара. Москва, Ленинград, Минск, Сталинград, Одесса, Киев уо.д.а куораттар – Герой куорат аатын ылбыттара. То5о?
Холобур: Ленинград билиннитэ Санкт-Петербург куораты естеехтер блокадалаабыттара. Ол аата тегуруйэн кэбиспиттэрэ. Бу куорат олохтоохторугар ханан да ас-танас киирбэт гына. Оннук 900-тэн тахса кун, ол да буоллар бу куорат олохтоохторо фашистарга бэриммэтэхтэрэ.
Бу ынырык сэрии ыам ыйын 9 кунугэр 1945 сыллаахха кыайыынан тумуктэммитэ. Ол иьин ыам ыйын 9 кунэ Улуу кыайыы бырааьынньыга диэн ааттанар. Бу куну сыл ахсын сир-дойду бэлиэтииллэр.
Ырыа «Хайыьар» 4 кылаас о5олорун толоруутугар.
Саха сириттэн элбэх Саха саллаата естее5у утары хорсуннук сэриилэспитэ. Олортон сорохторо сэрии хонуутугар геройдуу охтубуттара, сорохторо кыайыы-хотуу ерегейдеех дойдуларыгар теннубуттэрэ.
Сэриигэ ордук хорсуннук кыргыспыт, элбэх естее5у сууьарбыт дьоннорго медаль, орден биэрэллэр. Оттон уьулуччулаах героизмы кердербуттэрин иьин Советскай Союз Геройа диэн ааты инэрэллэрэ. Сахалартан бастакы оннук аат Федор Поповка инэриллибитэ. Кини туьунан уонна Федор Охлопков туьунан эьиги аа5ыы уруоктарыгар билсэ5ит. Кинилэр тустарынан элбэх ырыа, хоьоон суруллубута.
Биьиги Еймекееммут улууьуттан сэриигэ анаан ынырыы суо5а. Ол да буоллар атын улуустарга, куоракка уерэнэ-улэлии сылдьар дьонтон ынырбыттара. Ол курдук Сордоннооох нэьилиэгиттэн: Заболоцкий Максим Иванович, Винокуров Ананий Егорович. Томтортон: Винокуров Семен Федотович, Тарын-Урэх ( Терут) нэьилиэгиттэн Кривошапкин Афанасий Данилович уонна биьиги нэьилиэкрититтэн Заболоцкий Павел Васильевич. Кини аймахтара манна элбэхтэр. Билигин бэйэтин таайын туьунан Кривошапкина Аэлита кэпсиэ5э.
Кыайыыны уьансыбыт , бэйэлэрин олохторун толук уурбут Россия буойуннарыгар уонна биир дойдулаахпыт Заболоцкий П.В кэриэстээн 1 мунуутэ саната суох туруо5ун.
Государствобыт уонна бутун норуот «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат»
Сэриигэ баран биьиги эйэлээх олохпутун уьансыбыт саллааттарга анаан араас памятниктары, обелискалары, стелалары онороллор. Кинилэр ааттаоынан уулуссалары ааттыыллар. Куорат аайы Кыайыы болуоссата баар.Биьиги Дьокуускай куораппытыгар туох памятниктара баалларый? ( Танк, Ильмен куелгэ сэриилэспит саллааттарга, Ф.Поповка уо.д.а )
Олох сайдар, инникитин диэки баран иьэр. Ол да буоллар а5а келуенэ олорон ааспыт оло5о, улэлээбит улэтэ дойдубут историятыгар уйэлэргэ хаалыа5а. Онон биьиги хас биирдиибит ону ейдуехтээх.
Хоьоон «Эйэ иьин охсуьуу» 2 кылаас о5олоро
ВИКТОРИНА
А5а дойду улуу сэриитэ хас сыллаахха са5аламмытай?
Сэрии хас кун устата буолбутай?
Сэриигэ хас мелуйуен киьи елбутэй?
Кимнээх саба туспуттэрэй?
Хас куорат уонна куораттыы тутуулаах беьуелэктэр урусхалламмыттарай?
Ханнык куораты блокадалаабыттарай?
Биьиги беьуелэкпититтэн ким сэриигэ баран сэрии хонуутуттан теннубэтэ5эй?
А5а дойду Улуу сэриитигэр сахалар тугунан аатырбыттарай? То5о?
Сэрии хас сыллаахха буппутэй?
Быйыл сэрии буппутэ хас сылын бэлиэтиибитий?
Ырыа «Сэрии буолбатын» 3 кылаас о5олоро.
Тумук:
- О5олор, А5а дойду Улуу сэриитин туьунан туох эмэ сананы биллигит дуо?
Аны маннык алдьархай, ынырык сэрии, хаьан да хатыыламматын, буолбатын, хаан тохтубатын. Еруу урун кун, куех халлаан анныгар эйэлээхтик, иллээхтик олоруоххайын.
Кылаас чааьын «Солнечный круг» диэн ырыанан тумуктуеххэйин..
МОУ Ючюгейская средняя общеобразовательная школа
Классный час «День победы»
Учитель : Громова Лилия Егоровна
2009 г.
15