Публикация по якутскому языку на тему Тылы таба суруйуу ньымалара
Тылы таба суруйуу ньымалара.«Тыл – норуот саамай улахан, күндү, тыын суолталаах баайа. Ханнык баҕарар киһи хайа омук буоларын кэрэһэлиир биир бэлиэтинэн төрөөбүт ийэ тыл буолар, ” – диэн Ю.И. Васильев “Төрөөбүт тылы үөрэтии тупсарын туһугар” ыстатыйатыгар олус сөптөөхтүк бэлиэтээбитэ.
Төрөөбүт норуот тыла-өһө, култуурата, суруга-бичигэ салгыы сайдарыгар, өбүгэ үгэстэрин үйэтитэр үтүө көлүөнэ үөскүүрүгэр тылы билии, кини тыыныгар оҕону иитии улахан суолталаах. Онон саха тылын баайын киһи эмискэччи билэр, баһылыыр кыаҕа суоҕун быһыытынан, үөрэнээччи тылы-өһү билэргэ мэлдьи үөрэниэхтээх. Саха тылын учууталлара (Барашкова С.К., Борисова М.Н., Матвеева Т.К., Пестерева Е.Н, Филиппова М.Е.) бэлиэтииллэринэн, оҕо төрөөбүт тылынан кэпсэтэр кыаҕын, баҕатын маҥнайгы олугун төрөппүттэр уураллар. Онтон кыра киһи оҕо тэрилтэтигэр киирдэҕинэ, дьааһыла, уһуйаан иитээччилэрэ, оскуолаҕа – учууталлар иҥэрэллэр.
Оскуолаҕа билиҥҥи кэмҥэ, биир кыайтарбатах боппуруоһунан (проблеманан) таба суруйуу буолар. Саха тыла саҥарылларын курдук суруллар,саҥарылларын курдук ааҕыллар тутуллаах тылга киирэр. Оҕо тыл дорҕоонун сатаан арааран истибэт буолан эбэтэр тылы таба саҥарбатыттан кыайан суруйбат, оччоҕо элбэх алҕас үөскүүр.
Оҕо дорҕоону сатаан саҥарбат биир биричиинэтэ, билиҥҥи төрөппүт үксүгэр оҕотун кытта кэпсэппэт, эбэтэр ааһан иһэн кэпсэтэр түгэнэ элбэх. Төрөппүт оҕото кыратыгар хайдах саҥарарыгар болҕомтотун уурбатаҕына, сыыһа саҥарбытын көннөрбөккө хаалыан сөп Оччоҕо оҕо тылын дорҕооннорун сыыһа, бэйэтэ хайдах истэринэн саҥарар буолар, оҕолор кыайан саҥарбат дорҕоонноро элбиир. Онон утары көрдөрөн, улахан дьон оҕо сыыһа саҥарар дорҕоонун тута көннөрөргө кыһаныахтаахтар. Оччоҕо биирдэ эрэ оҕо сөпкө саҥарар, дорҕоону арааран истэр буолар. Оҕо да улахан да киһи дорҕоону истэригэр хараҕынан көрөн көмөлөһүннэрэр. Киһи саҥатын сатаан истибэтэххинэ, кини уоһун – тииһин хайдах туттарын көрөҕүн, атын сир диэки хайыһан турар киһи саҥарар дорҕоонун киһи кыайан араарбат. Онон, дорҕоону таба саҥарарга төрөппүт бастаан үөрэтэр.
Салгыы уһуйааҥҥа дьарыктыыллар. Саҥарыы тыыныыттан улахан тутулуктаах. Онон оҕону сөптөөхтүк тыынарга дьарыктаан, саҥарар саҥата тупсарыгар, этэ-хаана уһуктарыгар араас эрчиллиилэри оҥорор туһунан иитээччилэр ыйаллар. Холобур, кыыл саҥатын үтүктүү ньымата. Уһуйаан иитээччитэ эбэтэр төрөппүт: “Ынах туох диирий?” - диэн боппуруоска оҕо “Маа ” диэн ынах маҥырыырын үтүктэн саҥа таһаарыахтаах. Эбэтэр ыт туох диирий, диэн ыйытыкка р-р-р-р - диэн үтүктүөхтээх. Онно кини тыынарга эрчиллэрин таһынан, билиитин кэҥэтэр, араас дорҕоон тахсар ньыматын истибитин, көрбүтүн бэлиэтэ буолар.
Уопуттаах иитээччилэр эрчиллии көрүҥэр “үрүүнү” араастаан туһаналлар. Холобур, “сибэккини үрүү”, “ тыал”, “тустууктар”, “куба түүтүн көтүтүү” уо.д.а. Бу эрчиллиилэр оҕо салгынын сөпкө эҕирийиитигэр уонна сөпкө тыынан дорҕоону саҥаран таһаарарыгар туһалааҕын бэлиэтииллэр. Ону таһынан, кыра оҕоҕо араас хартыыналаах кинигэни көрдөрө олорон, элбэхтик саҥартахха, тыаһы үтүгүннэрдэххэ, таабырыны таайтардахха, остуоруйа кэпсэттэрдэххэ оҕо тылын имитэн, саҥарар дьоҕурун тэҥэ, тобулар толкуйун сайыннарыллар.
Оҕо уһуйааҥҥа дьарыктанар кэмигэр, улахан биричиинэтэ суох буолла5ына, сыыһа саҥарар дорҕооннорун көннөрүөххэ сөп, диэн уһуйаан иитээччилэрэ уонна логопедтар этэллэр. Оҕо анал дьарыкка сылдьан, элбэхтик ыллыырга, хоһоон ааҕарга үөрэннэҕинэ, саҥата-иҥэтэ чуолкай, бэйэтин үөлээннээхтэрин ортолоругар актыыбынай буолар. Бу кэмҥэ төрөппүттэр уонна уһуйаан иитээччилэрэ оҕону төрөөбүт тылын эйгэтигэр сыһыаран, сахалыы төрөөбүт тылынан саҥарда, кэпсэтэ сылдьыахтаахтар. Ол эрээри, төрөппүт баҕатын хоту оҕотун сахалыы уһуйааҥҥа, курууппаҕа ылбатахтарына, кыһалҕаттан оҕо нууччалыы эйгэҕэ көһөн, дөбөҥнүк нууччалыы саҥарар буолар. Бу - куоракка олорор төрөппүт сүрүн кыһалҕата. Оттон дьиэлэригэр төрөппүттэрэ оҕолорун кытта нууччалыы эрэ кэпсэтэр буоллахтарына, бу оҕо бэйэтин төрөөбүт тылыттан тэйэн, тылы-өһү билбэт, кэпсэппэт буоларыгар тиийэр. Итинник түбэлтэҕэ Дьокуускай куорат “Родничок” уһуйаан иитээччилэрэ (Охлопкова М.Н., Егорова В.Е.) сүбэлииллэринэн, икки тылынан (нууччалыы - сахалыы) тэҥҥэ саҥарар оҕону үөрэтэргэ, төрөппүттэр оҕоҕо быраабыла олохтоон саҥарда үөрэтиэхтээхтэр. Ол курдук, уһуйааҥҥа нууччалыы, оттон оҕо дьиэтигэр сахалыы саҥарарын ирдиэхтээхтэр.
Оҕо оскуолаҕа киирбитин кэннэ, доруобуйатын туругун кэтээн көрдөххө, саҥарар аппараата мөлтөх уонна куһаҕаннык истэр эбэтэр мөлтөхтүк көрөр оҕо тыл дорҕоонун кыайан араарбат буолар. Онон сүрүн, болҕомтону дорҕоону хайдах саҥарарыгар ууран олохсуйар кутталлаах сыыһалары туоратар үлэ ыытыллар. Оттон саҥарарын ыарырҕатар, көмөҕө наадыйар оҕо кыбыстыбакка саҥарарыгар, ааҕарыгар, суруйарыгар уонна тылын баайа сайдарыгар улахан болҕомтону уурар наадалааҕын учууталлар бэлиэтииллэр. Кылааска оруолунан ааҕыы, остуоруйаны туруоран оонньотуу, оҕо тылын-өһүн чочуйар, өйгө хатыыр, артыыстыыр дьоҕурун сайыннарыыга уонна оҕо кэлэктиипкэ кыттыһарыгар туһалыыр. Кэпсэтэргэ миимикэни сайыннарарга “тыла суох” эрчиллии туттуллар. Бу эрчиллиигэ саҥарбакка эрэ, бэриллибит тылы эбэтэр кумааҕыга суруллубут этиини таайтарарга ис туругу, иэйиини, сирэйи араастаан туттан көрдөрүү киирэр. Холобур, “тугу аҕаллыҥ?” – бу этиигэ киһи ис туругун, иэйиитин быһаарыллыахтаах, ааҕыллыахтаах. Барашкова С.К. бэлиэтииринэн, өссө биир интэриэһинэй эрчиллиигэ киирэр биирдиилээн тыллары араас интонациянан иэйиилээхтик саҥарыы. Холобур, “Көр”, диэн тылы оҕо (көрдөһөн, элэктээн, соруйан, итэҕэтэн, мөҕөн) саҥарыыта тыл сүмэтин, интонациятын билэргэ үөрэтэр. Онон таба суруйуу хайдах саҥарартан улахан тутулуктаах.
Оҕо дорҕоону сатаан саҥарбат уонна сыыһа суруйар иккис биричиинэнэн, техническай прогресс үйэтэ кэлэн, тылы таба суруйууга улахан уустуктары үөскэтэр диэн үгүс учуутал бэлиэтиир. Ол курдук, көмпүүтэр, интернет, бассаап уонна араас социальнай ситимнэр үөдүйүөхтэриттэн тылы кылгатан саҥарыы, суруйуу баар буолла. Билигин, тылы кылгатыы биричиинэтэ уһун тыллары суруйарга элбэх бириэмэ барар диэн, оҕо-аймах уонна улахан да дьон тылы кылгатан суруйар буоллулар. Холобур, “бо”, “бта”, “боло”, “индинда” о.д.а. тыллары кылгаталлар. Эбэтэр, тылы суруйуох оннугар араас (графическай) уруһуйу ыытан бэйэ-бэйэлэрин кытта суруйсаллар. Холобур, дорообо оннугар дорооболоһор уруһуй бэлиэтэ уо.д.а. Онон тылы таба суруйууну оскуолаҕа үөрэтии уустугуран тахсар.
Ол да буоллар, төрөөбүт тыл туһугар туруулаһан үлэлии-хамсыы сылдьар саха тылын учууталлара, бэйэлэрин үөрэтэр биридимиэттэригэр кэрэхсэбили үөскэтэр сыалтан араас үөрэх технологиятын, ньыма арааһын туһаналлар. Үөрэх толору ситиһиилээх буоларыгар учуутал сүрдээх элбэх кыһалҕалары көрсөр. Ону туоратар сыалтан, учуутал ньыма арааһын тобулан, үлэтигэр туһанар. Ол курдук, саха тылын учууталлара (Барашкова С.К., Борисова М.Н., Матвеева Т.К., Пестерева Е.Н, Филиппова М.Е.) үлэлэрин уопуттарыттан тылы таба суруйууга туох үлэни, ньыманы тутталларын ырытан көрөн тиһилик быһыытынан киллэрэбин.
Саха тылыгар, тылы таба суруйууга тахсар сүрүн алҕастар, (үөһэ көр) сүнньүнэн үөрэнээччи дорҕоону сөпкө арааран истибэтиттэн уонна таба суруйар дьоҕура ситэ сайдыбатаҕыттан тахсар. Онуоха, учуутал аан бастаан, үөрэнээччигэ тылы дорҕооннорунан арааран истэр уонна ырытар дьоҕуру иҥэриэхтээх. Оттон, үгүс учуутал уопута көрдөрөрүнэн, үксүн бэһис кылаас оҕолоро уһун аһаҕас, кылгас аһаҕас, хоһуласпыт, сэргэстэспит бүтэй дорҕоонноох тылы таба суруйууга алҕаһыыллар.
Аһаҕас дорҕооҥҥо сыыһаны туоратар сыалтан, аан маҥнай учуутал кылгас аһаҕас дорҕоону уонна уһун аһаҕас дорҕоону оҕолорунан саҥардан тэҥнэтэн көрүөхтээх. Холобур, уһатыылаах аһаҕас дорҕоону уһуннук, оттон кылгас аһаҕас дорҕоону бэлиэтин быһыытынан кылгастык саҥардан, саҥа дорҕооно үөскүүр, этиллэр уратыларын оҕо өйдүүрүгэр дорҕоону анаалыстатан (метод звукобуквенного анализа) үөрэтиллиэхтээх диэн учууталлар бэлиэтииллэр. Холобур, тылы таба суруйууга кылаас оҕото икки бөлөххө арахсар. Бастакы бөлөх кылгас аһаҕас дорҕоон буолар. Оттон иккис бөлөх уһун аһаҕас дорҕоон буолар. Бастакы бөлөхтөн биирдии оҕо дуоскаҕа суруллан турар кылгас [а] дорҕоону көрөн саҥарар. Оттон иккис оҕо уһун аһаҕас [аа] дорҕоону дуоскаттан көрөн хатылыыр. Ол курдук, аһаҕас дорҕооннору этэн көрө-көрө ырытан, туох уратылаахтарын быһааран дорҕооннору барытын хатылыыллар. Ол кэмҥэ учуутал дуоскаҕа кылгас аһаҕас дорҕоонноох тыллар суруллубуттарын оҕолорго көрдөрөн, оҕолорунан тыл суолтатын быһаартарар, тэтэрээттэригэр суруйтарар. Холобур: ат, быс, ис, сити, кырыс уо.д.а. Оҕолор тыл суолтатын быһааран бүппүттэрин кэннэ, учуутал оҕо билбэт тылын быһаарар уонна бэриллибит тыллары уһун аһаҕас дорҕоонунан солбуйан саҥаралларыгар сорудахтыыр. Ат-аат, быс-быыс, ис-иис, сити-ситии, кырыс-кырыыс диэн оҕолор кылгас аһаҕас дорҕоонноох тылы уһун аһаҕас дорҕоонунан саҥаран, этии толкуйдаан тэтэрээттэригэр суруналлар, билиилэрин чиҥэтэллэр. Ырытыы түмүгүнэн, оҕо дорҕоон үөскүүр, этиллэр уратытын билэр. Саҥа дорҕооннорун оҕолортон, учууталтан истэн, көрөн чэпчэкитик араарар. Дорҕооннор көмөлөрүнэн араас суолталаах тыл тахсарын ыйар. Тылы сыыһа суруйдахха, атын тыл тахсан кэлэрин өйдүүр, быһаарар буолуохтаах.
Сорох оскуола үөрэнээччитэ нууччалыы тартаран саҥарар буолан, саха тылын уһун аһаҕас дорҕоонун уонна нуучча тылын охсуулаах аһаҕас дорҕоонун биир өйдөбүлүнэн илдьэ сылдьар буолар. Ол түмүгэр, сахалыы суруллар тылга уһун аһаҕас дорҕоону биир буукубанан эбэтэр, нууччалыы суруллар тыл охсуулаах аһаҕас дорҕоонугар икки буукубаны туруоран суруйар. Маннык түбэлтэҕэ саха тылыгар нууччаттан киирбит тыллар суруллууларын учуутал быһаарыахтаах уонна уһун аһаҕас дорҕоонноох сахалыы суруллар киирии тыллары уонна нуучча тылын охсуулаах дорҕонноох тыллары тэҥнээн көрүү ньыматын (метод наблюдения и анализа) туттан таба суруйарга үөрэтиллэр. Холобур: даача - дача, паарта - парта, мааска –маска, маайка – майка о.д.а. Онон, нууччалыы тартаран саҥарар оҕолору элбэхтик уhун аhаҕас дорҕоонноох тыллары дуоскаҕа, тэтэрээккэ суруйтаран, сахалыы дорҕоону сɵпкɵ саҥарарга, ааҕарга учуутал үөрэтиэхтээх.
Бастакытынан, үөрэнээччи хоһуласпыт бүтэй дорҕоонноох тылы таба суруйарыгар, тылы саҥаран, сүһүөҕүнэн араарара табыгастааҕын саха тылын үөрэтэр алын да үрдүкү да кылаас учууталлара бэлиэтииллэр. Бастаан, хоһулаһар бүтэй дорҕоон хоһуласпат бүтэй дорҕооннооҕор уһуннук уонна чиҥник этиллэр уратытын учуутал оҕоҕо өйдөтүөхтээх уонна хоһулаһыы баар сирин сүһүөхтээн саҥарарга үөрэтиэхтээх. Холобур, ама –Амма, тамах –таммах, атаах – аттаах, сотор –соттор, халаан-халлаан. Үөрэнээччилэр ханнык тылга бүтэй дорҕоон хоһулаһарын, чиҥник этиллэрин тэҥнээн көрөн,быһаараллар. Бүтэй дорҕоон хоһулаһыытын сүһүөҕүнэн саҥаран, арааран, дорҕоон хоһуласпыт сирин булаллар. Хоһуласпыт бутэй дорҕоону сыыһа саҥардахха атын тыл тахсарын өйдүүллэр. Тугу билбиттэрин чиҥэтэр курдук, араас сорудахтаах эрчиллиилэри оҥороллор.
Иккиһинэн, үөрэнээччигэ бүтэй дорҕоон сүһүөхтэниитин фишканы туттан, көрдөрөн үөрэтии туһалааҕын элбэх учуутал бэлиэтиир. Оҕо фишканы хараҕынан, илиитинэн тутан-хабан көрөн, бүтэй дорҕоон хоһулаһыытын эндэппэккэ түргэнник билэр буолар. Холобур, тыл ортотугар сүһүөх бүтэй дорҕоонтон саҕаланар быраабылаҕа кы-мыс, ба-рар, у-луу, бэ-лэх диэн тыллар сүһүөхтэниилэрин оҕо фишка көмөтүнэн сүһүөхтээн сөпкө көрдөрөр, суруйар буолар. Оттон, тылы сатаан сүһүөҕүнэн араарбат, фишканы туттан үлэлээбэтэх оҕо кым-ыс, бар-ар, ул-уу, бэл-эх диэн сыыһалаахтык суруйар. Маннык сүрүн алҕаһы ырытыыга, тыл ортотугар сүһүөх аһаҕас дорҕоонтон саҕаламмат диэн быһаарыахха эмиэ сөп
Итиэннэ, оҕолору сынньата таарыйа физкультминутканы оҥорорго, бүтэй уонна аһаҕас дорҕоону истэ үөрэнэргэ оонньуу ыытыахха сөп. Холобур, учуутал бүтэй дорҕоону эттэҕинэ, оҕолор биирдэ илиилэрин таһыналлар. Аһаҕас дорҕооҥҥо иккитэ илиилэрин таһыналлар. Сыыспыт оҕо оонньууттан туоруур. Бүтэһик хаалбыт оҕо кыайыылаах аатын ылар. Начаалынай кылаастан бүтэй дорҕоону ситэ өйдөөбөккө тахсыбыт оҕолорго итинник өйдөтүөххэ сөп диэн учууталлар ыйаллар.
Сүһүөхтүүр ньыма көмөтүнэн сэргэстэспит бүтэй дорҕооннору уонна хоһуласпыт бүтэй дорҕоонноох тыллары тэҥнээн көрдөрөр оҕолорго ордук тиийимтиэ буолар. Ордук тус-туспа дорҕоон сүһүөхтэргэ арахсара чуолкайдык көстөр. Ону тэҥэ сэргэстэспит бүтэй дорҕооннору оҕоҕо саҥардан көрөн, араартаран, тыллары сүһүөхтэринэн суруйтаран үөрэтиллэр. Холобур: соттор – состор, типпит – тикпит, атаххар – атахпар, оттон – онтон о.д.а. Ону таһынан, сэргэстэспит бүтэй дорҕооҥҥо туһуламмыт араас үлэ көрүҥэ эрчиллии быһыытынан киирэр.
Ньиргиэрдээх уонна ньиргиэрэ суох бүтэй дорҕоонноох тыллары оҕо арааран, өйдүүрүн курдук дорҕооннор уратыларын иһитиннэрэн, хатылатан, элбэхтик оҕо саҥатын эрчийэн дуоскаҕа таһааран үлэлэтэр ордук. Уруокка, оҕо интэриэһин тардар сыалтан араас викториналары, күрэхтэһиилэри тэрийэн ыытыахха сөп. Холобур, булугас өйдөөхтөр күрэхтэһиилэрэ. Манна биирдиилээн, пааранан эбэтэр бөлөҕүнэн үлэҕэ ньиргиэрэ суох уонна ньиргиэрдээх бүтэй дорҕооннору булан күрэхтэһиннэриэххэ сөп. Ол курдук, оҕолор аҕыйах мүнүүтэ иһигэр [к], [п], [с], [т], [х], [ч] ньиргиэрэ суох бүтэй дорҕооннору булаллар уонна бу дорҕооннорунан саҕаланар тыллары суруйаллар. Алта ньиргиэрэ суох бүтэй дорҕоону оҕо өйүгэр хатыырыгар чэпчэки. Онон сирдэтэн, 6 пааралаһар ньиргиэрдээх бүтэй дорҕооннору[г], [б], [һ], [д], [ҕ], [дь] талаллар уонна ким түргэнник тыл булан суруйарыгар куоталаһаллар. Бэриллэр бириэмэ бүттэҕинэ, ким хас тылы булбутун ааҕаллар, дуоскаҕа тахсан суруйаллар, ырыталлар. Ким эмит сыыһа суруйдаҕына, оҕолор көннөрөн биэрэллэр. Салгыы бу теманы үөрэтэргэ [б-п], [т-д], [дь-ч], [к-г], [х-ҕ], [с-һ] пааралаһар бүтэй дорҕоонноох тыллары, этиилэри уһултаран аахтарыы, оҕолорунан ырыттарыы уонна араас хабааннаах тылынан уонна суругунан эрчиллиилэри биэрэн дьарыктыыр, тылы таба суруйууга балачча көдьүүстээх. Холобур: бэриллибит тылы уларытан суруйуҥ. Кулууп – кулуубум, түөрт – түөрдүм, дьэҥкир – чэҥкир, тымтык – тымтыгым, тайах – тайаҕым, туус – тууһум диэн оҕолорунан суруйтаран быһаарар ирдэнэр.
Тыл уларыйбыт олоҕун булларыы. Саха тылыгар дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрин (ассимиляция) үөрэтэргэ, быраабылаҕа олоҕуран, көрдөрөн үөрэтиллэр. Ол эрээри, сорох үөрэнээччилэр быраабыланы кыайан өйдөөбөт буолуохтарын сөп. Оннук түбэлтэҕэ оҕолорго өйдөммөт өттүн судургу тылынан быһаарыллар. Холобур, бүтэй дорҕооҥҥо дьүөрэлэһии үс көрүҥэ баар: өрө, төттөрү, хардарыта. Тылы таба суруйууга, дьыктааҥҥа, араас сурук үлэтигэр дорҕооннор хардарыта дьүөрэлэһиилэригэр оҕолор сыыһа суруйаллар: акка, куоракка, окко диэн тылы атка, куоратка, отко диэн. холобурга акка диэн тылы ылан көрүөххэ. Тыл олоҕо ат, сыһыарыыта -ҕа. Онон ат+ҕа= икки бүтэй дорҕоон хардарыта дьайсан акка буолар. Ону өйдөөбөт үөрэнээччигэ тыл олоҕо уларыйан турарын тоһоҕолоон көрдөрүллэр, олоҕо ак буолар диэн судургутук быһаардахха, үөрэнээччи акка диэн сөпкө суруйар буолар. Холобур “куоракка”тыл уларыйбыт олоҕо “куорак” диэн булларабыт. “Ааҥҥа” уларыйбыт олоҕо “ааҥ “буолар. (Т.К. Матвеева өйдөтөр албаһа)
Өрө дьүөрэлэһиигэ бастакы бүтэй дорҕоон сабыдыалынан иккис бүтэй дорҕоон уларыйыытыгар ат+лар=аттар, от+лор=оттор, үөн+лэр=үөннэр диэн өрө дьүөрэлэһиини оҕолорунан тэтэрээттэригэр суруйтаран баран, үөрэнээччини дуоскаҕа таһааран проблемнай үөрэтии элэмиэнин киллэрэн, тыл тоҕо, туохтан, хайдах уларыйда диэн проблемнай быһыыны-майгыны (ситуацияны) кылаас иһигэр үөскэтэн, учуутал үөрэнээччи бэйэтэ көрдөөн, толкуйдаан билэр сөптөөх эппиэти биэрэри ситиһиэхтээх.
Тылы таба суруйууга дорҕоону ырытыы улахан суолтаны ылар. Дорҕоону саҥарабыт уонна истэбит, онон бастаан тылтан дорҕоону биир биир саҥаран көрөн хас дорҕоон баарын быһаарабыт. Буукубаны көрөбүт, онон суруллубут тыл буукубатын ааҕабыт. Фонетическай ырытыыга начаалынай кылааска урут тутта сылдьыбыт фишканан үөрэтии албаһа туһалыыр. Фишка дорҕоону бэлиэтиир буолан, учуутал таба суруйууга ордук сүһүөҕү, көһөрүүнү быһаарарыгар көмөлөөх. Учугэй памяттаах оҕо, табылыысса көмөтүнэн, тыл дорҕоонун хараҕар көрөн түргэнник өйгө хатыыр уонна дорҕооннор араастарын дөбөҥнүк араарар буолар. Холобур: Баар диэн тылы оҕо таблицаны көрөн олорон тылы састаабынан ырытар, Баар (4 буукуба, 3 дорҕоон);
б - бүтэй дорҕооон, төлөрүйэр, тыастаах, ньиргиэрдээх, пааралаһар.
а – аһаҕас дорҕоон, кэлин, айах, уһун, киэҥ.
р - бүтэй дорҕооон, илигириир, тыл, паараласпат диэн сөптөөхтүк быһаарыахтаах. Онон, тыл дорҕоонун араарыы, оҕо өйүн-санаатын, тобуллаҕас толкуйун сайыннарар, болҕомтотун тардар хайааһын буолуохтаах уонна дорҕоону элбэхтик арааран ырытыы түмүгүнэн оҕо алҕаһа суох суруйар буолар.
Үөрэнээччилэр кылгас уонна уһун аһаҕас, бүтэй хоһулаһар уонна хоһуласпат, сэргэстэһэр дорҕооннордоох тыллары суруйар буолбуттарын кэннэ араастык саҥарыллар тыллары үөрэтэбит. Араастык этиллэр тыллары таба суруйарга быраабыла да чуолкайдык саҥарыы да көмөлөспөт. Бу тылларга оҕо эрэ барыта алҕаһыыр. Ол иһин, учуутал араастык этиллэр тыллар суруллууларын, оҕолор истэн, көрөн өйдүүллэрин курдук, наар хатылыан уонна хатылатыан наада. Маннык этиллэр тыллары кэпсэтии тылыгар саҥарыахха сөбүн, оттон сурукка уонна арпагыраапыйа тылдьытыгар ханнык барыйаана ылыллыбытынан суруллуохтааҕын учуутал быһааран биэрэр. Итиэннэ, араастык этиллэр тыллары үөрэнээччигэ өйгө хатыыр ньыма (имитативный метод) көмөтүнэн схема эбэтэр таблица оҥорон, оҕолорго уһултарыан сөп. Холобур: дорҕооннор солбуйсалларыгар, өтүүк - үтүүк, остуолба – остоолбо, ньуоска – луоска, диэки –диэкки, былчыҥ – быччыҥ о.д.а. Онон, араастык этиллэр тыллары таба суруйууга оҕолору элбэхтик тылдьытынан, араас хабааннаах эрчиллии, устуу, дьыктаан көмөтүнэн эрчийдэххэ, оҕолор өйдөрүгэр хатаан хаалалларын учуутал ситиһиэхтээх диэн уопуттаах учууталлар сүбэлииллэр. Саха тылыгар ыарахан суруллуулаах тыллар аҕыйаҕа суохтар. Оннук тыллар олохторо сахалыы да нууччалыы да буолуон сөп. Ыарахан суруллуулаах тыл хас да тылтан эмиэ туруон сөп. Маннык ыарахан суруллуулаах тыллары оҕолорго суруйтаран, бэйэлэринэн этии толкуйдатан, ол этиини тиэкискэ киллэрэн ырыттарыы уонна кэпсэттэрии оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар улаханнык дьайар.
Оттон нууччалыы суруллар тыллары оҕолорго үөрэтии, араастык этиллэр тыллары суруйууга үөрэтэргэ майгынныыр. Ол курдук, үөрэнээччи тыл суруллуутун өйүгэр хатаан үөрэтиэхтээх. Нууччаттан киирбит тыллары суруйуу сорох тыллар сахалыы халыыбынан суруллаллара, сорохторо нууччалыы халыыбынан суруллаллара оҕолорго сүрүн ыарырҕатар түгэни үөскэтэллэр. Холобур, өрөбүлүүссүйэ иннинэ, нуучча тылыттан киирбит тыллар, сахатытан саҥарыы нуорматыгар киирбиттэр: стол – остуол, шкаф – ыскаап, веселый – бэһиэлэй, спасибо – баһыыба о.д.а. Оттон өрөбүлүүссүйэ кэнниттэн киирбит сорох тыллар нууччалыы халыыбынан суруллаллар. Холобур: металл, космонавт, карусель, акварель о.д.а. Нууччалыы суруллар тыллар олохторо нууччалыы көрүҥүнэн, оттон сыһыарыылара сахалыы суруллар. Онуоха тылы таба суруйууну эрчийэр тылдьытынан дьыктаан, нууччалыы суруллар тыллары уһултаран карточкаҕа суруйтаран үлэлэтии, элбэхтик оҕо саҥарар үөрүйэҕин хатылатыы көдьүүстээх буолар. Сорох нууччалыы халыыбынан суруллар тыллары сахатытан суруйуу үөрэтиллиэхтээх. Нууччаттан киирии тыл төһө сатанарынан сахатыйыахтаах диэн, оҕолорго өйдөтөр үлэтэ барыахтаах, ол биһиги төрөөбүт тылбыт баайын хаҥатар эбит диэн оҕолор бэйэлэрэ туһанарын курдук учуутал салайан биэриэхтээх.
Уруокка таба суруйуу быраабылатын үөрэтиигэ, оҕолор интэриэстэрин тардар сыалтан, сорох түгэҥҥэ проблемалаан үөрэтии (проблемный метод) элэмиэннэрин туһаныы табыгастааҕын учуутал барыта ыйар. Манна учуутал саҥа быраабыланы үөрэтиэн иннинэ арпагыраамалаах тыллары оҕолорго суруйтарар. Үөрэнээччилэр тыллары араастаан суруйбуттарын көрдөрөн, ханнык барыйаан сөптөөҕүн талан, устунан быраабыланы үөрэтиигэ киллэриэхтээх. Холобур, кыптыый - кыптый, кэпсээ - кэпсиэ, тыһыынча – тыыһынча, маччыт-масчыт, отчут – оччут, далаьа-талаһа диэн тыллартан оҕолор бэйэлэрэ сөп диэбит барыйааннарын ылаллар. Онно бу тыллар ханнык барыйааннара сөптөөҕүн, тоҕо оннук саныылларын быһаараллар. Оҕолор ыарырҕаттахтарына, учуутал салайан, сүбэлээн көмөлөһүөн сөп. Кылаас бэриллибит тыллары ырытан, быһааран баран, таба суруйуу тылдьытыттан уонна быраабылаттан сирдэтэн сөптөөх барыйааны ыйаллар. Угэс буолбут үөрэтииттэн проблемалаан үөрэтии үөрэнээччигэ бэлэм билиини биэрбэт буолан уратылаах. Онон, проблемалаан үөрэтиигэ оҕолор бэйэлэрэ үөскэппит быһыыны-майгыны (ситуацияны) толкуйдаан, көрдөөн, чинчийэн быһаараллар. Маннык билии оҕолорго ордук умнуллубат уонна өйдөбүллээх буолар диэн учууталлар сөбүлээн тутталлар.
Саха тылын уруоктарыгар саамай уустук уонна ыарахан ньыманан чинчийэр ньыма (исследовательский метод) буолар. Үөрэнээччилэр ырытар тиэмэлэрин проблематын ис дьиҥин өйдөөн, ол проблеманы хайдах быһаарыахтаахтарын сабаҕалаан, бэрэбиэркэлээн, эппиэти тобулан дакаастаан, араас бырайыактары оҥорон таһаарыахтаахтар. Холобур: аһаҕас дорҕооннору наардааһын, Саха алпаабыта о.д.а.
Таба суруйуу быраабылатын уруокка үөрэтии өссө биир сүрүн ньыматынан көрдөрөн быһаарар (объяснительно – иллюстративный метод) ньыма буолар. Тиэмэни быһаарарга аналлаах араас көрдөрөн үөрэтэр тээбириннэр: схемалар, таблицалар, фишкалар, презентациялар, слайдалар, интерактивнай дуоска, магнитофон, араас үөрэх хомуурунньуктара, кинигэлэр, ойуулуур-дьүһүннүүр пособиелар киирэллэр. Көрдөрөн быһааран үөрэтии саҥа матырыйаалы барыыга, хатылааһыҥҥа уонна чиҥэтиигэ туттуллар. Көрдөрөн быһаарар ньыманан үөрэтии эвристическай ньыманы (эвристический метод) кытта дьүөрэлэһэр. Көрдөрөн быһаарар үөрэтии тээбириннэрин учуутал, оҕоҕо тиийимтиэ гына тиэмэлэринэн арааран оҥорор, тобулар. Холобур, уруокка интерактивнай дуоскаҕа тыктаран хартыынаны туттуу туһаныллар. Бастакытынан, хартыынаны көрөн оҕолор ойуулуур-дьүһүннүүр искусство айымньытын, кини ааптарын кытта билсэллэр. Иккиһинэн, араас сорудахтаах тылдьытынан үлэҕэ, тылы сайыннарыыга, өйтөн суруйууга, этии, кэпсээн оҥоруохтарын сөп. Үсүһүнэн, тыл уруогар хартыынаны туттуу, оҕолор интэриэстэрин, болҕомтолорун тардар күүстээх. Онон, уруокка хайаатар да көрдөрөн үөрэтэргэ аналлаах, тиэмэттэн көрөн бииртэн иккигэ дылы таблица, схема, уруһуй, хартыына баар буолара ирдэнэр.
Саха тылын уруоктарыгар үксүн эвристическай ньыма эбэтэр көрдөөһүн ньымата (эвристический метод или частично – поисковой) туттуллар диэн учууталар бэлиэтииллэр. Тыл уруоктарыгар тиэкиһи, холобурдары ырытыы, үөрэнээччилэр тылларын сайыннарыы бэсиэдэ көмөтүнэн, оҕолор интэриэстэрин тардар ньыма буолар. Уруокка учуутал тиэмэҕэ сыһыаннаах чопчу ыйытыылара уонна оҕолор эппиэттэрэ эвристическай ньыма дэнэр. учуутал саҥа тиэмэни барарыгар уруок тиэмэтин, сыалын-соругун, быраабылатын быһаартараары оҕолортон сөптөөх боппуруоһу туруорар. Холобур, уруок тиэмэтэ аһаҕас дорҕооннору наардааһын. Оҕолор уруок ханнык тиэмэҕэ буоларын билбэттэр, ол эрээри интерактивнай дуоскаҕа аһаҕас дорҕооннор суруллан туралларын көрөн, чопчу тиэмэни этэн биэрэллэр. Онтон сиэттэрэн, уруок сыала-соруга тахсан кэлэр. Учуутал уонна үөрэнээччилэр икки ардыларыгар бэсиэдэ олохтонон, салгыы аһаҕас дорҕоон наарданар быраабылатын уруокка быһаараллар, ырыталлар. Итинник сөптөөх ыйытыы көмөтүнэн уруок тиэмэтигэр үөрэнээччилэр интэриэстэрин тардыахха сөп.
Учуутал оҕолор интэриэстэрин уруокка тардар, биир сүрүн ньыматынан оонньуу (игровой метод) ньымата буолар. Оонньуу – өйдөбүлэ киэҥ. Төрөөбүт тыл уруогун тиэмэтигэр, матырыйаалыгар олоҕуран, оҕолор өйдөөбөт быраабылаларын, тиэмэлэрин быһаарар араас тыл оонньууларын уруок ханнык баҕарар түһүмэҕэр тэрийэн ыытар тоҕоостоох. Ол курдук, оонньуу көмөтүнэн учуутал саҥа тиэмэни быһаарар, хатылыыр, чиҥэтэр, түмүктүүр, сынньалаҥ кэрчигин да быһыытынан киллэриэн сөп. Оҕо оонньуу нөҥүө тулалыыр эйгэни кытта билсэр, бииргэ үөрэнэр оҕолорун кытта бодоруһар, үлэҕэ үөрэнэр. Оонньуу ньыматын туттарга тылы таба суруйууга, тыл дорҕоонугар сыһыаннаах араас викториналар, ребустар, таайбараҥнар о.д.а.киирэллэр. Холобур: ыһыллыбыт буукубалары холбоон тылларда таһаар. Бэриллэр буукубалар: а, н, р, ы, т, с , х, о, к, л, у. Оҕолор бэриллибит буукубалары холбоон, биирдии, иккилии сүһүөхтээх тыллары оҥорон таһаарыахтаахтар. Эбэтэр тыл көмөтүнэн, тыл сыабын оҥоруу. Быраабыла быһыытынан, бастакы оонньооччу эппит тылын бүтэһик дорҕоонуттан иккис оонньооччу саҥа тылы этэр. Холобур, тыал – лиэнтэ – этээс – сакалаат – туос – сыал уо.д.а.
Лиэксикэ тиэмэтигэр ыытыллар тыл баайын хаҥатар уруоктар таба суруйууну үөрэтиигэ улахан суолтаны ылаллар. Лиэксикэни үөрэтии оҕоҕо саха омук тылын баайын араас эйгэҕэ, сыалга-сорукка сатаан туттар кыаҕы биэрэр диэн учууталлар бэлиэтииллэр. Бэһис кылаас үөрэнээччитэ омук ытык өйдөбүлүн, төрүт уонна киирии тыл уратыларын билэр. Тыл лиэксикэлии суолтатын сатаан быһаарар. Түөлбэ тылы, биир уонна элбэх суолталаах, көнө уонна көспүт суолталаах тыллары, омуоньум, онтуоньум, синиэньим өйдөбүллэрин билэр, тиэкистэн булар, саҥарар саҥаҕа сөпкө туттар буолуохтаах. Онон, үгүс учуутал, хас уруогун аайы үөрэнээччилэр тылларын саппааһын байытар, литэрэтиирэ тылын нуорматын өйдөтөр, оҕо саныыр санаатын сааһылаан тылынан уонна суругунан сибээстээхтик кэпсииригэр үөрэтэр. Итиэннэ, үөрэнээччилэр тылларын сайыннарарга үлэ араас көрүҥүн тэрийэн ыытар. Ол курдук, дорҕоону сөпкө саҥаран кэпсэтии, этии, тиэкис оҥоруу, аахтарыы. Сомоҕо домоҕу, уус-уран ньыма арааһын туттан саҥарар саҥаҕа туттуу, суруйуу. Стили тутуһан суруйуу, тыл этии, тылдьытынан, тиэкиһинэн үлэ, өйтөн, аахпыттан суруйуу уо.д.а. үлэ көрүҥнэрэ оҕо тылын байыталлар.
Тылы сайыннарыы, тыл үөрэҕин уонна литэрэтиирэни кытта ыкса сибээстээх. Онон, бэһис кылаас оҕолоругар литэрэтиирэ уруогар ааҕа сылдьар айымньыларын тылыгар-өһүгэр майгыннатан ситимнээн кэпсэттэрии тылы таба суруйууга, сайыннарыыга көмөлөөх. Оҕо бэйэтэ аахпытын, билбитин-көрбүтүн, истээччигэ өйдөнөр гына кэпсиир кэмигэр, этиини чаастарга арааран, сөптөөх интонациянан саҥарар. Үөрэнээччи логическай тохтобулу, охсууну сөптөөхтүк оҥоруохтаах. Тиэкиһи ааҕарыгар билбэт тылларын суолталарын тылдьыттан булан, ааҕан, тэтэрээтигэр сурунуохтаах. Саха тылын учууталлара бэлиэтииллэринэн, үөрэнээччи тылынан сатаан кэпсиир эрэ буоллаҕына, саныыр санаатын сааһылаан сурукка таба суруйар. Оттон кыайан бэйэтин санаатын этиммэт оҕо, этиини, тиэкиһи суруйарыгар улаханнык ыарырҕатар. Ол иһин оҕону учуутал элбэхтик саҥарда, кэпсэтиннэрэ үөрэтиэхтээх. Уопуттаах учууталлар үөрэнээччи тылын сайыннарарга аахпыттан уонна өйтөн суруйуу курдук айымьылаах үлэни тоҕоостоохтук ыыталлар. Аахпыттан суруйуу сүрүн соруга тылы кытта үлэ буолар. Оҕо бэриллибит тиэкискэ олоҕуран, төһө сатанарынан бэйэтин тылынан суруйар. Маннык улэҕэ тылы табатык туттуу, чугаһатан суруйуу улахан суолтаны ылар. Ол иһин, учууталлар аахпыттан суруйуу тиэкиһэ суруллуон иннинэ, тиэкис тылын-өһүн ырытарга сүрүн болҕомтолорун уураллар. Холобур, саха тылын учуутала Пестерева Е.Н бэлиэтииринэн, учуутал бэһис кылаас үөрэнээччилэригэр тиэкис ис хоһоонун арыйар сыалтан, оҕолор үгүстүк туттубат сомоҕо домохторун, суруйааччылар бэргэн этиилэрин, тылларын суолталарынан быһааран өйдөтөр наадалааҕын ыйар. Итиэннэ үөрэнээччилэр суруйар дьоҕурдара сайдан истэҕин аайы ырытар, быһаарар үлэ наадата суоҕун бэлиэтиир.
Тылы таба суруйууга саамай уустук уонна ыарахан үлэ өйтөн суруйуу буолар. Бу суругунан үлэҕэ учуутал эрдэттэн сэрэтии үлэтин ыытара тоҕоостоох. Ол курдук өйтөн суруйуу үөрэнээччи истибитэ, аахпыта барыта түмүллэн өй уонна толкуй үлэтэ (продукт) буолан тахсар. Өйтөн суруйуу, суруллубут тылыгар, ис хоһоонугар, тиэмэни арыйыыга сүрүн болҕомто ууруллар. Итиэннэ, үөрэнээччи ханнык уус-уран ньыманы туттубута эмиэ учуоттанар. Өйтөн суруйуу араастарыттан бэһис кылааска тылы таба суруйууга кыра кээмэйдээх өйтөн суруйуу үөрэнээччилэр айар дьоҕурдарын, тылларын баайын сайыннарарга ордук табыгастаах диэн, саха тылын учуутала Борисова М.Н. бэлиэтиир. Кыра кээмэйдээх өйтөн суруйуу уруокка 10-15 мүнүүтэ устата толоруллар. Маннык өйтөн суруйуу эбии сорудахтаах буолуон сөп. Холобур: биир уонна элбэх суолталаах тыллары, тыл көнө, көспүт суолталаах тыллары, омуоньумнары, онтуоньумнары, синиэньимнэри уо.д.а. туттан суруйуу. Бу өйтөн суруйуу кээмэйэ кылгас буолан, тута кылааска бэрэбиэркэлэнэр, оҕолору кытта көмөлөөн ырытыллар. Ситиһиилэри уонна итэҕэстэри тутатына ыйыллар. Онтон оҕолор үлэлэрэ сиһилии бэрэбиэркэлэммитин кэннэ, сыыһаҕа үлэ күүскэ ыытыллар. Онуоха учуутал үөрэнээччилэрин сыыһаларын көннөртөөбөккө эрэ, ким туохха сыыспытын бэйэтигэр сурунар.Оҕоҕо ыйан биэрбэккэ эрэ харандааһынан хас сыыһа баарын, бэлиэтиир. Маҥнай, оҕолор суруйбут тиэкистэрин аахтаран бэйэ - бэйэлэринэн бэрэбиэркэлэтии үлэтэ барар. Ол кэннэ, оҕолор туохха сыыспыттарын учуутал быһаарар. Саамай элбэхтик сыыспыт тылларын аны сыыспаттарын курдук сэрэтэн, дуоскаҕа суруйтаран быһаарыы ыытыллар. Ол курдук, алҕаска үлэҕэ 3-4 тус-туспа тииптээх сыыһаларга эрэ тохтуур көдьүүстээх. Итинтэн элбэх сыыһаҕа тохтоотоххо, оҕо түргэнник сылайар уонна үөрэнэр баҕата хаҥнан хаалар. Уруок бүтүүтэ буоларын курдук, рефлексия оҥоһуллар. Үөрэнээччилэр уруоктан туох саҥаны билбиттэрин, сыыһаҕа үлэни хайдах оҥорбуттарын, тылы таба суруйууга туохха ыарырҕаппыттарын, тугу чэпчэки дии санаабыттарын кэпсэтиһэллэр, санаа атастаһаллар.
Ити курдук саха тылын учууталлара, тылы таба суруйууга араас сорудахтаах эрчиллиилэри киллэрэн, суругунан уонна да араас көрүҥнээх үлэлэри тэрийэн, таба суруйуу сурук-бичик култуурата буоларын өйдөтөр үлэни-хамнаһы тэнитэ сылдьаллар. Кинилэр оҕо төрөөбүт тылын кэрэхсииригэр, норуот тыыныгар иитиллэн, баай муудараһыгар уһуйуллан тахсарыгар айымньлаахтык бары кыаҕы туһаналлар.
Ыстатыйаны суруйда Дьокуускай куорат 26-с нүөмэрдээх орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Пестерева Н.И.
(Маҕыыстырскай үлэттэн быһа тардыы)
Тиэмэ: 5 кылааска таба суруйууга үөрэтии ньымата