Дакылаат: О?ону сахалыы хомус тардыытын т?р?т ?гэстэригэр ??рэтии
Мэҥэ – Хаҥалас улууһун Муниципальнай бюджетнай уопсай үөрэхтээһин тэрилтэтэ
«Бэдьимэ орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата»
Дакылаат:
Оҕону сахалыы хомус тардыытын төрүт үгэстэригэр үөрэтии
Үлэни оҥордо: Бэдьимэ орто оскуолатын
саха тылын, литературатын учуутала
Дмитриева Елена Валериевна
2017 сыл.
Иһинээҕитэ:
Киириитэ.
Сүрүн чааһа.
Хомус арааһа, хомус тардыытын техниката.
Сахалыы хомус тардыытын төрүт үгэстэрэ.
Оҕону сахалыы хомус тардыытын төрүт үгэстэригэр үөрэтии.
Түмүк.
Туһаныллыбыт литература.
Киириитэ
Хомус, саха киһитин кутун – сүрүн, саха норуотун Аан дойдуга аатырдыбыт, киэн туттар музыкальнай инструменынан буолар. Хомуска маарынныыр инструмент суох дуу эбэтэр баар буола сылдьыбатах сирэ суох диэххэ сөп. Ол гынан баран сорох дойдуга сүтэн – оһон, музейга эрэ хаалбыт, оттон сорох сиргэ норуот сөбүлээн оонньуур инструмена буола сайдыбыт.
Үлэм тоҕоостооҕо: билиҥҥи кэмҥэ хомуска оонньооһун олус элбээтэ. Бу олус кэрэхсэбиллээх буолар дии саныыбын. Ол эрээри аныгы кэм сайдыытыгар олоҕуран, араас омуктары хобдох үтүктүү, эҥин эгэлгэ суох ньыманы үөскэтии баара саарбаҕа суох. Итинник оонньооһун билиҥҥи кэмҥэ олус биһирэнэр буолла. Ол гынан баран сахалыы хомус тардыытын төрүт үгэстэрин кэлэр көлүөнэ умнубатын туһугар, оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ дириҥ суолталаах дии саныыбын. Мантан сиэттэрэн, мин «Оҕону сахалыы хомус тардыытын төрүт үгэстэригэр үөрэтии» диэн тиэмэҕэ, үлэлии сылдьар үлэбин чөкөтөн, дакылаат суруйарга сананным.
Үлэм сыала: оҕону сахалыы хомус тардыытын төрүт үгэстэригэр үөрэтии.
Соруга:
Оҕону хомуска уһуйан, бэйэтин норуотун ытыктыы үөрэнэригэр иитии;
Хомуска оонньуур баҕатын күүһүрдүү.
Хомуска оонньооһун үгэс буолбут ньымаларыгар үөрэтии, сайыннарыы;
Сахалыы тыыннаах оҕону уһуйан таһаарыы.
2.1. Хомус арааһа, хомус тардыытын техниката.
Хомуһу мастан да, муостан да, тимиртэн да оҥороллор. Мас хомустан билигин бамбук хомус ордон сылдьар. Онно Азия, Африка омуктара ордук оонньууллар. Муос хомус хотугу омуктарга баара биллэр. Ордук тимир, алтан хомус аан дойду устун киэҥник тарҕаммыт. Тылын ахсаанынан ыллахха, биир, икки, үс, түөрт тыллаах хомустар бааллар.
Сахаларга мас хомус баар буола сылдьан баран сүппүт. Сүрүн оонньуур хомуспут биир тыллаах тимир хомус буолар (1 ойуу).
Хомус тардыытын техниката
Хомус тардарга биэс сүрүн сатабыл наада:
Хомуһу сатаан тутуу.
Хомус тылын сатаан охсуу.
Сатаан тыыныы.
Сатаан истии.
Дорҕоону сатаан уларытыы.
Хомуһу тутуу. Хомус тиэрбэһин хаҥас илиигинэн бэйэҕэр хайдах табылларынан тутаҕын уонна тиискин хомус тыла хамсыырыгар сөп буолар курдук атытан баран, онно хомус сыҥааҕын тас иэдэһин тиискэр ыкса сыһыараҕын. Хомус тылын хамсааһына тиискэр бэриллибэтин курдук күүскэ сыһыары тутаҕын. Кыра оҕо тарбаҕын күүһэ мөлтөх буолан, хомус сыҥааҕын тииһинэн да ытырыан сөп. Бастаан үөрэнэргэ хомус сыҥааҕын уһуга тиис ортотун туһунан буолар гына тутар сөп. Кэлин үөрэнэн истэххэ, уҥа дьабадьыга чугаһата соҕус туттахха ордук.
Хомус тылын охсуу. Хомус тыаһа – тылыгар. Тыла хамсаатаҕына эрэ тыаһыыр, дорҕоон таһаарар. Онон оонньууруҥ устатын тухары хомус тыла тохтообокко хамсыырыгар кыһанаҕын. Хомус тылын ыйар тарбаҕыҥ сүһүөҕүнэн таарыйан сүрүн охсууну оҥороҕун. Ол кэмҥэ хомус тыла сыҥаах ис иэдэһин икки ардынан ааһар салгыны быһыта охсон, дорҕоону үөскэтэр. Дорҕоону күүһүрдэргэ уоскун хомус сыҥааҕын тас иэдэһигэр сыһыары тутаҕын. Сүрүн дорҕоону бастаан таһаарарга тылгын хомус тыла хамсыырын мэһэйдээбэт курдук тутан баран, уҥа илииҥ ыйар тарбаҕын ортоку сүһүөҕүн хомус тылын чыычааҕар тириигин. Онтон тоҥоноххун хамсаппакка эрэ, бэгэччэккин уҥа санныҥ диэки хомус тыла төлө барар гына эргитэ тардаҕын. Хомус тыаһа уһуурун туһугар тылгын хамсаппакка эрэ салгыны аргыый эҕирийэҕин.
Охсуу арааһа. Сүрүн охсуу. Бэгэччэккин босхо ыытан баран сүһүөҕүн тула эргичитэн охсоҕун. Тоҕоноҕуҥ хамсаабат. Уҥа илииҥ ыйар тарбаҕын сүһүөҕэ хомус тылын илин өттүттэн таарыйан ааһар. Охсуу күүһэ, түргэнэ, тэтимэ оонньуур музыкаҕар сөп түбэһэр. Хомус тылын кэлин өттүттэн таарыйар охсуу төттөрү охсуу дэнэр. Төттөрү охсууга хомус тыаһа улаханнык уларыйбат да буоллар, охсуу арааһыгар киирэр. Охсуу бу икки арааһын олбу – солбу туттары төттөрү – таары эбэтэр хардары – таары охсуу дэнэр. Охсуу биир суол арааһыгар бэгэччэги хамсаппакка эрэ, тарбаҕы уларыта сылдьан ойоҕостон охсууну киллэриэххэ сөп. Маннык охсорго тойон эрбэххин чабырҕайгар сыһыаран баран, хомус тылын тарбахтаргын солбуһуннара сылдьан охсоҕун. Бу көрүҥ ат туйаҕын тыаһын үтүктэргэ сөп түбэһэр.
Тыыныы арааһа. Ооньуу туран тыыныы сүрүн көрүҥэ салгыны эҕирийии буолар. Эҕирийии эмиэ араастаах. Биир охсуу кэмигэр биирдэ сыыйа уһуннук эҕирийдэххэ, хомус тыаһа биллэ уһуур. Биир охсууга икки, үс, элбэх төгүл кэрчиктээн эҕирийиэххэ эмиэ сөп. Маннык ньыманы сатаатахха, хомус тыынын өссө уһатыахха, тыаһын да уларытыахха сөп. Түргэн тэтиминэн оонньуурга өрөһө былчыҥын күүрдэн, хамсатан тыынар наада. Хомус табыллан оҥоһуллубут буоллаҕына, охсубакка эрэ аҥаардас эҕирийэн да дорҕоон таһаарыахха сөп. Салгыны эҕирийии күүһэ, түргэнэ хомус тыла хамсыырыгар сөп түбэһэрэ наада. Эмискэ эбэтэр олус күүскэ эҕирийдэххэ, хомус тыла тохтоон хаалыан сөп. Ол иһин оонньуу туран хомус тыаһын сатаан истиэххэ наада. Оонньуу туран муннугунан тыыныы диэн туспа көрүҥ баар. Маннык тыынарга мурун көҥдөйө аһыллан, мурун дорҕооно диэн ааттаах хос дорҕоон үөскүүр. Хомус тыынын муҥутаан улаатыннарарга иһинэн тыыныы туһалыыр. Искин барытын хамсатан, салгыны түргэн – түргэнник аҕылаан эрэр курдук төттөрү – таары хачайдаатаххына, хомус тыаһа улаатар, күүһүрэр.
Уоһу хамсатыы. Оонньуур кэмҥэ уоһуҥ аһаҕас буоллаҕына, салгыны хачайдыыр, салгын хамсыырын туһанар ыарахан. Уоскун астаххына хомус тыаһа мөлтүүр, саптаххына күүһүрэр. Онон тыынар кэмҥэр уоһуҥ хомус тыла хамсыырын мэһэйдээбэт эрэ гына сабыылаах буолуохтаах. Уоһу хамсатыыны тыыныы арааһын кытта сатаан холбоотоххо, элбэх атын дорҕоону оҥоруохха сөп. Биир охсуу кэмигэр уоһу аһа – аһа сабан, онно сөп түбэһиннэрэн салгыны эҕирийэн, хомуһу ырыа тылын сүһүөҕүн аайы охсору солбуйуллар.
Дорҕоону уларытыы. Биир тыллаах хомус биир эрэ нотанан оонньуур, ону сүрүн дорҕоон дэнэр. Сүрүн дорҕоон хомус тылын бэйэтин тыаһа буолар. Саамай намыһах дорҕоон «о» дорҕоону саҥарар курдук тутуннахха тахсар, айах иһэ муҥутаан кэҥиир, тыл кэлин балаһыанньаҕа турар. Саамай үрдүк дорҕоон «и» дорҕоон балаһыанньатыгар тахсар, айах иһэ муҥутаан кыччыыр, тыл инники турар. Бэлэһи сабан туран тылы, уоһу хамсаттахха эмиэ араас хос дорҕоон үөскүүр. Күөрэгэйдэтии өбүгэ саҕаттан билиҥҥэ диэри сахаҕа киэҥник тарҕаммыт, хомусчут эрэ барыта сөбүлүүр ньымата. Күөрэгэй ырыатын үтүктэргэ, тылгын «ый-ый-ый» диир курдук тутаҕын уонна түргэнник иннин-кэннин диэки хамсатаҕын. Хаастатыы эмиэ былыргы ньыма. Хаас саҥатын үтүктэргэ тылгын күөрэгэйдэтии курдук хамсатаҕын, ол гынан баран бу сырыыга тылыҥ төбөтүн таҥалайгар таарыйа-таарыйа төттөрү – таары хамсатаҕын, араара-араара сыһыараҕын. Мурун дорҕооно, бэлэс дорҕооно диэн баар. Бэлэс дорҕооно бэлэһи араастаан хамсаттахха үөскүүллэр. Мурун дорҕоонноро киһи салгыны муннунан эҕирийэр кэмигэр мурун көҥдөйүгэр үөскүүллэр. Уоскун хомус тылын тохтотор курдук тутан баран, төттөрү оҕустаххына, кылгас эрээри дьикти табыгыр диэн дорҕоон үөскүүр. Сааскы таммах түһэр тыаһын итинник үтүктэллэр.
Ол курдук бу үөһэ этиллибит ньымалары баһылаатахха, оонньооччу барыта дьаныһан туран дьарыктанар буоллаҕына, саҥаттан саҥа ньыманы арыйан, хомус музыкатын муҥура суох байытыан сөп. Хомус тардыытын техникатын учуутал сатыыр, баһылаабыт буоллаҕына, оҕолорго кыайан тиэрдэр, үөрэтэр дии саныыбын.
2.2. Сахалыы хомус тардыытын төрүт үгэстэрэ.
Өбүгэ саҕаттан билиҥҥэ диэри сахаҕа киэҥник тарҕаммыт хомуска үгэс буолбут ньымалар бааллар.
Сыыйа тардыы.
Былыргылыы сыыйа тардан оонньооһун билигин наһаа тарҕамматах, сүтэн эрэр көрүҥ. Сыыйа тардыыга хомус тыаһа сүттэр-сүппэккэ, симэлийдэр-симэлийбэккэ, тохтоотор-тохтообокко кутуллар. Хомус тыына уһаатар уһаан, тойуга кэҥээтэр кэҥээн, иэйиитэ дириҥээтэр дириҥээн иһэр. Сыыйа тардан оонньуур хомусчут тойугу тута айан толорооччу (импровизатор) буолар, онон кини үксүгэр ырыатын тыла иһиллэр гына оонньуур. Кини сыыйа тардан туран, хомуһун кытта тэбис-тэҥҥэ долгуйар, дууһата оонньуур. Сыыйа тардыы диэн хомусчут дууһата тугу диирин хомуһунан тойу оҥорон, тыла иһиллэр гына туойара буолар. Бу көрүҥү хомуһу олох доҕоро оҥостубут, үөрүүлэрин-хомолтолорун үллэстибит дьон тутталлар. Сыыйа тардыыга үксүкэр охсуу арааһа туттуллубат, наар инниттэн, арыт төттөрү – таары охсуллар. Ол оннугар хомус тылын этигэнэ, онно уус иҥэрбит хомуһуна толору туһаныллар. Хомуска былыргылыы сыыйа тардыы саамай судургута дьон-сэргэ билэр ырыатын тыла иһиллэр гына оонньооһун буолар. Хомусчут ырыа сүһүөҕэр сөп түбэһиннэрэн хомус тылын охсор, ол кэмҥэ дорҕоон таһаарбакка эрэ тылын, бэлэһин саҥаран эрэрдии хамсатар. Оччоҕуна ырыа мелодията, табыллыннаҕына тыла кытта иһиллэр курдук хос дорҕооннор үөскүүллэр. Ол иһин саха хомуһа этигэн хомус диэн ааттанар. «Биэ-биэ-биэ» сыыйа тардыы саамай судургу көрүҥэ ханна да киирии, саҕалааһын чааһа буолар. Сыыйа тарда туран, саҥа таһааран тойук туойуохха эмиэ сөп.
Күөрэгэйдэтии ньымата.
Күөрэгэйдэтии өбүгэ саҕаттан билиҥҥэ диэри сахаҕа киэҥник тарҕаммыт, хомусчут эрэ барыта сөбүлүүр ньымата. Күөрэгэй ырыатын үтүктэргэ, тылгын «ый-ый-ый» диир курдук тутаҕын уонна түргэнник иннин-кэннин диэки хамсатаҕын. Маҥнай үөрэнэргэ тылгын биир охсуу устатыгар хамсатаҕын. Кэлин үөрэнэн истэх аайы охсуу тэтимин уларыта сылдьан, күөрэгэй ырыатын үтүктэллэр.
Хаастатыы ньымата.
Хаастатыы эмиэ былыргы ньыма. Хаас саҥатын үтүктэргэ тылгын күөрэгэйдэтии курдук хамсатаҕын, ол гынан баран бу сырыыга тылыҥ төбөтүн таҥалайгар таарыйа-таарыйа төттөрү – таары хамсатаҕын, араара-араара сыһыараҕын.
Бу үс үгэс буолбут ньыманы хомуска оонньуурга маннык охсуу ньымаларын туһаныахха сөп:
Наар охсуу.
Хардарыта охсуу.
Ытыһынан охсуу.
Тарбах араас охсууларын уо.д.а.
Оҕону сахалыы хомус тардыытын төрүт үгэстэригэр үөрэтии.
Хомуска ыллын да үөрэтэн, оонньоон киирэн барбаккын, туох барыта билсиһииттэн, киирии уруоктартан саҕаланар. Мантан сиэттэрэн, оҕону хомуска үөрэтэрбэр маннык былаан оҥорбутум.
Үөрэтии түһүмэхтэрэ Үөрэтии ис хоһооно Чааһа
І. Билсиһии. 1. Хомус – музыкальнай инструмент. 1
2. Саха хомуһун араастара. 1
3.Хомус сүрүн чаастара. Аан дойду хомустара. 1
4.Хомус уустара. 1
5.Хомусчуттар. 1
6.Тыыныы ньымалара. 1
ІІ. Хомуска оонньооһун үгэс буолбут ньымалара. 1.Үгэс буолбут ньымалар. Сыыйа тардыы. 1
2.Хаастатыы ньымата. 1
3.Күөрэгэйдэтии ньымата. 1
4.Кэлин киирбит ньымалар. Табыгыр. 1
5.Кэҕэлэтии ньымата. 1
6.Көҥкөлөйдөтүү. 1
7.Мурун дорҕоонун таһаарыы. 1
ІІІ. Охсуу ньымалара. 1. Охсуу ньымалара. Наар охсуу. 1
2. Хардарыта охсуу. 1
3.Илии араас охсуулара. 1
4.Ытыһынан охсуу. 1
5.Тарбах араас охсуулара. 1
ІV. Хомус тардыыга дьарык. 1.Хомусчуттар. Тас эйгэни көрүү-истии. 1
2.Норуот ырыаларын үөрэтии. 3
3.Норуот ырыаларынан дьүһүйүү. 3
4.Матыыбы тэҥҥэ охсуу. 4
5.Хомуска хоһуйуу. 5
Күһүҥҥүттэн маннык барылынан үөрэтэн баран түмүктэри оҥордум:
алын кылаастар саҥа саҕалаан эрэр оҕолор үөрэҕи ылыналлар, кыһаллан барытын оҥоро сатыыллар;
улахан оҕолор көрүҥү барытын, араас охсууга, ньымаҕа үөрэннилэр, сатаатылар.
наһаа кыһаллар, баҕалаах оҕолор бааллар.
Биһиги оскуола «Дьөһүөл» бырайыагынан үлэлиибит. 7 кылаас оҕолоро быйыл күһүн Төҥүлүгэ бараммыт бэйэлэрин саастыылаахтарыттан хомуска үөрэнэн, элбэҕи билэн-көрөн кэлбиппит. Оҕо оскуоланан эрэ билиитэ муҥурдаммат, кини тас эйгэттэн, түөлбэттэн, олохтоох маастардартан, дьиэ кэргэнтэн туһалаах сүбэлэри, элбэх билиини-көрүүнү, уопуту ылаллар. Оскуолаҕа төрүт култуура нэдиэлэтигэр хомус күнүн оҥорбуппут. Онно 7 кылаас оҕолоро алын кылаас оҕолорун ким баҕалааҕы хомуска үөрэппиттэрэ, тыыныы ньымаларын, сыыйа тардыыны көрдөрбүттэрэ. Оҕо учууталтан эрэ буолбакка, оҕо оҕоттон үөрэниитэ быдан ордук туһалаах.
Оскуолаҕа алын уонна 7 кылаас оҕолоругар нэдиэлэҕэ 1 чаас хомуска кылааһы таһынан дьарык ыытабын. «Хомус» кылааһы таһынан дьарыкка сылга 34 чаас көрүллэр. Бастакы кылааска – 3 оҕо, иккис кылааска – 3 оҕо, үһүс кылааска – 4 оҕо, төрдүс кылааска – 4 оҕо, уопсайа алын кылааска хомуска – 14 оҕо дьарыктанар. Орто уонна улахан сүһүөх оҕолоруттан 7 кылаас оҕолоро – 12 оҕо хомуска дьарыкка сылдьаллар. Хомуска уопсайа – 26 үөрэнээччи баҕа өттүнэн дьарыктанар. Бу сыл саҥа саҕалаан эрэр дьарыкпыт буолар. Ол да буоллар быйыл кэккэ ситиһиилэннибит. Уус – Алдан Тулунатыгар буолбут саҕалаан эрэр хомусчуттарга анаан 1 региональнай «Хомус кырдала - 2016» диэн күрэххэ Захарова Иванна 4 кылаас үөрэнээччитэ 1 таһымнаах Лауреат үрдүк аатын ылары ситиспитэ. Улууспутугар Майаҕа буолбут «Хоровод дружбы» фольклорнайга фестивальга баран ситиһиилээхтик кыттан кэлбиппит. Маны таһынан, саамай улахан ситиһиибит, Дьокуускай куоракка буолбут VІ Республиканскай «Өбүгэ быстыбат ситимэ» диэн фольклорнай фестивальга 7 кылаас оҕолоро 3 таһымнаах Лауерат үрдүк аатын ылбыттара. Захарова Иванна, 4 кылаас үөрэнээччитэ, хомуска соҕотох толорууга «Кэрэхсэбиллээх толорооччу» анал аат буолары ситиспитэ.
Түмүк
Түмүктээн эттэххэ, хомус киһи иэйиитин уһугуннарар, сатаан тыынарга үөрэтэр, хомус эмтиэн эмиэ сөп. Бу күһүҥҥэттэн алын уонна орто сүһүөх оҕолорун үөрэтэн бараммын маннык түмүктэри оҥоруохпун сөп: 1. Алын кылаас оҕолоро саҥа саҕалааччылар буоланнар, интэриэс аҕыйах эрээри, дьарыктаныан баҕарар оҕолор син бааллар. 2. Орто сүһүөх оҕолоро бу күһүҥҥэттэн үөрэтэр үгэс буолбут ньымалары, охсуу араас ньымаларын, матыыбы тэҥҥэ охсууну сатыыр буолан эрэллэр. Арай, хомуска хоһуйуубут билигин соччо кыаллыбат. Манан түмүктээн эттэххэ, оҕолор хомуска дьарыктанан элбэҕи биллилэр-көрдүлэр, күрэхтэргэ кыттаммыт кэккэ ситиһиилэрдээхпит. Оҕо баҕалаах буоллаҕына, хомуска оҕону үөрэтии учууталга санаатын кынаттыыр, айыан-тутуон баҕарар буолары ситиһэр. Хомуска оонньуур оҕо, мин санаабар, сахалыы тыынннаах, бэйэтин норуотунан киэн туттар, иитиилээх оҕо буола улаатыа диэн бигэ эрэллээхпин.
Туһаныллыбыт литература:
Шишигин С.С. Хомус тардыыта. /Төрүт култуура учууталыгар көмө/. – Покровскай, 1994.
Шишигин С.С. Хомус тарда үөрэниҥ = Учитесь играть на хомусе . – Дьокуускай: РИО медиа-холдинга, 2015. – 56 с.
Шишигин С.С. Кулаковскай уонна хомус. – Якутск: Бичик, 2004. – 72 с
Чахов А.И. Саха былыргы музыкальнай инструменнара. – Дьокуускай: Бичик, 1993.