Рабочая программа по якутскому языку 4 класс по Анисимову


Иһинээҕитэ
Быһаарыы сурук.
Үөрэх былааныгар үөрэх предметин миэстэтэ.
Ытык өйдөбүллэри үөрэх предметин ис хоһоонугар киллэрии.
Үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ.
Үөрэх предметин ис хоһооно.
Календарнай тематическай былаан
Саха тылын уруогар календарнай – тематическай былаан.
Саха тыла. 4 кылаас. В.М.Анисимов, С.К.Колодезников, Е.С.Руфова, С.М.Тимофеева.
Нэдиэлэ5э 3 чаас, сылга 102 чаас.
I.Быһаарыы сурук
Саха тылыгар үлэлиир бырагыраамма начаалынай үөрэхтээһини сүрүннүүр уопсай үөрэхтээһин бырагыраамматыгар (Примерная основная общеобразовательная программа начального общего образования), федеральнай государственнай үөрэх стандартын (ФГҮӨС) ирдэбилигэр тирэӄирэн оҥоһулунна. «Саха тыла» 4 кылаас В.М.Анисимов биридимиэт учебнига федеральнай, региональнай үөрэх кинигэлэрин испииһэгэр киирбит:
«Саха тыла» грамматика, таба суруйуу, тылы сайыннарыы: түөрт сыллаах нач. үөрэхтээһин 4 кылааһын учеб./ В.М.Анисимов, С.К.Колодезников, Е.С.Руфова, С.М.Тимофеева; - Дьокуускай: Бичик, 2013.
Төрөөбүт тыл – оӄоӄо тулалыыр эйгэтин кыра5ытык билэр-көрөр, чугас дьонун-сэргэтин кытта истиҥник бодоруһар, иэйиитэ уһуктар, өйө-санаата сайдар, өбүгэтин үөрэӄин утумнуур сүрүн эйгэтэ.
Билигин төрөөбүт тыл, федеральнай государственнай үөрэх стандартын (ФГҮӨС) ирдэбилинэн, уопсай үөрэхтээһин булгуччулаах чааһыгар киирэн, базиснай үөрэх былааныгар (федеральнай) миэстэтэ, үөрэтиллэр чааһа чопчу ыйыллан үөрэтиллэр таһыма үрдээтэ. Алын сүһүөх оскуола таһымыгар төрөөбүт тылы үөрэх предметин быһыытынан үөрэтиигэ түмүк ирдэбили эмиэ федеральнай государственнай үөрэх стандарта сүрүннүүр.
Үөрэх предметин сыала-соруга:
Төрөөбүт тылы үөрэтии предметэ атын үөрэх предметтэрин ортотугар үөрэнээччи тылын-өһүн уонна өйүн-санаатын сайыннарар, сүрүн үөрэнэр үөрүйэ5и иңэрэр кыа5ынан бас-көс балаһыанньаны ылар предмет буолар.
О5о начаалынай кылааска үөрэнэр сааһыгар билиитэ-көрүүтэ, тыла-өһө уонна өйө-санаата тэтимнээхтик сайдар, иэйиитэ уонна саныыр санаата судургутук олохсуйар буолан, төрөөбүт тылы бу кэмңэ кичэйэн үөрэтии олус суолталаах.
Төрөөбүт тылы уопсай үөрэхтээһин алын сүһүөх таһымыгар үөрэтии сыалын үс хайысхаӄа араарыахха сөп:
Үөрэнээччигэ төрөөбүт тыл туһунан билиини аан дойду туһунан научнай билии быстыспат сорӄотун быһыытынан иңэрии, тыл үөрэӄин сүрүн балаһыанньаларын билиһиннэрии, онно олоӄуран, оӄо билэр-көрөр, толкуйдуур кыаӄын сайыннарыы;
Үөрэнээччи дьону-сэргэни кытта төрөөбүт тылынан бодоруһар үөрүйэӄин, саңа (тыл) култуурата киһи уопсай култууратын быстыспат сорӄото буоларын туһунан өйдөбүлгэ тирэӄирэн, саңа (тыл) араас көрүңэр (кэпсэтии, суруйуу, ааӄыы, өйтөн айыы) үөрэтэн, салгыы сайыннарыы
Үөрэнээччигэ төрөөбүт тыл норуот ытык өйдөбүллэриттэн биирдэстэрэ буоларын быһыытынан ураты харыстабыллаах сыһыаны иңэрии. Хас биирдии киһи ийэ тылын сайыннарар иэстээӄин өйдөтүү.
Сүрүн соруктар:
Дьону-сэргэни кытта бодоруһар саңа (тыл) сүрүн көрүңнэрин үөрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын инңэриини кытта бииргэ алтыһыннаран үөрэтии;
Тыл (саңа) – бодоруһуу сүрүн ньымата диэн тутаах өйдөбүлгэ тирэ5ирэн, үөрэнээччи кэпсэтэр уонна санаатын толору этэр (тыл этэр), суруйар үөрүйэ5ин сааһыгар сөп тчбэһиннэрэн сайыннарыы;
Тыл үөрэӄин билиитигэр, сурук-бичик култууратын төрүт өйдөбүллэригэр олоӄуран, үөрэнээччи төрөөбүт тылын литературнай нуорматын тутуһарын, алӄаһа суох саңарарын уонна суруйарын ситиһии;
Тыл үөрэ5ин сүрүн салааларын (лексика, фонетика,морфология, синтаксис, тиэкис) туһунан уопсай өйдөбүлү иңэриигэ тирэӄирэн, үөрэнээччи толкуйдуур дьоӄурун сайыннарыы, сааһыгар сөп түбэһиннэрэн, өй үлэтин дьайыыларын үөрэтии;
Төрөөбүт тылы билии, харыстааһын, сайыннарыы сүрүн ньымаларыгар үөрэтии.
II. Үөрэх былааныгар үөрэх предметин миэстэтэ.
Үөрэх федеральнай базиснай былаанын үһүс барыйааныгар оло5уран, төрөөбүт тылы үөрэтиигэ 4 кылааска – нэдиэлэ5э 3 чаас, сылга барыта 102 чаас бэриллэр.
III. Ытык өйдөбүллэри үөрэх предметин ис хоһоонугар киллэрии
Начаалынай кылааска саха тылын үөрэтии о5о5о ытык өйдөбүллэри (духуобунай сыаннастары) иңэриигэ улахан суолталаах. Киһи аймах үйэлэртэн өрө тутан кэлбит ытык өйдөбүллэрэ (духуобунай сыаннастара) төрөөбүт тыл эгэлгэтигэр, кэрэтигэр сөңөллөр. Ол курдук үөрэтии ис хоһоонугар тыл үөрэ5ин сүрүн хайысхаларын сэргэ уруок, кэпсэтии (бодоруһуу) тиэмэтин, үөрэтии матырыйаалын быһыытынан төрөөбүт дойду, ийэ дойду, төрөөбүт тыл, айыл5а, үлэ, төрүт дьарык, ыал, дьиэ кэргэн, айымньы уонна кэрэ эйгэтэ, көңүл, кырдьык, үтүө санаа, киһи аймах, аан дойду омуктарын тылларын уонна култууратын эгэлгэтин курдук ытык өйдөбүллэр (духуобунай сыаннастар) киириэхтээхтэр.
IV. Үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ
Ытык өйдөбүллэри иңэрии түмүгэ (Личностные результаты)
Саха тылын оскуола5а үөрэтии кэмигэр о5о маннык ытык өйдөбүллэри иңэриннэ5инэ төрөөбүт тыла сайдарыгар бэриниилээх, эппиэтинэстээх, бэйэтин кыа5ын толору туһанарыгар эрэниэххэ сөп.
Төрөөбүт тыл – омугу сомо5олуур тыл буоларын өйдүүр.
Төрөөбүт тыл төрүт айылгыта, үйэлээх үгэһэ, этигэн кэрэтэ норуот тылынан уус-уран айымньытыгар уонна уус-уран литература5а сөңмүтүн билэр.
Төрөөбүт тылын сайыннарар, кэлэр көлүөнэ5э тириэрдэр ытык иэстээ5ин, ийэ тыл үйэлэргэ чөл туруктаах буоларыгар тус оруоллаа5ын өйдүүр.
Төрөөбүт тыл иитиллэр, үөрэнэр, айар-сайдар тыл буоларын итэ5эйэр.
Төрөөбүт тыл элбэх омук алтыһан бииргэ олорор кэмигэр, икки (элбэх) тылланыы усулуобуйатыгар хас биирдии киһиттэн харыстабыллаах сыһыаны эрэйэрин өйдүүр.
Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ
(метапредметные результаты)
Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл.
Тылын сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох-ханнык түмүккэ кэлиэхтээ5ин быһа холоон билэр, тугу билэрин-билбэтин, тугу ситэри үөрэтиэхтээ5ин арааран өйдүүр. Сылга бииртэн итэ5эһэ суох төрөөбүт тылга аналаах бырайыактарга кыттан үлэлиир.
«Тылы сэрэйэр» дьо5уру сайыннарыы. Бэйэтин сааһыгар сөп түбэһэр тиэкискэ үөрэппит матырыйаалын сүнньүнэн тыл литературнай нуормата саңарар эбэтэр суруйар киһи тылыгар төһө сөпкө эбэтэр сыыһа туттулларын тута (сэрэйэн» билэр, итэ5эһин, ал5аһын быһаарар, көннөрөр, бэйэтин тылыгар-өһүгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуһарга дьулуһар.
Тылы сайыннарар ба5аны үөскэтии. Төрөөбүт тылын бар5а баайын сыаналыыр, тыл кэрэтигэр умсугуйар, этигэн тыл күүһүн, кыа5ын толору туһанарга, тылын-өһүн бэйэтэ сатаан чочуйан, тупсаран, санаатын сиһилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуһар.
Хонтуруолланыы. Бэйэ саңатын өрүү кэтэнэр, көрүнэр, ал5аһа суох саңарарга, санаатын ыпсаран, хомо5ойдук этэргэ кыһаллар.
Билэр-көрөр сатабыл. Сүрүн үөрэнэр сатабыл.
Үлэ сыалын-соругун таба туруоруу. Төрөөбүт тылын үөрэтэригэр сыал-сорук туруорунан ыпсаран, хомо5ойдук этэргэ кыһаллар.
Билиини-көрүүнү кэңэтэр араас матырыйаалы туһаныы. Сахалыы үөрэх-наука литературатыттан (тылдьыттартан, энциклопедиялартан, араас кинигэттэн) туһааннаах информацияны, билиини дөбөңнүк булар, бэлиэтэнэр, түмэр, ситимниир араас ньыманы табыгастаахтык туһанар. Сахалыы тахсар о5о5о аналлаах республика хаһыаттарын-сурунаалларын («Кэскил», «Чуораанчык») тиһигин быспакка аа5ар, телевизорынан сахалыы биэриилэри сэргээн истэр-көрөр, үөрэтэр, чинчийэр, айар үлэтигэр көдьүүстээхтик туһанар.
Билиини сааһылааһын. Саңа билии ыларга баар билиитигэр тирэ5ирэр. Атын предметтэргэ ылбыт билиитин сатаан ситимниир.
Тобулук өйү сайыннарар үөрүйэхтэр. Төрөөбүт тыл оскуола5а о5ону сайыннарар үөрэх тутаах салааларыттан биирдэстэрэ. Онон үөрэнээччи саха тылын үөрэтэр кэмигэр үөрэнэргэ төрүт буолар өй үлэтин үөрүйэхтэрин баһылыыр.
Саха тылын лингвистическай матырыйаалыгар тирэ5ирэн, өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэӄэстик толорор: тэңнээһин, ырытыы, холбооһун, түмүктээһин, ханыылатан сааһылааһын, майгыннатыы, сааһылаан ситимнээһин. Итини сэргэ араас тойоннуур ньыманы табыгастаахтык туһанан дьону итэӄэтэр, ылыннарар курдук санаатын этэр үөрүйэӄэ сайдар.
Рефлексия. Сыалы-соругу ситиһэр ньымаларын уонна усулуобуйаларын төһө сөпкө талбытын сыаналыыр. Үлэ хаамыытын хайдах салайан иһэрин кэтээн көрөр. Үлэ түмүгүн дьон интэриэһин, бол5омтотун тардар курдук сахалыы кэпсиир.
Бэлиэни-символы туһанар үөрүйэхтэр. Дорӄоон (буукуба), тыл, этии чилиэннэрин, тиэкис анал бэлиэлэрин сатаан туһанар. Анал бэлиэлэринэн тыл, этии, тиэкис моделын оңорор.
Бодоруһар сатабыл.
Бииргэ үлэлииргэ үөрүйэх. Дьону кытта бииргэ алтыһан үөрэнэр, үлэлиир араас ньыманы баһылыыр (пааранан, бөлө5үнэн, хамаанданан). Саастыылаахтарын, улахан дьону кытта айымньылаах алтыһыы туругар кэбэ5эстик киирэр, биир сыаллаах-соруктаах дьону кытта таһаарыылаахтык үлэлиир үөрүйэхтэнэр.
Кэпсэтэр үөрүйэх. Кэпсэтии уратыларын өйдүүр, табан кэпсэтэр. Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, сэңээрэр, санаатын бол5ойон истэр, ылынар. Ханнык баӄарар эйгэ5э кэпсэтэригэр дьон болӄомтотун тардар, сэргэхситэр, сонурӄатар, көӄүлүүр сатабылы табан туһанар. Кэпсэтэр кэмңэ бэйэ көрбүтүн, истибитин, аахпытын сиһилии сэһэргиир.
Кэпсэтии сиэрин тутуһар үөрүйэх. Дьону кытта алтыһыыга кэпсэтии сиэрин тутуһар, туттан-хаптан бодоруһуу ньымаларын тоӄоостоохтук туттар.
Сахалыы дорооболоһор, билсиһэр, быраһаайдаһар, көрдөһөр, бырастыы гыннарар, буойар, телефонунан кэпсэтэр, күннээ5и олоӄор өрүү туттар.
Тустаах үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ
(предметные результаты)
Саха тылын литературнай нуорматын (орфоэпическай, лексическай, грамматическай) тутуһар. Дорӄоону, буукубаны, тыл сүһүөӄүн, саңа чааһын, этии чилиэнин, судургу этиини булар, быһаара, наардыыр.
Сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылаларын тутуһар.
Тиэкис өйдөбүлүн, бэлиэтин билэр (тиэмэтэ, сүрүн санаата, аата, эпиграф, тутула, этиилэрин ситимэ).
Саныыр санаатын сааһылаан, дьонно өйдөнүмтүөтүк, тиийимтиэтик этэр, тиэкис тутулун тутуһан суруйары сатыыр.
Тиэкис тииптэрин сэһэргээьин, ойуулааһын, тойоннооһун диэн араарар.
Монолог (сэһэргиир, ойуулуур, тойоннуур) уонна диалог (кэпсэтии, санаа уллэстии, ыйыталаһыы) арааһын сатаан туһанар.
Бэйэ саңатын сатаан хонтуруолланар, тиэкиһин ис хоһоонун, тылын-өһүн сыаналанар, ал5астарын булар, чочуйар, тупсарар.
V. Үөрэх предметин ис хоһооно
Төрөөбүт тылы үөрэтии ис хоһоонун сүрүн хайысхалара үөрэтии түмүк ирдэбилин уонна сыалын-соругун ситиһэргэ аналлаах тутаах научнай балаһыанньалартан таңыллар. Ити ирдэбилгэ оло5уран маннык сүрүн научнай хайысхалар киирэллэр:
Бодоруһуу культурата.
Саңа көрүңэ: истии, саңарыы, аа5ыы, суруйуу.
Тыл үөрэ5ин тутаах салааларын туһунан уопсай өйдөбүлэ: фонетика, лексика, морфология, синтаксис.
Сурук-бичик култуурата: таба суруйуу уонна сурук бэлиэтэ.
Ситимнээх саңаны сайыннарыы.
Бодоруһуу култуурата
Дьону кытта бодоруһуу араас көрүңэ: кэпсэтии, сэһэргэһии, сүбэлэһии, сөпсөһүү. Тылы бодоруһуу сүрүн ньыматын быһыытынан арыйыы: бодоруһууга саңа уонна туттуу-хаптыы суолтата. Саңарыы уонна истии култууратын, кэпсэтии сиэрин тутуһуу.
Саңа көрүңэ: истии, саңарыы, аа5ыы, суруйуу
Истии. Дьону кытта бодоруһууга истии култууратын тутуһуу. Кэпсэтии сыалын-соругун, дьон этэр санаатын, кэпсэтии ис хоһоонун өйдөөһүн. Сахалыы араас тиэкиһи истии, сүрүн ис хоһоонун, бол5ойуллуохтаах түгэннэрин истэн сиһилии ылыныы, истибиккэ оло5уран тус санааны үөскэтии,
аа5ыы. Сахалыы араас тиэкиһи сахалыы саңа интонациятын, төрүт дор5оон этиллиитин тутуһан, тэтимнээхтик аа5ыы. Тиэкиһи туох сыаллаах-соруктаах аа5артан көрөн, аа5ыы араас көрүңүн сатаан туһаныы (үөрэтэр аа5ыы, билсиһэр аа5ыы, сорудахтаах аа5ыы, о.д.а.) Аа5ыы кэмигэр тиэкис сүрүн ис санаатын өйдөөһүн, наадалаах, туһалаах информацияны араарыы, аа5ыллар тиэкистэн билбэт, өйдөөбөт саңа тыллары тылдьыттан булуу. Ааптар санаатын, иэйиитин биэрэригэр тиэкис тутулун, этии арааһын хайдах туһаммытын быһаарыы. Аа5ыыга тиэкис интонациятын, туонун сүрүн санаа5а сөп түбэһиннэрэн таба тайаныы.
Саңарыы (дор5оонноох саңа). Кэпсэтии сиэрин, саңарыы култууратын тутуһуу. Дьону кытта табан кэпсэтии. Кэпсэтиини то5оостоохтук са5алааһын, түмүктээһин. Саныыр санааны толору, сиһилии тириэрдэр инниттэн кэпсэтии сыалыгар-соругар, ис хоһоонугар сөп түбэһэр сахалыы тылы-өһү, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары туһаныы, саңарыы кэмигэр туттуу-хаптыы бэлиэтин тоӄоостоохтук туттуу. Саҥа тиибин арааһын (ойуулааһын, сэһэргээһин, тойоннооһун) туттан тыл этии. Кэпсэтии. Тыл этии түгэниттэн дорӄоону күүһүрдэн-сымнатан, урдэтэн-намтатан, уьатан, куолас толбонун, эгэлгэтин туьанан истээччигэ тус сыьыаны, иэйиини тириэрдии. Этэр санааны сааһылаары эбэтэр тустаах өйдөбүлү истээччигэ тоһоӄолоон тиэрдээри тогоостоох миэстэӄэ анал тохтобуллары (паузаны) сатаан туһаныы. Түгэниттэн көрөн, саҥарыы тэтимин сөпкө талыы.
Суруйуу (суругунан саңа). Сурук-бичик култууратын тутуһуу. Тупса5ай буочарынан ыраастык суруйуу. Тиэкиһи устуу, истэн суруйуу (диктант). Саныыр санааны суругунан сиһилии тириэрдии. Дьиэ кэргэн, чугас до5ор, таптыыр дьарык, айыл5а, кыыллар тустарынан, ону таһынан айымньы, хартыына, киинэ ис хоһоонун, экскурсия5а сырыы туһунан тэттик тиэкистэри суруйуу. Тиэкис тутулун, сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылатын тутуһуу.
Тыл үөрэ5э.
Төрөөбүт тылбыт – саха тыла. Саха омук үөскээбит, сайдыбыт историята. Саха тыла – түүр тыла. Төрөөбүт тыл киһи оло5ор суолтата.
Дорӄоон уонна таба саңарыы. Саҥа дорӄоонун өйдөбүлүн, сахалыы дорӄоон арааһын билии. Төрөөбүт тылын дорӄооннорун (уһун-кылгас аһа5ас уонна хоһуласпыт, сэргэстэспит, маарыннаһар бүтэй дорӄооннору. Дифтоннары, һ, нь, ӄ, дь, доргооннору арааран истии, чуолкайдык, таба саҥарыы нуорматын тутуһан санарыы. Саха тылыгар киирии тыллары үксүн сахатытан, аһаӄас дорӄооннор дьүөрэлэһиилэрин сокуонун тутуһан саҥарыы. Тылы дорӄоонун састаабынан ырытыы.
Лексика. Норуот тылын туһунан уопсай өйдөбүлү, төрүт уонна киирии тыл уратытын билии. Литературнай тыл суолтатын билии, нуорматын тутуһуу. Тыл лексическай суолтатын быьаарыы. Хомуур суолталаах, түөлбэ тыл, биир уонна элбэх суолталаах тыллар, көспут суолталаах тыллар, омоним, антоним, синоним (харыс тыллар, метафоралар, сомоӄо домох) өйдөбүллэрин билии, тиэкистэн булуу, саҥарар саҥаӄа сөпкө туттуу. Быһаарыылаах тылдьыт арааһын сатаан туһаныы, тыл суолтатын тылдьытын булан быһаарыы.
Графика. Сахалыы сурук-бичик сайдыытын историятын билии. Дор5оон буукубаларын билии, таба ааттааһын. Буукубалары суруллар ньымаларынан холбоон, ыраастык, тэтимнээхтик илиинэн суруйуу. Сурукка туттуллар атын бэлиэлэри, өйдөбүллэри (абзац, тылы көһөрүү бэлиэтэ, тыл икки арда (пробел) сөпкө туттуу, сахалыы алпаабыт бэрээдэгин билии. Сахалыы алпаабыт бэрээдэгин били. Араас тылдьытынан, ыйынньыгынан, каталогунан үлэлииргэ алпаабыты сөпкө туһаныы. Компьютерга сахалыы шрибинэн тиэкиһи тэтимнээхтик бэчээттээн суруйуу.
Морфология. Тыл састааба диэн өйдөбүлү, тыл уларыйар уонна үөскуур ньыматын билии. Саңа чааһын туһунан уопсай өйдөбүлү билии. Саҥа чаастарын бөлөӄө: ааттар (аат тыл, даӄааһын аат, ахсаан аат, солбуйар аат), туохтуурдар (аат туохтуур, сыһыат туохтуур, тус туохтуур), сыһыат, көмө саҥа чаастара, саҥа аллайыы. Тылы састаабынан ырытыы (тыл олоӄо, сыһыарыыта). Тыллары сүрүн бэлиэлэринэн (грамматическай халыыптарынан) бөлөхтөөһүн, ырытыы. Саҥарар саҥа5а тыл литературнай нуорматын тутуһуу.
Синтаксис. Этии уонна тыл ситимэ уратыларын, этии арааһын (сэһэн, ыйытыы, күүһүрдүү) билии. Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии, судургу уонна холбуу этии, сирэй саҥа, ойоӄос саҥа, диалог, туһулуу өйдөбүллэрин билии, этиигэ, тиэкискэ арааран булуу, бэйэ этиитин толкуйдааһын. Этиини таба интонациялаан ааӄыы, сурукка саҥа дэгэтэн сурук бэлиэтин араарыы. Этиини чилиэнинэн ырытыы.
Сурук-бичик култуурата
Таба суруйуу. Таба суруйуу сурук-бичик култуурата буоларын өйдөтүү. Уһун аһа5ас дорӄооннору, дифтону, хоһуласпыт, сэргэстэспит, маарыннаһар бүтэй дор5ооннору, саха тылыгар киирии дор5ооннору таба суруйуу. Сахалыы араастык этиллэр тыллар таба суруллулара тыл терут сокуоннарыттан тахсалларын, норуокка үөрүйэх, үгэс буолбут нуормаларыгар олоӄуралларын өйдөөһүн, харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы. Киэҥник, элбэхтик туттуллар эбэтэр сахалыы этэргэ табыгастаах киирии тыллары сахатытан суруйуу. Тылбаастанар эбэтэр саха тыла бэриллэр кыахтаах нуучча тылларын сахалыы солбугунан биэрии. Олохторо нууччалыы суруллар киирии тыллар сыһыарыыларын таба суруйуу.
Сурук бэлиэтэ. Сурук бэлиэтэ - тыл култууратын сорӄото буоларын, киһи этэр санаатын чуолкайдыырга, иэйэр иэйиини сурукка биэрэргэ, суругу-бичиги тупсарарга биллэр-көстөр туһалааӄын өйдөөһүн. Тылын ордук тупсаӄай тутуллаах, этигэн, бэргэн буоларыгар сахалыы этии, сурук бэлиэтин арааһын (араарар, тоһоӄолоон бэлиэтиир) сатабыллаахтык туттуу.
Ситимнээх саңаны сайыннарыы
Туох сыаллаах-соруктаах саңарарын-суруйарын чуолкай өйдөөн (тиэмэ, сүрүн санаа), дьон өйүгэр-санаатыгар тиийимтиэтик санаатын сааһылаан, араас тиэкистэри холкутук саңарыы-суруйуу (истэн суруйуу, өйтөн суруйуу). Тиэкис сүрүн санаатыгар олоӄуран тиэкиһи таба ааттааһын. Тиэкис тиибиттэн көрөн (сэһэргээһин, ойуулааһын, тойоннооһун), тиэкис тутулун тутуһар (киириитэ, сүрүн чааһа, түмүгэ), былааны оҥорор (кылгас, тэнийбит), кэрчик тиэмэлэргэ бытарытыы. Тыл туттуллар уратытын, дэгэтэн учуоттаан, сахалыы тутуллаах этиилэри, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары, тыл баайын сөпкө туттар.
VI. Cаха тылын уруогар календарнай-тематическай былаан.Саха тыла (4) Анисимов В.М., 2015с.
Нэдиэлэ5э 3 чаас, сылга 102 чаас
№ Күнэ Туолла Уруок темата Сыала-соруга Эрчиллиилэр Чааһа
1 чиэппэр (25 ч.) 25 Тиэкис. Этии. Тыл олоӄо уонна сыһыарыыта. 1 03.09 Тиэкис. Этии. Тыл. Дорӄоон. Тиэкис кɵрʏҥнэрин быhаарар дьоҕурдарын сайыннарыы.
Этии араастарын: сэьэн, ыйытыы, соруйар, кууьурдуу этиилэри сепке интонациялаан санара, суруйарга бэлиэлэрин таба туруора уерэнии.
-тиэкис сүрүн санаатын быһаарарга эрчиллии, айар дьоҕуру сайыннарыы
Этииттэн тыл ситимин араарар сатабылларын сайыннарыы.
Этии биир уустаах чилиэннэрин араара үөрэнии.
Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этиилэри арааран, бэйэлэрэ этии толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннарыы.
Тыл олоҕун уонна сыһыарыыларын булар сатабылларын сайыннарыы.
Сыһыарыы арааһын наардаан көрөөһүн. Нууччалыы суруллар тыллар сыһыарыыларын араарар сатабылларын сайыннарыы. 1-7 эрч. 1
2 05.09 Тиэкис бэлиэтэ. Тиэкис диэн тугуй? 8-14 эрч. 1
3 06.09 Тиэкис арааһа. 15-20 эрч. 1
4 10.09 Тиэкис чааһа. 21-26 эрч. 1
5 12.09 Хатылааһын. Тиэкис 1
6 13.09 Саңаны сайыннарыы 1
7 17.09 Этии. Тыл ситимэ 27-31 эрч. 1
8 19.09 Этии көрүҥэ 32-38 эрч. 1
9 20.09 Этии чилиэнэ. Тэнийбит, тэнийбэтэх этии 39-45 эрч. 1
10 24.09 Этии биир уустаах чилиэннэрэ 46-50 эрч. 1
11 26.09 Этии биир уустаах чилиэннэрэ 51-55 эрч. 1
12 27.09 Этии биир уустаах чилиэннэрэ 56-58 эрч. 1
13 01.10 Хатылааһын. 1
14 03.10 Бэрэбиэркэлиир диктант. 1
15 04.10 Сананы сайыннарыы. 1
16 08.10 Тыл олоӄо уонна сыһыарыыта 59 эрч. 1
17 10.10 Сыһыарыы арааһа 60-65 эрч. 1
18 11.10 Сыһыарыы аһаӄас дорӄоонунан уларыйыыта 66-69 эрч. 1
19 15.10 Сыһыарыы аһаӄас дорӄоонунан уларыйыыта 70-72 эрч. 1
20 17.10 Нууччалыы суруллар тыл сыһыарыыта 73-76 эрч. 1
21 18.10 Нууччалыы суруллар тыл сыһыарыыта 77-81 эрч. 1
22 22.10 Нууччалыы суруллар тыл сыһыарыыта 82-86 эрч. 1
23 24.10 Хатылааһын. 87-91 эрч. 1
24 25.10 Хатылааһын. 92-96 эрч. 1
25 29.10 Хонтуруолунай диктант 1
25ч.
2 чиэппэр (23ч.) Аат тыл 26 07.11 Аат тыл ахсаана. Паараласпыт аат Аат тылы хатылааһын; этиигэ аат тыл суолтатын өйдөтүү.
Сыһыарыы көмөтүнэн аат тыл үөскүүрүн өйдөтүү.
Аат тыл туохтууртан сыһыарыылар көмөлөрүнэн үөскүүрүн дакаастыырга үөрэтии; Тыл ситимин булар дьо5урдарын сайыннарыы. Тардыылаах аат тыллары тиэкистэн булар дьо5урдарын сайыннарыы; тардыылаах аат тыллары сөпкө таба суруйар сатабылларын сайыннарыы. Аат тыл уларыйыыта туьуктээьин буоларын ейдетуу; туьуктэр ыйытыыларын билиьиннэрии. Туьуктэри хатылааьын; туьуктэр ыйытыыларын бутуллубакка бэрээдэктииллэрин ситиьии. Нууччалыы тыллары сепке туьуктэринэн араарары ситиьиннэрии; илин-кэлин аьа5ас дор5ооннору хатылааьын 97-98 эрч. 1
27 08.11 Аат тыл суолтата 99 эрч. 1
28 12.11 Аат тыл үөскээһинэ 100 эрч. 1
29 14.11 Тардыылаах аат 101 эрч. 1
30 15.11 Аат тыл падеһынан уларыйыыта 102-108 эрч. 1
31 19.11 Төрүт уонна араарыы падеж 109-116 эрч. 1
32 21.11 Сыһыарыы падеж: Кимиэхэ? Туохха? 117-122 эрч. 1
33 22.11 Туохтуу падеж: Кими? Тугу? 123-128 эрч. 1
34 26.11 Таһаарыы падеж: Кимтэн? Туохтан? 129-134 эрч. 1
35 28.11 Туттуу падеж: Киминэн? Тугунан? 135-141 эрч. 1
36 29.11 Холбуу падеж: Кимниин? Туохтуун? Тэңнии падеж: кимнээӄэр? Туохтааӄар? 142-147 эрч. 1
37 03.12 Сананы сайыннарыы 1
38 05.12 Бэрэбиэркэлиир үлэ 1
39 06.12 Хатылааһын 1
40 10.12 Нууччалыы суруллар тыл падеһынан уларыйыыта 148-149 эрч. 1
41 12.12 Нууччалыы суруллар тыл падеһынан уларыйыыта 150-151 эрч. 1
42 13.12 Аат тыл элбэх ахсааҥҥа падеһынан уларыйыыта. 152-154 эрч. 1
43 17.12 Аат тыл элбэх ахсааҥҥа падеһынан уларыйыыта. 155-157 эрч. 1
44 19.12 Хатылааһын 1
45 20.12 Хонтуруолунай үлэ. 1
46 24.12 Бодоруһуу 1
47 26.12 Сананы сайыннарыы 1
48 27.12 Бодоруһуу 1
23ч.
3 чиэппэр (31 ч.) Солбуйар аат 49 10.01 Солбуйар аат. Солбуйар аат өйдөбүлүн үөрэтии.
Этиигэ солбуйар ааттары сөпкө туттар дьоҕурдарын сайыннарыы.
Айан суруйар сатабылларын сайыннарыы 158 1
50 14.01 Солбуйар аат сирэйинэн, ахсаанынан уларыйыыта 1
51 16.01 Солбуйар аат падеж ыйытыытынан уларыйыыта 1
52 17.01 Солбуйар аат падеж ыйытыытынан уларыйыыта 1
53 21.01 Хатылааһын. 1
54 23.01 Бэрэбиэркэлиир диктант. 1
55 24.01 Сананы сайыннарыы. 1
Туохтуур 56 28.01 Туохтуур өйдөбүлэ Туохтууру хатылааьын; туохтуур тугу бэлиэтиирин ейдетуу; тиэкискэ туохтууру таба булар дьо5урдарын сайыннарыы 1
57 30.01 Туохтуур бириэмэнэн, сирэйинэн, ахсаанынан уларыйыыта. 1
58 31.01 Туохтуур өйдөбүлүн кэҥэтии. 1
59 04.02 Туохтуур солбуйар ааты кытта ситимнэһиитэ Туохтуур ханнык сирэйгэ, ахсаанна турарын быьаарыы; билинни кэмнэ сепке туруорар дьо5уру сайыннарыы; туохтууру сана чааьынан ырытарга уерэтии.
Туохтуур ханнык сирэйгэ, ахсаанна турарын быьаарыы; билинни кэмнэ сепке туруорар дьо5уру сайыннарыы; туохтуур билинни кэмнэ хайааьын буола турарын, эбэтэр куруук буоларын ейдетуу.
Паараласпыт туохтууру хатылааьын; сепке туьанан этии толкуйдуур дьо5уру сайыннарыы. Ба5арыыны, кердеьууну, ынырыыны, соруйууну кердерер туохтууру туохтуур соруйар киэбэ диэн ааттанарын уерэтии; соруйар киэп элбэх ахсаанна суруллуутун билии. 1
60 06.02 Туохтуур соруйар киэбэ 1
61 07.02 Буолар, буолбат хайааһыны көрдөрөр туохтуур 1
62 11.02 Туохтуур билиҥҥи бириэмэтэ 1
63 13.02 Туохтуур билиҥҥи бириэмэӄэ сирэйинэн, ахсаанынан уларыйыыта 1
64 14.02 Туохтуур кэлэр бириэмэтэ 1
65 18.02 Туохтуур кэлэр бириэмэӄэ сирэйинэн, ахсаанынан уларыйыыта 1
66 20.02 Туохтуур ааспыт бириэмэтэ 1
67 21.02 Туохтуур ааспыт бириэмэӄэ сирэйинэн, ахсаанынан уларыйыыта 1
68 25.02 Бэрэбиэркэлиир диктант. 1
69 27.02 Паараласпыт туохтуурдар 1
70 28.02 Көмө туохтуур 1
71 04.03 Хайааһыны дьүһүннүүр туохтуур 1
72 06.03 Туохтуур хаһан? ханна? Хайдах? диэн ыйытыыга хоруйдуур тылыкытта ситимнэһиитэ 1
73 07.03 Туохтуур хаһан? ханна? Хайдах? диэн ыйытыыга хоруйдуур тылыкытта ситимнэһиитэ 1
74 11.03 Хатылааһын. 1
75 13.03 Хатылааһын. 1
76 14.03 Хатылааһын. 1
77 18.03 Хонтуруолунай диктант 1
78 20.03 Сананы сайыннарыы. 1
79 21.03 Бодоруһуу 1
31ч.
4 чиэппэр (23 чаас)
Даӄааһын аат
80 04.04 Даӄааһын аат Да5ааьын ааты хатылааьын; д/а тугу кердерерун ейдетуу; тиэкискэ д/а таба булар дьо5урдарын сайыннарыы.
д/а туьугунэн уларыйбатын билэри ситиьии; предмет хас да бэлиэтин буларга эрчиллии; утары суолталаах тыллары хатылааьын 1
81 08.04 Даӄааһын аат 1
82 10.04 Даӄааһын аат 1
83 11.04 Сананы сайыннарыы. 1
84 15.04 Даӄааһын аат 1
85 17.04 Аат тылы даӄааһын аат суолтатыгар туттуу 1
86 18.04 Даӄааһын аат аат тыл суолтатыгар туттуу 1
87 22.04 Нууччалыы суруллар даӄааһын ааттар 1
88 24.04 Нууччалыы суруллар даӄааһын ааттар 1
89 25.04 Аат тыл уонна даӄааһын аат кэпсиирэ буолуута 1
90 29.04 Аат тыл уонна даӄааһын аат кэпсиирэ буолуута Аат тылтан д/а уескуурун билэри ситиьии; этииттэн д/а+а/т ситимин булар дьо5уру сайыннарыы; синонимнары таба туттуу 1
91 02.05 Бэрэбиэркэлиир диктант. 1
92 06.05 Сананы сайыннарыы. 1
93 08.05 Хатылааһын. Түмүктүүр уруоктар Сана чаастары хатылааьын; схеманан этии толкуйдуур дьо5уру сайыннарыы.
Сыллаа5ыны бэрэбиэркэлиир тест; тиэкис, сана чаастара, этии биир уустаах чилиэннэрин хатылааьын.
Сыыьаны кеннеруу, хатылааьын 1
94 13.05 Хатылааһын. Түмүктүүр уруоктар 1
95 15.05 Хатылааһын. Түмүктүүр уруоктар 1
96 16.05 Хатылааһын. Түмүктүүр уруоктар 1
97 20.05 Хатылааһын. Түмүктүүр уруоктар 1
98 22.05 Хатылааһын. Түмүктүүр уруоктар 1
99 23.05 Хатылааһын. Түмүктүүр уруоктар 1
100 27.05 Хонтуруолунай диктант. 1
101 29.05 Сыллаа5ы түмүктүүр хонтуруолунай үлэ 1
102 30.05 Айар уруок 1
23ч.
Барыта: 102ч.