тематика инструктажей для учащихся начальных классов национальная школа


МБОУ «Тебюляхская средняя общеобразовательная школа»
АЛЫН СҮҺҮӨХ
ОҔОЛОРУГАР СЭРЭХТЭЭХ
БУОЛУУГА ЫЫТЫЛЛАР
ИНСТРУКЦИЯЛАР
Кылаас салайааччыта Кириллина Е.П.
п. Чумпу-Кытыл 2013
Алын кылаас оҕолоругар сэрэхтээх буолууга инструктаж темалара
Инструктаж Инструктаж тематаХаста оҥоһуллара, журнал толоруллуута№ 1 Оскуолаҕа сылдьыы бэрээдэгэ: уруок иннинэ, переменаҕа, уруоктарга, үөрэх кэнниттэн. Хас чиэппэр саҕаланыыта
№ 2 Баһаартан сэрэхтээх буолуу. Чиэппэргэ биирдэ
№ 3 Электрическай уоттан оскуолаҕа, дьиэҕэр, уулуссаҕа сэрэхтээх буолуу. Чиэпэргэ биирдэ
№ 4 Уулуссаҕа, суолга сэрэхтээх буолуу. Чиэппэргэ биирдэ
№ 5 Тыаҕа сылдьан сэрэхтээх буолуу (поход иннинэ). Поход иннинэ
№ 6 Экскурсия кэмигэр сэрэхтээх буолуу. Экскурсия иннинэ
№ 7 Кылааска, оскуолаҕа буолар мероприятияларга сылдьыы бэрээдэгэ. Мероприятие иннинэ№ 8 Күөлгэ, үрэххэ, өрүскэ сэрэхтээх сылдьыы бэрээдэгэ (уу кытыыта, ууга, мууска күһүҥҥү, кыһыҥҥы, сааскы уонна сайыҥҥы кэмҥэ) Чиэппэргэ биирдэ уонна бириэмэтэ кэллэҕинэ№ 9 Каникул кэмигэр сэрэхтээх буолуу (уулуссаҕа, дьиэҕэ). Каникул иннинэ№ 10 Саҥа дьыллааҕы мероприятиялар кэмнэригэр сылдьыы бэрээдэгэ. Саҥа дьыллааҕы мероприятиялар иннилэринэ№ 11 Инфекционнай ыарыы кэмигэр (ис ыарыыта, грипп араас көрүҥнэрэ уо.д.а) Саас, күһүн, кыһын сөптөөх бириэмэтигэр№ 12 Айылҕа өттүттэн ыксаллаах быһыы-майгы буоллаҕына (күүстээх тыал, намыһах температура, эмискэ сылытыы уо.д.а.) Сөптөөх бириэмэни көрөн№ 13 Травмаланар түгэҥҥэ тутта-хапта сылдьыы Чиэппэр аайы№ 14 Оскуолаттан эвакуацияланар түгэҥҥэ тутта-хапта сылдьыы Чиэппэр аайы№ 15 Криминалтан сэрэхтээх буолуу Сылга биирдэ№ 16 Терроризм. Экстремальнай түгэннэргэ хайдах быһыыланыы. Сылга биирдэ№ 17 Күннээҕи режими тутуһуу Чиэппэр аайы№ 18 Ыттары көрүстэххэЧиэппэр аайы№ 19 Музейга, выставкаҕа, тэрилтэ дьиэлэригэр Эскурсия иннинэ№ 20 Общественнай сиргэ сылдьыы бэрээдэгэ Ыйга биирдэ№ 21 Телефонунан кэпсэтии быраабылалара Чиэппэргэ биирдэ№ 22 Дьиэҕэр соҕотох хааллаххына тутту-хапта сылдьыы быраабылалара Сылга иккитэ№ 23 Уруок кэннэ үлэ кэмигэр тутта-хапта сылдьыы бэрээдэгэ Үлэ иннинэИнструктаж кылгас ис хоһооно
Инструктаж темата Туох туһунан иһитиннэрии булгуччулааҕый
Оскуолаҕа сылдьыы бэрээдэгэ: уруок иннинэ, переменаҕа, уруоктарга, үөрэх кэнниттэн, остолобуойга Оскуолаҕа хаһан кэлэллэрэ, раздевалкаҕа тутта-хапта сылдьыы, звонок тыаһаатаҕына ханна сылдьаллара, переменаҕа сылдьыы бэрээдэгэ, ханна оонньуулларын, остолобуойга сылдьыы бэрээдэгэ: Аһыаҥ иннинэ илиигин суун уонна кураанахтык сотун, бэйэҥ миэстэҕэр олор, аһыы олорон кэпсэтимэ, остуолга бэрээдэги уонна ырааһы тутус, аһаан баран иһиккин хомуй уо.д.а.
Баһаартан сэрэхтээх буолуу. Оҕолор баһаарнай чаас телефонун нүөмэрин (01) билэллэрин быһаарыы. Оскуолаҕа испиискэни, зажигалканы атын умайар, эстэр сэрэхтээх маллары аҕалбаттарын өйдөтүү.
Электричествоттан сэрэхтээх буолуу. Электроприбордарынан, розетканан, выключателлэринэн сатаан туттуу быраабылатын санатыы. Электричествоны сатаан сөпкө туһаммат буолууттан туох алдьархай тахсарын билиһиннэрии. Алдьархайга түбэстэххэ сөпкө быһыыланыы, быһылааҥҥа түбэспит дьоҥҥо сөптөөх бастакы көмөнү оҥоруу уо.д.а. туһунан кэпсэтиһии
Бобуллар:
Умайа сылдьар испиискэни, табах тобоҕун дьиэлэргэ, ампаардарга быраҕыма. Уотунан оонньоомо. Тутуу аттыгар чоҕу, күлү быраҕыма. Умайа турар оһох, камин аанын аһаҕас хаалларыма. Биир розеткаҕа элбэх прибору холбоомо. Алдьаммыт аппаратураны, прибордары уокка холбоомо. Алдьаммыт розетканан туттума. Өтүүгүнэн, плитканан уонна электрическай чаанньыгана сэрэхтээхтик тутун. Аһаҕас проводтаах, электрошнурдаах тэриллэринэн туттума. Умайа турар оһоҕу мээнэ хаалларыма. Розетканы тарбаххынан да, атын предметтэринэн да хаһыма.
Элетроприбордары Самим чинить и разбирать электроприборы.
Көҥүллэнэр:
Дьиэҕин баһаартан көмүскээ. Баһаар буолар түбэлтэтигэр баһаарнай чааска биллэр. Баһаары умулларар тэриллэри туһан. Алдьархай сигналын биллэр.
Баһаар буолбут сир эвакуационнай былаанын билиэхтээххин. Улахан дьону көмөҕө ыҥырыы. Дьиэ иһэ олус буруолаах буоллаҕына сыыллан эбэтэр бөкчөйөн хаам. Умайа турар сиртэн дьону, оҕолору таһаартаа.
Эмсэҕэлээбит киһиэхэ покрываланан бүрүй.
Суолга, уулуссаҕа сэрэхтээх буолуу. Дьиэттэн тахсарга тугу өйдүөххэ нааданый. Куоракка бардахха сатыы киһи ханан сылдьыахтааҕын, суолу хайдах туоруохтааҕын туһунан сэһэргэһии. Халтараан буолуута хайдах тутта-хапта сылдьыахха, киэһэ хараҥаҕа таҥаска эбэтэр суумкаҕа сырдатар бэлиэлэр бааллара туох туһалааҕын кэпсэтиһии.
Тротуар уҥа өттүнэн хаам. Өскөтө тротуар суох буоллаҕына, суол хаҥас өттүнэн, массыына утары хаам. Суолу пешеходнай суол эбэтэр светофор эрэ баар миэстэлэринэн туораа. Светофор күөх өҥүгэр туоруугун. Суолу туоруургар бастаан хаҥас диэки көр, онтон уҥа диэки көр. Өскөтө светофор суох буоллаҕына, уулуссаны перекресток баар сиринэн туораа. Уулуссаны көнөтүк туоруугун. Массыына чугаһаабыт кэмигэр уулуссаны туораама. Суолга оонньуур олох көҥүллэммэт. Массыына айанныыр суолугар велосипедынан айаннаама.
Тыаҕа сылдьан бэрээдэктээх буолуу (поход иннинэ). Төрөппүттэргэ, оҕолорго ханна бараргытын, хаска төннөргүтүн билиһиннэрии. Мунар, хаалан хаалар түбэлтэҕэ хайдах быһыыланыахтаахтарын кэпсэтиһии. Сөптөөх таҥас-сап, астара-иһиттэрэ, аптечка ирдэнэрин билиһиннэрии. Араас киһиэхэ буортулаах маллары, уһуктаах, түргэнник умайар предметтэри аҕалбаттарын туһунан кэпсэтиһии. Уоттан сэрэхтээх буолуу, айылҕаны харыстыылларын, дисциплинэни тутуһалларын ирдээһин.
Иһэргэр уонна илиигин суунаргар ыраас ууну ылалларын, өрүстэн, күөлтэн ууну испэттэрин, билбэт оту-маһы үргээбэттэрин, айахтарыгар уктуо суохтаахтарын ирдээһин. Айылҕаны киртитэр, костеру наадата суох уматар, мастары алдьатар сатамматын өйдөтүү. Поход кэннэ тутатына дьиэлииллэрин хонтуруоллааһын, суолга сэрэхтээх буолалларын санатыы.
Экскурсия кэмигэр сэрэхтээх буолуу (сатыы, техниканан айан) Оҕолорго ханна бараргытын, хаска төннөргүтүн билиһиннэрии. Мунар, хаалан хаалар түбэлтэҕэ хайдах быһыыланыахтаахтарын кэпсэтиһии. Айылҕаны харыстыылларын, дисциплинэни тутуһалларын ирдээһин. Экскурсияҕа стройунан сырытыннарыы, Уһуктаах предметтэринэн оонньооботторун, анньыаласпаттарын, оҕолору охторботторун, муустаах хаарынан, тааһынан, араас предметтэринэн бырахсыбаттарын санатыы. Туалекка учууталтан көҥүллэтэн баран барыахтаахтарын, уулуссаттан киирэллэригэр анньыаласпакка бэрээдэктээхтик киирэллэрин ирдээһин.
Оскуолаҕа, кулуупка дискотека кэмигэр сэрэхтээх буолуу Дискотека саҕаланыытын, бүтүүтүн, ханна буоларын, дисципилиинэни тутуһалларын сэрэтии. Оонньуу, конкурс кэмигэр бэрээдэктээх буолалларын иһитиннэрии. Итирдэр утахтары иһэр, табахтыыр олох көҥүллэммэтин, уһуктаах, сытыы, умайар, эстэр предметтэри олох аҕалбаттарын ирдээһин.
Ууттан сэрэхтээх буолуу (өрүс кытыытыгар сайын) Өрүс, күөл, үрэх кытыытыгар туох алдьархай күүтэрин санатыы. Көҥүллэммит сиргэ уонна улахан дьон баар кэмнэригэр сөтүөлүүллэрин, билбэт сирдэргэр умсубаттарын – онно тимирбит мастар, таастар, силистэр баар буолуохтарын сөп иһитиннэрии. Оҕолору кытта оонньоон “тимирдэ” оонньообот-торун, сымыйа тревоганы тардыбаттарын иһиттиннэрии.
Мууска сэрэхтээх сылдьыы быраабылалара Мууска үктэниэн иннинэ, муус төһө халыҥын улахан дьоннору-нан бэрэбиэркэлэтиэххэ сөбүн, дьон барбыт суолларынан барыахтаахтарын иһитиннэрии. Сыыртан муус диэки салааска-нан, хайыһарынан түһэллэрин бобсуу, муус үрдүнэн быган турар от-мас баар сиригэр сэрэхтээх буолуохтаахтарын, сааһын уонна күһүнүн муус чараас буоларын умнубаттарын өйдөтүү.
Каникул кэмигэр сэрэхтээх буолуу Күннээҕи режими тутуһалларын, телевизоры көрөллөрүгэр, компьютерга оонньуулларыгар, үлэлииллэригэр бириэмэни тутуһалларын, оонньуурга аналлаах сирдэргэ оонньуулларын санатыы. Суол (№2), баһаартан сэрэхтээх буолуу (№6), общественнай миэстэлэргэ сылдьыы бэрээдэгин (№4), бэйэлэрин харыстаныы (№5), мууска, ууга сэрэнэ сылдьыы (№7), дьиэҕэр соҕотох хааллахтарына тутуһар (№10), кыыллары кытта тутта-хапта сылдьыы (№9) быраабылаларын тутуһалларын санатыы, өйдөтүү. Сытыы, уһуктаах, түргэнник умайар, эстэр предметтэринэн, саанан, быһаҕынан, ботуруоннарынан оонньооботторун, быраас анаабатах эмтэрин, наркотиктары, аһыы утаҕы испэттэрин, табаҕы тардыбаттарын иһитиннэрии. Кырыыһаттан түһээри турар хаартан, муустан сэрэнэллэрин, итинник дьиэлэр, тэрилтэлэр аттыларыгар оонньооботторун, тымныы күннэргэ сөптөөхтүк таҥналларын иһитиннэрии
Саҥа дьыллааҕы мероприятияларга бэйэни тутта-хапта сылдьыы бэрээдэгэ. Пиротехническэй оҥоһуктарынан сатаан туттуу быраабылатын, улахан дьон баар эрэ буоллахтарына туттуохтаахтарын иһитиннэрии. Оскуолаҕа, общественнай миэстэлэргэ пиротехническай оҥоһуктары аҕалбаттарын ирдээһин. Маассабай күүлэй кэмигэр сэрэхтээх буолалларын иһитиннэрии уо.д.а.
Инфекционнай ыарыы кэмигэр (ис ыарыыта, грипп араас көрүҥнэрэ уо.д.а) Медигы ыҥыран кэпсэтиннэриэххэ сөп Саамай тарҕаммыт инфекционнай ыарыылар тустарынан иһитиннэрии. Кинилэр хайдах тарҕаналларын, хайдах харыстаныахха сөбүн санатыы. Гигиенаны тутуһар туох үчүгэйдээҕин кэпсэтиһии. Ыарыы симптоннара, ыарыы бастакы бэлиэлэригэр хайдах быһыыланыы туһунан иһитиннэрии.
Айылҕа өттүттэн ыксаллаах быһыы-майгы буоллаҕына (күүстээх тыал, намыһах температура, эмискэ сылытыы уо.д.а.) Айылҕа өттүттэн ыксаллаах быһыы-майгы (күүстээх тыал, намыһах температура, эмискэ сылытыы) буоллаҕына хайдах харыстаныахха сөбүн билиһиннэрии. (таҥас-сап,саһар сир). Дьиэҕэ эбэтэр уулуссаҕа сылдьар буоллааххына хайдах быһыыланыахха сөбүн иһитиннэрии. МЧС туһунан иһитиннэрии.
Травмаланар түгэҥҥэ тутта-хапта сылдьыы Быһылааҥҥа түбэспит киһи уонна кини аттыгар баар киһи хайдах быһыыланыахтаахтарын, кимиэхэ тугу хайдах иһитиннэриэхтээх-тэрин, оскуолаҕа медицинскэй кабинет, аптечкалар ханна баалларын билэхтээхтэрин ситиһии.
Оскуолаттан эвакуацияланар түгэҥҥэ тутта-хапта сылдьыы Эвакуация былаана, запасной тахсыы ааннара,огнетушителлэр, сигнальнай кнопкалар ханна баалларын көрдөрүү. Оскуолаттан эвакуацияланыы быраабылатын билиһиннэрии, эвакуация кэмигэр диссипилиинэни тутуһалларын, хас биирдии оҕо тугу гыныахтааҕын, ханна мустуохтаахтарын санатыы, өйдөтүү...
Криминалтан сэрэхтээх буолуу Криминальнай характердаах куттал туһунан билиһиннэрии. Билбэт дьонноргун кытта хайдах тутта-хапта сылдьыахтааҕын иһитиннэрии:
- Өскөтө уулуссаҕа эн кэннигиттэн билбэт киһиҥ эккирэтэн хаамар эбэтэр сүүрэр буоллаҕына, оттон дьиэҕэр диэри ыраах буоллаҕына чугас элбэх киһилээх сиргэ бар: маҕаһыыҥҥа, автобус тохтобулугар.
- Билбэт дьонуҥ эйиигин күүстэринэн илдьэ сатаатахтарына улаханнык хаһытаа, көмөҕө ыҥыр: "Көмөлөһүҥ! Миигин билбэт киһим илдьэ баран эрэр!"
- Билбэт дьонуҥ этиилэрин кытта сөпсөһүмэ.
- Билбэт дьоҥҥун кытта онно-манна барсыма, массыыналарыгар олорсума.
- Дьоммор харчылара элбэх диэн хаһан да киһиргээмэ, кэпсэнимэ.
- Дьиэҕэр улахан киһи суох буоллаҕына атын билбэт оҕолоргун ыҥыртаама.
- Таһырдьа хараҥардаҕына оонньуу тахсыма
Телефон доверия нүөмэрин билэллэрин ситиһии.
Терроризм. Экстремальнай түгэннэргэ хайдах быһыыланыы. Мээнэ сытар быраҕыллыбыт пакеты, суумканы, коробканы көрдөххүнэ улахан дьоҥҥо биллэрэр туһунан иһитиннэрии. Кутталлаах түгэннэр буоллахтарына бэйэни хайдах быһыыланыы туһунан иһитиннэрии…
Күннээҕи режими тутуһуу Оскуола оҕотун күннээҕи режимин тутуһалларын ирдээһин. Ханна сырытталлар (оскуолаҕа, дьиэҕэ, уулуссаҕа, общественнай миэстэлэргэ) болҕомтолоох, сэрэхтээх буолалларын бэлиэтээһин. Доруобуйаларын көрүнэ, аһара сылайбакка, чөл олоҕу тутуһалларын санатыы.
Ыттары көрүстэххэМаннык түбэлтэҕэ хайдах быһыыланыахха сөбүн иһитиннэрии:
Ыт кутуругунан оонньоотоҕуна үөрэр дии санаама. Сороҕор кыыһырдаҕына эмиэ кутуругун хамсатар. Ыты уун утары хараҕын көрөн туран мичээрдээмэ. Ыт күүстээҕин көрдөрөр диэн эйиэхэ түһүөн сөп. Ыкка куттаммыккын, долгуйбуккун биллэримэ. Биллэҕинэ эйиэхэ түһүөн сөп. Ыттан куотума. Кэннигиттэн эккирэтиэн сөп. Билбэт ыккын аһатыма уонна аһыы турар эбэтэр утуйа сытар ыты имэрийимэ. Улахан ыттарга чугаһаама. Сорох улахан ыттары хаһаайыттара билбэт дьоҥҥо түһэргэ үөрэтэллэр. Ыт оҕолорун тыытыма, ыт оонньуу сылдьар малын былдьаһыма. Ыттаах киһи иһэр буоллаҕына туораан биэр. Кыыллар араас сыстыганнаах ыарыылары (бешенство, лишай, чума, тиф уо.д.а.) тарҕаталларын умнума.
Музейга, выставкаҕа, тэрилтэ дьиэлэригэр
Чуумпутук, бэйэҕин холкутук, тутта сылдьыахтаахтарын, болҕомтолоох, сыала суох төттөрү-таары хаамыталаабат буолалларын ирдээһин. Ыйытыыта суох предметтэри тыыппаттарын, улаханнык кэпсэтиэ суохтаахтарын, үлэһит кэпсээнин иһин махтаналларын умнубаттарын санатыы.
Общественнай сиргэ сылдьыы бэрээдэгэ
Маннык иһитиннэрии оҥоруохха сөп:
Уулуссаҕа олус улаханнык кэпсэтэр, хаһыытыыр, күлэр сүөргү (неприлично). Уулуссаны киртитимэ: семечкэҥ хаҕын, кэмпиэтин суутун, кумааҕыны, ас тобоҕун быраҕыма. Кинотеатрга, кулуубка сылдьар кэмҥэр айдаарыма, сүүрэкэлээмэ, оонньоомо.
Киинэ, кэнсиэр көрө олорон атын көрөөччүлэргэ мэһэйдээмэ, устуулу тыаһатыма, иһииримэ, атаххынан тиҥилэхтээмэ.
Залга киирэргэр анньыһыма, ыксаама. Эйэҕэс буолуҥ.
Телефонунан кэпсэтии быраабылалара Билбэт дьоҥҥор аадырыскын, дьиэҥ нүөмэрин этимэ. Телефон оонньуур буолбатах. Наадаҕын эрэ кэпсэтэргэр тутун
Дьиэҕэр соҕотох хааллаххына тутту-хапта сылдьыы быраабылалара
Үчүгэйдик билэр эрэ киһиэгэр ааҥҥын арый. Дьиэҥ күлүүһүн ханна уураргытын атын дьоҥҥо кэпсээмэ.Дьиэҥ күлүүһүн сүтэрдэххинэ тутатына төрөппүттэргэр эт.
Уруок кэннэ үлэ кэмигэр тутта-хапта сылдьыы бэрээдэгэ иннэни кытта үлэ кэмигэр
Иннэни игольницаҕа уга сырыт. Үлэлиир миэстэҕэр иннэни саба суох хаалларыма. Иннэҕин уларсар буоллаххына игольницаҕа уган баран эбэтэр саптаах иннэни уларыс.Иннэни айаххар уктума, иннэнэн оонньоомо.
Иннэни таҕаскар анньыма. Үлэ иннинэ уонна кэнниттэн иннэҥ ахсаанын бэрэбиэркэлээ. Игольницаны наар биир миэстэҕэ уура сырыт. Иннэнэн үлэлиир кэмҥэр аралдьыйыма.
кыптыыйы кытта үлэ кэмигэр
Үчүгэй туруктаах кыптыыйынан үлэлээ. Кыптыый тумса уһуга суох, сыппах буолуохтаах. Кыптыыйы аһаҕас туруктаах хаалларыма. Кыптыыйы уларсаргар тутааҕынан биэр. Кыптыыйынан оонньоомо, сирэйгэр чугаһатыма. Кыптыыйынан кырыйаргар эрэ туһан.
Хас биирдии оҕо киниэхэ ыарахан туһааннаах кэмҥэ кимтэн, ханнык тэрилтэттэн көмө көрдүүрүн билиэхтээх. Ол туһунан оҕоҕо өйдөтө, саната сылдьыллыахтаах. Оҕо экстреннай службалар телефоннарын нүөмэрин билиэхтээх.