Рабочая программа по якутскому языку 3 класс
МКОУ «Хатынгнахская СОШ» СРЕДНЕКОЛЫМСКОГО РАЙОНА РС(Я)
«Рассмотрено»
на заседании МО учителей Ноговицына Л.А
протокол №от «____»______2015 г. «Согласовано»
Заместитель директора школы по УВР_________
Татаринова Т.С«____»________2015 г. «Утверждаю»
Директор «МКОУ ХСОШ»
_______ ВинокуровА.В .
приказ № ___от «___»____ 2015 г.
РАБОЧАЯ ПРОГРАММА УЧИТЕЛЯ
ПО РОДНОМУ ЯЗЫКУ
3 КЛАСС
на 2015-2016уч год
Учителя начальных классов
Слепцовой Марфы Николаевны
БЫЬААРЫЫ СУРУК
Үөрэх предметен өйдөбүлэ
Төрөөбүт тыл — көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр ханнык баҕарар норуот улуу нэһилиэстибэтэ, киһи аймах ытык өйдөбүллэриттэн (сыаннастарыттан) биирдэстэрэ. Төрөөбүт тыл — oҕoҕo тулалыыр эйгэтин кыраҕатык билэр-көрөр, чугас дьонун-сэргэтин кытта истиҥник бодоруһар, иэйиитэ уһуктар, ейе-санаата сайдар, өбүгэтин үөрэҕин утумнуур сүрүн эйгэтэ.
Ол иһин оҕону кыра сааһыттан оҕо тэрилтэтигэр, оскуолаҕа төрөөбүт тылынан иитии-үөрэтии сүрүн ирдэбил быһыытынан билиниллэн, Российскай Федерация уонна Саха Республикатын үөрэххэ уонна тылга сокуоннарыгар ити өйдөбүл туспа ыстатыйанан киирэн, быраап быЬыытынан көмүскэллээх, билиҥҥи усулуобуйаҕа үгүс норуот тыла чөл туруктаах хааларыгар тирэх буолар.
Алын сүһүөх оскуола таһымыгар төрөөбүт тылы үөрэх предметин быЬыытынан үөрэтиигэ түмүк ирдэбили эмиэ федеральнай государственнай үөрэх стандарда сүрүннүүр.
Ити ааттаммыт докумуон быЬыытынан, начаалынай үөрэхтээһин таһымыгар нуучча уонна төрөөбүт тылы үөрэтиигэ тэн таһымнаах түмүк ирдэнэр. Төрөөбүт тыл атын үөрэх предметтэрин кытта бииргэ оҕо личность быЬыытынан сайдыытын хааччыйыахтааҕа этиллэр, ону сэргэ урукку өттүгэр ирдэммэт саҥа булгуччулаах ирдэбили — үөрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын иҥэриини киллэрэр.
Үөрэх предметин сыала уонна соруга:
Начаалынай оскуолаҕа төрөөбүт тылы үөрэтии предмета атын үөрэх предмэттэрин ортотугар үөрэнээччи тылын-өһүн уонна өйүн-санаатын сайыннарар, сүрүн үөрэнэр үөрүйэ5и иҥэрэр кыа5ынан бас-көс балаһыанньаны ылар предмет буолар. Онон бу предметы уүөэтии тахымыттан саха оскуолатыгар начаалынай үөрэхтээһин уопсай туруга, үөрэнээччи салгыы сүрүн оскуолаҕа ситиһиилээхтик үөрэнэрэ тутулуктаах.
Оҕо начаалынай оскуолаҕа үөрэнэр сааһыгар билиитэ-көрүүтэ, тыла-өһө уонна өҋө-санаата тэтимнээхтик сайдар, иэйиитэ уонна саныыр санаата судургутук олохсуйар буолан, төрөөбүт тылы бу кэмнэ кичэйэн үөрэтии — норуот тыла чөл туруктаах буоларыгар, кэнчээри ыччакка улуу нэһилиэстибэни тириэрдэргэ олус суолталаах.
Этиллибиккэ олоҕуран, төрөөбүт тылы уопсай үөрэхтээһин алын cүһүөx таһымыгар үөрэтии сыалын үс хайысхаҕа араарыахха сеп:
1) үөрэнээччигэ төрөөбүт тыл туһунан билиини аан дойду туһунан научнай билии быстыспат сорҕотун быһыытынан иҥэрии, тыл үөрэҕин сүрүн балаһыанньаларын билиһиннэрии, онно олоҕуран, оҕо билэр-көрөр, толкуйдуур кыаҕын сайыннарыы;
үөрэнээччи дьону-сэргэни кытта төрөөбүт тылынан бодоруһар үөруйэҕин, саҥа (тыл) култуурата киһи уопсай култууратын быстыспат сорҕото буоларын туһунан өйдөбүлгэ тирэҕирэн, caҥa (тыл) араас көрүҥэр (кэпсэтии, суруйуу, аа5ыы, ейтэн айыы, о.д.а.) үөрэтэн, салгыы сайыннарыы;
үөрэнээччигэ төрөөбүт тыл норуот ытык өйдөбүллэриттэн биирдэстэрэ буоларын быһыытынан ураты харыстабыллаах сыһыаны иҥэрии, хас биирдии киһи ийэ тылын сайыннарар иэстээҕин өйдөтүү.
Төрөөбүт тылы начаалынай оскуолаҕа уерэтии сыала маннык сурун соруктары быһаардахха ситиһиллэр:
дьону-сэргэни кытта бодоруЬар caҥa (тыл) сурун көрүҥнэрин үөрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын иҥэриини кытта бииргэ алтыЬыннаран үөрэтии;
тыл (саҥа) — бодоруһуу сүрүн ньымата диэн тутаах өйдөбүлгэ тирэҕирэн, үөрэнээччи кэпсэтэр уонна санаатын толору этэр (тыл этэр), суруйар үөруйэҕин сааhыгap сөп тубэһиннэрэн сайыннарыы;
тыл үөрэҕин билиитигэр, сурук-бичик култууратын төрүт өйдөбүллэригэр олоҕуран, үөрэнээччи төрөөбут тылын литературнай нуорматын тутуһарын, алҕаһа суох саҥарарын уонна суруйарын ситиһии;
тыл үөрэҕин сүрүн салааларын (лексика, фонетика, морфология, синтаксис, тиэкис) туһунан уопсай өйдөбүлү иҥэриигэ тирэҕирэн, үөрэнээччи толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы, сааһыгар сөп тубэһиннэрэн, өй үлэтин дьайыыларыгар үөрэтии;
төрөөбут тылы билии, харыстааһын, сайыннарыы сүрүн ньымаларыгар үөрэтии.
Саха оскуолатыгар нуучча тылын үөрэнээччи төрөөбүт тылга ылбыт билиитигэр,иҥэриммит үөруйэҕэр уонна сатабылыгар тирэҕирэн үөрэтии — билигин олохсуйбут өйдөбүл, бастьпҥ учууталлар угэскэ кубулуйбут үөрэтэр ньымалара..
Төрөөбут тылы начаалынай оскуолаҕа үөрэтии үөрэнээччи нуучча тылын кэбэҕэстик ылынарын хааччыйар, нуучча тылыгар тыл үөрэҕин үгүс уопсай балаһыанньаларын хос эбэтэр уруттаан үөрэтэри лаппа аҕыйатан, учуутал үөрэх чааҕын оҕо нууччалыы саҥатын сайыннарыыга аныыр усулуобуйатын үөскэтиэхтээх. Онон саха оскуолатыгар нуучча тылын үөрэтии хаачыстыбатын тупсарыыга усулуобуйа үөскэтии — төрөөбүт тылы үөрэтии хос сыала-соруга.
Үөрэх былааныгар үөрэх предметын миэстэтэСаха тылын үөрэтии чааһа начаалынай үөрэхтээһини сүрүннүүр уопсай үөрэхтээһин бырагырааматыгар (Примерная основная общеобразовательная программа начального общего образования) бэриллэр төрөөбут тылынан үөрэнэр кылаастарга аналлаах базиснай үөрэх былаанын 3 барыйааныгар тирэҕирэн быһаарыллар. Үөрэх тэрилтэтэ бэйэтин үөрэҕин бырагырааматын, былаанын оҥосторугар онно баар булгуччулаах чааска киирбит предметтэр чаастарын тутуһара ирдэнэр. Үөрэх федеральнай базиснай былаанын үһүc барыйааныгар олоҕуран, саха оскуолатын 3 кылаастарыгар төрөөбүт тылы үөрэтиигэ барыта холбоон нэдиэлэ5э 3 чаас бэриллэр.
Ытык өйдөбүллэрин үөрэх предметин ис хоһоонугар киллэрии
Начаалынай кылааска саха тылын үөрэтии oҕoҕo ытык өйдөбүллэри (духуобунай сыаннастары) иҥэриигэ улахан суолталаах. Ол курдук үөрэтии ис хоһоонугар тыл үөрэҕин сүрүн хайысхаларын сэргэ уруок, кэпсэтии (бодорукуу) тиэмэтин, үөрэтии матырыйаалын быЬыытынан төрөөбүт дойду, ийэ дойду, төрөөбут тыл, айылҕа, үлэ, төрүт дьарык, ыал, дьиэ кэргэн, айымньы уонна кэрэ эйгэтэ, көҥүл, кырдьык, үтүө санаа, киһи аймах, аан дойду омуктарын тылларын уонна култууратын эгэлгэтин курдук ытык өйдөбүллэр (духуобунай сыаннастар) киириэхтээхтэр.
Үөрэх предметин үөрэтии түмүгэЫтык өйдөбүллэрин үөрэтии түмүгэ (личностные результаты)
Саха тылын оскуолава уерэтии кэмигэр обо маннык ытык ейдебуллэри (духуобунай сыаннастары) ингэриннэеинэ тереебут тыла сайдарыгар бэриниилээх, эппиэтинэстээх буоларыгар, бэйэтин кыа5ын толору туЬанарыгар эрэниэххэ сеп.
Төрөөбут тыл — омугу сомоҕолуур тыл буоларын өйдүүр.
Төрөөбут тыл төрут айылгыта, үйэлээх угэһэ, этигэн кэрэтэ норуот тылынан уус-уран айымньытыгар уонна уус-уран литература5а сөҥмүтүн билэр.
Төрөөбут тылын сайыннарар, кэлэр көлүөнэҕэ тириэрдэр ытык иэстээҕин, ийэ тыл үйэлэргэ чөл туруктаах буоларыгар тус оруоллааҕын өйдүүр.
Төрөөбут тыл иитиллэр, уерэнэр, айар-сайдар тыл буоларын итэҕэйэр.
Төрөөбут тыл элбэх омук алтыһан бииргэ олорор кэмигэр, икки (элбэх) тылланыы усулуобуйатыгар хас биирдии киһиттэн харыстабыллаах сыһыаны эрэйэрин өйдүүр.
Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ (метапредметные результаты)
Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл.
Тылын сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох- ханнык түмүккэ кэлиэхтээщн быһа холоон билэр. Тугу билэрин-билбэтин, тугу ситэри үөрэтиэхтээҕин арааран өйдүүр. Сылга бииртэн итэҕэһэ суох төрөөбут тылга аналлаах бырайыактарга кыттан (тус бырайыага, коллективнай бырайыак) үлэлиир.
«Тылы сэрэйэр» дъоҕуру (языковое чутье, чувство языка) сайыннарыы. Бэйэтин сааһыгар сөп түбэһэр тиэкискэ үөрэппит матырыйаалын сүнньүнэн тыл литературнай нуормата caҥapap эбэтэр суруйар киһи тылыгар төһө сеөкө эбэтэр сыыһа туттулларын тута «сэрэйэн» билэр, итэҕэһин , алҕаһын быһаарар, көннөрөр, бэйэтин тылыгар-өһүгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуһарга дьулуһар.
Тылын сайыннарар баҕаны үөскэтии Төрөөбүт тылын барда баайын сыаналыыр, тыл кэрэтигэр умсугуйар, этигэн тыл күүһүн, кыаҕын толору туһанарга, тылын-өһүн бэйэтэ сатаан чочуйан, тупсаран, санаатын сиһилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуһар.
Хонтуруолланыы. Бэйэ санаатын өрүү кэтэнэр, көрүнэр, алҕаһа суох саҥарарга, санаатын ыпсаран, хомодойдук этэргэ кыЬаллар.
Билэр-көрөр сатабыл. Сүрүн үөрэнэр сатабыл.
Үлэ сыалын-соругун таба туруоруу. Төрөөбүт тылын үөрэтэригэр сыал-сорук туруорунан көдьүүстээхтик үлэлиир.
Билиини-көрүүнү кэҥэтэр араас матырыйаалы туһаныы. Сахалыы үөрэх-наука литературатыттан (тылдьыттартан, ыйынньыктартан, энциклопедиялартан, араас кинигэттэн) туһааннаах информацияны, билиини дөбөҥнүк булар, бэлиэтэнэр, түмэр, ситимниир араас ньыманы табыгастаахтык тyhaнap. Сахалыы тахсар oҕoҕo аналлаах республика, улуус, оскуола хаЬыаттарын-сурунаалларын («Кэскил», «Чуораанчык», о.д.а.) тиһигин быспакка ааҕар, араадьыйанан, телевизорынан сахалыы биэриилэри сэргээн истэр-көрөр, үөрэтэр, чинчийэр, айар үлэтигэр туһанар. Сахалыы үөрэҕи сайыннарар интернет-сайтартан туһалаах, наадалаах информацияны булан, сөпкө наардаан туһанар; тиэкиһи компьютерга сахалыы шрибинэн бэйэтэ тэтимнээхтик бэчээттиир; интернет нөҥүө сахалыы ыытыллар араас тэрээһиҥҥэ төрөөбүт тыл литера- турнай нуорматын тутуһан, көхтөөхтүк кыттар.
Билиини сааһылааһын (структурирование знаний). Caҥa билии ыларга баар билиитигэр тирэҕирэр. Атын предметтэргэ ылбыт билиитин сатаан ситимниир (интеграция знаний ).
Тобулук өйү сайыннарар үөрүйэхтэр. Төрөөбут тыл оскуолаҕа оҕону сайыннарар үөрэх тутаах салааларыттан (предметтэриттэн) биирдэстэрэ. Онон уерэнээччи саха тылын үөрэтэр кэмигэр үөрэнэргэ төрүт буолар өй үлэтин сүрүн үөрүйэхтэрин баһылыыр.
Саха тылын лингвистическэй матырыйаалыгар тирэҕирэн, өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик толорор: тэҥнээьин ырытыы холбооһун тумуктэһьин ханыылатан сааһылааһы,н майгыннатыы ,сааһылаан ситимнээьин Итини сэргэ араас тойоннуур ньыманы табыгастаахтык туһанан дьону итэҕэтэр, ылыннарар курдук санаатын сааһылаан этэр үөрүйэҕэ сайдар.
Рефлексия. Сыалы-соругу ситиһэр ньымаларын уонна усулуобуйаларын төһө сөпкө талбытын сыаналыыр, үлэ хаамыытын хайдах салайан иһэрин кэтээн көрөр. Үлэ түмүгүн дьон интэриэһин, болҕомтотун тардар курдук сахалыы кэпсиир.
Бэлиэни-символы туһанар үөрүйэхтэр. Дорҕоон (буукуба), тыл, этии чилиэннэрин, тиэкис анал бэлиэлэрин сатаан туһанар. Анал бэлиэлэринэн тыл, этии, тиэкис моделын онорор. Бэриллибит моделга тирэҕирэн, тылы, этиини толкуйдуур, тиэкиһи айар. Этиини, тиэкиһи көннөрөргө анал корректорскай бэлиэлэри сатаан туһанар. Лингвистическэй билиини араас таблица, исхиэмэ, модель, диаграмма көмөтүнэн көрдөрөр. Таблицанан, исхиэмэнэн, моделынан, диаграмманан көрдөрүллүбүт лингвистическэй билиини өйдүүр уонна кэпсиир.
Бодоруһар сатабыл.
Бииргэ үлэлииргэ үөрүйэх. Дьону кытта бииргэ алтыһан үөрэнэр, үлэлиир араас ньыманы баһылыыр (пааранан, бөлөҕүнэн, хамаанданан, о.д.а). Саастыылаахтарын, улахан дьону кытта айымньылаах алтыһыы туругар кэбэҕэстик киирэр , биир сыаллаах-соруктаах дьонун кытта таЬаарыылаахтык улэлиир үөрүйэхтэнэр.
Кэпсэтэр үөрүйэх. Кэпсэтии уратыларын өйдүүр, табан кэпсэтэр. Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, сэҥээрэр, санаатын болҕойон истэр, ылынар. Ханнык баҕарар эйгэҕэ кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар, сэргэхситэр, сонурҕатар, көҕүлүүр сатабылы табан туһанар. Кэпсэтэр кэмҥэ бэйэ көрбүтүн, истибитин, аахпытын сиһилии сэһэргиир.
Кэпсэтии сиэрин mymyhap үөрүйэх. Дьону кытта алтыһыыга кэпсэтии сиэрин тутуһар, туттан-хаптан бодоруһуу ньымаларын тоҕоостоохтук туттар.
Сахалыы дорооболоһор, билсиһэр, быраһаайдаһар, көрдөһөр, бырастыы гыннарар, буойар, телефонунан кэпсэтэр, о.д.а. үгэстэри иҥэриммит, күннээҕи олоҕор өрүү туттар.
Тустаах үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ
Саха тылын литературнай нуорматын (орфоэпическэй, лексическэй, грамматическай) mymyhap. Дорҕоону, буукубаны, тыл сүһүөҕүн, caҥa чааЬын, этии чилиэнин, судургу этиини булар, быһаарар, наардыыр.
Сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылаларын mymyhap.
Тиэкис өйдөбүлүн, бэлиэтин билэр (тиэмэтэ, сцрцн санаата, аата, эпиграф, ту-тула, этиилэрин ситимэ).
Саныыр санаатын сааһылаан, дьоҥҥо өйдөнүмтүөтүк, тиийимтиэтик этэр, тиэкис тутулун mymyhaн суруйары сатыыр.
Тиэкис тииптэрин сэһэргээьин, ойуулааһын, тойоннооһун диэн араарар.
Монолог (сэһэргиир, ойуулуур, тойоннуур) уонна диалог (кэпсэтии, санаа үллэстии, ыйыталаһыы, о.д.а.) арааһын сатаан myhaнap.
Бэйэ саҥатын (тылынан, суругунан) сатаан хонтуруолланар, тиэкиһин ис хоһоонун, тылын-өһун сыаналанар, алҕастарын булар, чочуйар, тупсарар.
Үөрэх предметин ис хоһооно
Начаалынай оскуолаҕа төрөөбут тылы үөрэтии уопсай үөрэхтээһин систиэмэтигэр саха тылын үөрэтэр предмет быстыспат сорҕото, «Филология» үөрэх уобалаһыгар төрүт буолар сүрүн куурус буолар.
Төрөөбут тылы начаалынай оскуолаҕа үөрэтии матгнайгы кылааска «Бодоруһарга үөрэнэбит» диэн caҥа киирэр салааттан садаланар, ол кэнниттэн «Грамотаҕа үөрэтии» диэн үгэс буолбут ааҕарга уонна суруйарга үөрэтэр салаа «Ааҕарга уонна суруйарга үөрэнэбит» caҥa аатынан үөрэтиллэр. Бу кэмҥэ үөрэх былааныгар төрөөбүт тыл уонна литературнай ааҕыы чаастара бииргэ бэриллэллэр. «Аадҕрга уонна суруйарга үөрэнэбит» салаа кэнниттэн биирдэ төрөөбүт тыл уонна литературнай ааҕыы предметтэрэ тус- туспа үөрэтиллэллэр. Ити кэмтэн ыла начаалынай оскуолаҕа төрөөбүт тыл предметин сүрүн ис хоһоонун тиһиктээхтик үөрэтии саҕаланар.
Төрөөбут тылы начаалынай оскуолаҕа үөрэтии ис хоһоонун сурун хайысхалара үөрэтии түмүк ирдэбилин уонна сыалын-соругун ситиһэргэ аналлаах тутаах научнай балаһыанньалартан таҥыллар. Ити ирдэбилгэ олодуран, маннык сүрүн научнай хайысхалар киирэллэр:
Бодоруһуу култуурата.
Саҥа көрүҥэ истин, сангарыы, ааҕыы, суруйуу.
Тыл уерэҕин тутаах салааларын туһунан уопсай өйдөбүлэ: фонетика, лексика, морфология, синтаксис.
Сурук-бичик култуурата: таба суруйуу уонна сурук бэлиэтэ.
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы (тиэкис туһунан сцрцн өйдөбүл).
Сурун хайысхаларга киирбит тиэмэлэр ис хоһоонноро начаалынай оскуола үөрэнээччитин сааЬын уратытын, өйүн-санаатын кыаҕын, билэр-көрөр дьоҕурун учуоттаан таҥыллыахтаахтар.
Бодоруһуу култуурата
Дьону кытта бодоруһуу араас көрүҥэ: кэпсэтии, сэһэргэһии, сүбэлэһии, сөпсөһүү. Тылы бодоруһуу сүрүн ньыматын быһыытынан арыйыы: бодоруһууга саҥа уонна туттуу-хаптыы суолтата. Саҥарыы уонна истии култууратын, кэпсэтии сиэрин тутуһуу.
Саҥа көрүҥэ: истии, саҥарыы, ааҕыы, суруйуу
Истии. Дьону кытта бодоруһууга (кэпсэтиигэ) истии култууратын тутуһуу, Кэпсэтии сыалын-соругун, дьон этэр санаатын, кэпсэтии ис хоһоонун өйдөөһүн. Сахалыы араас тиэкиһи истии, сүрүн ис хоһоонун, болҕойуллуохтаах түгэннэрин истэн сиһилии ылыныы, истибиккэ олоҕуран тус санааны үөскэтии. Истибиттэн туЬааннааҕы, суолталааҕы сурунуу, былаан оҥоруу, анал бэлиэлэри туһанан, ис хоһоонун, тутулун исхиэмэнэн көрдөрүү.
Аа5ыы. Сахалыы араас тиэкиһи сахалыы саҥа интонациятын, төрүт дорҕоон этиллиитин тутуһан, тэтимнээхтик ааҕыы. Тиэкиһи туох сыаллаах-соруктаах ааҕартан көрөн, ааҕыы араас көрүҥүн сатаан туһаныы (үөрэтэр ааҕыы, билсиһэр аа5ыы, сорудахтаах аа5ыы, о.д.а.). Ааҕыы кэмигэр тиэкис сүрүн санаатын өйдөөһүн, наадалаах, туһалаах информацияны араарыы. Аахпыт тиэкис сурун ис хоһоонугар тус сыанабылы сатаан этии. Тиэкистэн синонимы, сомоҕо домоҕу, түөлбэ тылы, ойуулуур-дьуьуннуур ньыманы туттуу бастыҥ холобурун булуу, анаан болҕойуу, аахпыты кэпсииргэ туһаныы. Ааҕыллар тиэкистэн билбэт, өйдөөбөт сайта тыллары тылдьыттан булуу. Ааптар санаатын, иэйиитин биэрэригэр тиэкис тутулун, этии арааһын хайдах туһаммытын быһаарыы. Ааҕыыга тиэкис интонациятын, туонун сүрүн санааҕа сөп түбэһиннэрэн таба тайаныы.
Саҥарыы (дорҕоонноох саҥа). Кэпсэтии сиэрин, саҥарыы култууратын тутуһуу. Дьону кытта табан кэпсэтии. Кэпсэтиини тоҕоостоохтук көҕулээһин, саҕалааһын, салҕааһын, түмүктээЬин. Саныыр санааны толоруу, сиһилии тириэрдэр инниттэн кэпсэтии еыалыгар-соругар, ис хоһоонугар сөп тубэһэр сахалыы тылы-өhy, ойуулуур- дьуһуннуур ньымалары таба туһаныы. Саҥарыы кэмигэр туттуу-хаптыы бэлиэтин тоҕоостоохтук туттуу. Саҥа тиибин арааһын (ойуулааһын, сэһэргээһин, тойоннооһун) туттан тыл этии. Кэпсэтии, тыл этии түгэниттэн дорҕоону күүһүрдэн-сымнатан, үрдэтэн-намтатан, уһатан, куолас толбонун, эгэлгэтин туһанан истээччигэ тус сыһыаны, иэйиини тириэрдии. Этэр санааны сааһылаары эбэтэр тустаах өйдөбүлү истээччигэ тоһоҕолоон тиэрдээри тоҕоостоох миэстэҕэ анал тохтобуллары сатаан туһаныы. Түгэниттэн көрөн, саҥарыы тэтимин сөпкө талыы.
Суруйуу (суругунан саҥа). Сурук-бичик култууратын тутуһуу. Тупсаҕай буочарынан ыраастык суруйуу. Тиэкиһи устуу, истэн суруйуу (диктант). Саныыр санааны суругунан сиһилии тириэрдии. Аахпыттан суруйуу Дьиэ кэргэн, чугас доҕор, таптыыр дьарык, айылҕа, кыыллар тустарынан, ону таһынан айымньы, хартыына, киинэ ис хоһоонун, экскурсияҕа, быыстапкаҕа сырыы туһунан тэттик тиэкистэри суруйуу (өйтөн суруйуу). Суругунан улэҕэ синоним тыллары, сомоҕо домоҕу , онтон да атын сахалыы ойуулуур-дьүһуннүүр ньымалары туттуу. Тиэкис тутулун, сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылатын тутуһуу.
Тыл үөрэҕэ
Төрөөбүт тылбыт — саха тыла. Саха омук үөскээбит, сайдыбыт историята. Саха тыла — түүр тыла. Саха тылын уруулуу тыллара. Төрөөбүт тыл киһи олоҕор суолтата.
Дорҕоон уонна таба саҥарыы. Caҥa дорҕоонун вйдвбулун, сахалыы дорҕоон арааһын билии. Төрөөбүт тылын дорҕооннорун, ордук чуолаан сахалыы ураты дорҕооннору (yhyн-кылгас aha5ac уонна хоһуласпыт, сэргэстэспит, маарыннаһар бутэй дорҕооннору, дифтоннары, h, нь, мурун j, 5 дорҕооннору) арааран истии, чуолкайдык, таба саҥарыы нуорматын тутуһан саҥарыы. Саха тылыгар киирии тыллары үксүн сахаты- тан, ahaҕac дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрин сокуонун тутуһан саҥарыы, Тылы дорҕоонун састаабынан ырытыы.
Лексика. Норуот тылын туһунан уопсай өйдөбүлү, төрут уонна киирии тыл уратыларын билии. Литературнай тыл суолтатын билии, нуорматын тутуһуу. Тыл лексическэй суолтатын быһаарыы. Хомуур суолталаах, түөлбэ тыл, биир уонна элбэх суолталаах тыллар, көспүт суолталаах тыллар, омоним, антоним, синоним (харыс тыллар, метафоралар, сомоҕо домох) өйдөбүллэрин билии, тиэкистэн булуу, саҥарар саҥаҕа сөпө туттуу. Быһаарыылаах тылдьыт арааһын сатаан туһаныы, тыл суолтатын тылдьыттан булан быһаарыы.
Графика. Сурук сайдыытын бэлиэ түгэннэрин билсии, киһи олоҕор суолтатын өйдөөһүн. Сахалыы сурук-бичик сайдыытын историятын билии. Дорҕоон буукубаларын билии, таба ааттааһын. Буукубалары суруллар ньымаларынан холбоон, ыраастык, тэтимнээхтик илиинэн суруйуу. Сурукка туттуллар атын бэлиэлэри, өйдөбүллэри абзац, тылы кеьеруу бэлиэтэ, тыл икки арда сөпкө туттуу. Сахалыы алпаабыт бэрээдэгин билии. Араас тылдьытынан, ыйынньыгынан, каталогунан үлэлииргэ алпаабыты сөпкө туһаныы. Компьютерга сахалыы шрибинэн тиэкиһи тэтимнээхтик бэчээттээн суруйуу.
Морфология. Тыл састааба диэн өйдөбүлү, тыл уларыйар уонна үөскүүр ньыматын билии. Caҥa чааһын туһунан уопсай өйдөбүлү билии. Саҥа чаастарын бөлөҕө: ааттар (аат тыл, даҕааьын аат, ахсаан аат, солбуйар аат), туохтуурдар (аат туохтуур, сыһыат туохтуур, тус туохтуур), сыһыат, көмө саҥа чаастара, саҥа аллайыы. Тылы састаабынан ырытыы (тыл олоҕо, сыһыарыыта). Тыллары сүрүн бэлиэлэринэн (грамматическай халыыптарынан) бөлөхтөөһүн, ырытыы. Саҥарар саҥаҕа тыл литературнай нуорматын тутуһуу.
Синтаксис. Этии уонна тыл ситимэ уратыларын, этии арааһын (сэһэн, ыйытыы, күүһүрдүү) билии. Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии, судургу уонна холбуу этии, сирэй сана, ойоҕос саҥа, диалог, туһулуу өйдөбүллэрин билии, этиигэ, тиэкискэ арааран булуу, бэйэ этиитин толкуйдааһын. Этиини таба интонациялаан ааҕыы, сурукка caҥa дэгэтин сурук бэлиэтинэн араарыы. Этии чилиэнинэн ырытыы.
Сурук-бичик култуурата
Таба суруйуу. Таба суруйуу сурук-бичик култуурата буоларын өйдөөһүн. Уһун ahaҕac дорҕооннору, дифтону, хоһуласпыт, сэргэстэспит, маарыннаһар бүтэй дорҕооннору, саха тылыгар киирии дорҕооннору таба суруйуу. Сахалыы араастык этиллэр тыллар таба суруллуулара тыл төрүт сокуоннарыттан тахсалларын, норуокка үөрүйэх, үгэс буолбут нуормаларыгар олодуралларын өйдөөһүн, харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы. Киэҥник, элбэхтик туттуллар эбэтэр сахалыы этэргэ табыгастаах киирии тыллары сахатытан суруйуу. Тылбаастанар эбэтэр саха тылынан бэриллэр кыахтаах нуучча тылларын сахалыы солбугунан биэрии. Олохторо нууччалыы суруллар киирии тыллар сыһыарыыларын таба суруйуу.
Сурук бэлиэтэ. Сурук бэлиэтэ — тыл култууратын сордото буоларын, киһи этэр санаатын чуолкайдыырга, иэйэр иэйиини сурукка биэрэргэ, суругу-бичиги тупсарарга биллэр-көстөр туһалааҕын, тиэкис ардам-тардам барбатын, ыһыллыбатын, биир сомоҕо, сибээстээх буоларын хааччыйарын өйдөөһүн. Тылын ордук тупсаҕай тутуллаах, этигэн, бэргэн буоларыгар сахалыы этии, сурук бэлиэтин арааһын (араарар, тоһоҕолоон бэлиэтиир) сатабыллаахтык туттуу.
Ситимнээх санганы сайыннарыы
Туох сыаллаах-соруктаах саҥарарын-суруйарын чуолкай өйдөөн ,дьон ейүгэр-санаатыгар тиийимтиэтик санаатын сааһылаан, араас тиэкистэри холкутук саҥарыы-суруйуу (истэн суруйуу, өйтөн суруйуу, о.д.а.). Тиэкис сурун санаатыгар олоҕуран, тиэкиһи таба ааттааЬын. Тиэкис тиибиттэн көрөн (сэьэргээһин, ойуулааһын, тойоннооһун), тиэкис тутулун тутуһар (киириитэ, ецрцн чааһа, тцмцгэ), былаанын oцopop (кылгас, тэнийбит), кэрчик тиэмэлэргэ бытарытыы. Тыл туттуллар уратытын, дэгэтин учуоттаан, сахалыы тутуллаах этиилэри (логичность речи), ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары, тыл баайын сөпкө туттар.
Үөрэтии программата саха оскуолатын программатынан оноһулунна . Учебник “ САХА ТЫЛА” 3 кылаас автордара: Л.В Захарова, В.А Попова , С.Е Баснаева, Н.С Олесова, А.В Попова Издательство: «Бичик» 2009 с Сылга- 99 ч, 1 чиэппэргэ-24ч , 2 чиэппэргэ- 24ч, 3чиэппэргэ- 29 ч . 4 чиэппэргэ- 22ч.
Сылга барыта 99 чаас, Нэдиэлэ5э 3 чаас, Грамматика5а – 84 чаас+ 15 чаас сананы сайыннарыыга.
Үөрэх дьылын бутуутэ уорэнээччигэ ирдэбил:
- тылы састаабынан ырытар( олоҕо + сыһыарыыта)
- тыл саҥа чаастарын ,сурун бэлиэлэрин быьаарар( аат тыл,да5ааьын аат, солбуйар аат,
туохтуур) - этии тутаах чилиэннэрин булар ,дакаастыыр, бэлиэтиир
- этииттэн тыллар ситимнэрин онорор, наадалаах тыл ситимнэрин булар
- судургу этиини чилиэннэринэн ырытар
Сананы сайыннарыы
О5о тылын –оьун сайыннарыыга, санарар културатын урдэтиигэ программа бигэ хайысханы тутуьар. Саха оскуолатын алын суьуох кылаастарыгар ситимнээх сананы сайыннарыы туох ханнык иннинэ тылынан кэпсиир уонна кэпсэтэр уоруйэ5и сайыннарартан тутулуктаах.
а) Истэр уонна тыынар органнар улэлэрин тупсарар,санарар органнар былчыннарын сайыннарар,
куолаьы синньэтэ-сонньото, улаатыннара-куччата уорэтэр эрчиллиилэр.Тылы,этиини хоьоонунан тиэкиьи чуолкайдык санарыы,ыксаабакка,тыны сопко ылан, иьиллэр гына, улаханнык санарарга уорэнии.
б) Араас ситуациялары кэпсэтиьии,ырытан быьаарыы.Тыл культуратын билсиьии.
в) Сана икки арааьа: тылынан уонна суругунан сана.Сурук,э5эрдэ арааьа.
д) Тиэкиьинэн улэ Араас сыаллаах-соруктаах задачалар, риторическай ситуациялар,оонньуулар.
Саха тылыгар халандаарынай былаан
Уруок темата Уруок сыала-соруга Билэр-көрөр сатабыл. Сүрүн үөрэнэр сатабыл. Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл. Бодоруһар сатабыл. Буолар кэмэ Чаас сыһыарыы
1 чиэппэр -23 чаас
1-2. Иккис кылааска барбыты хатылааьын. Алфавит. Алфавит.
Дор5оон уонна буукуба өйдөбүллэрин билэргэ,фишкаҕа көрдөрөргө, араарарга,схемаҕа. тылга булан ырытарга үөрэтии Төрөөбүт тыл киһи олоҕор суолтатын билэр. Учуутал көмөтүнэн урокка сыалы , соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох- ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быһа холоон билэр. Тугу билэрин-билбэтин, тугу ситэри үөрэтиэхтээҕин арааран өйдүүр. Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, сэҥээрэр, санаатын болҕойон истэр, ылынар Дьону кытта бииргэ алтыһан үөрэнэр, үлэлиир. 3.09
5.09 2 хартыыналар
3 Бэлэмнэниилээх диктант«Оо5уй ситимэ» Иккис кылааска барбыты хатылааьын Тылы таба суруйары сайыннарыы. Төрөөбүт тылын дорҕооннорун, ордук чуолаан сахалыы ураты дорҕооннорун (yhyн-кылгас aha5ac дорҕоонору, дифтоннары арааран истэр, таба суруйар. Тугу билэрин-билбэтин, тугу ситэри үөрэтиэхтээҕин арааран өйдүүр. Төрөөбүт тылын үөрэтэригэр сыал-сорук туруорунан көдьүүстээхтик үлэлиир Дьону кытта бииргэ алтыһан үөрэнэр, үлэлиир араас ньыманы баһылыыр 8.09 1 4.Дор5ооннор. Аьа5ас дор5ооннор Диктаны таба суруйуу. Сурук-бичик култууратын тутуһуу. Тупсаҕай буочарынан ыраастык суруйуу. Төрөөбүт тылын үөрэтэригэр сыал-сорук туруорунан көдьүүстээхтик үлэлиир.
Диктаны алҕаьа суох таба суруйарга кыьаныы. Бэйэ санаатын өрүү кэтэнэр, көрүнэр, алҕаһа суох саҥарарга, санаатын ыпсаран, хомодойдук этэргэ кыЬаллар..Төрөөбүт тылын дорҕооннорун, ордук чуолаан сахалыы ураты дорҕооннору (yhyн-кылгас aha5ac арааран истии, чуолкайдык, таба саҥарыы нуорматын тутуһан саҥарыы. Дьону кытта бииргэ алтыһан үөрэнэр, үлэлиир араас ньыманы баһылыыр 10.09 1 5. Дор5ооннор.
Аьа5ас дор5оон. Аьа5ас дор5оон арааһын билиһиннэрии Илин уонна кэлин аьа5ас дор5оон ойдобулун ылыы. Төрөөбүт тылын үөрэтэригэр сыал-сорук туруорунан көдьүүстээхтик үлэлиир 12.09 1 презентация «Дорҕооннор»
6.Дифтонг Аьа5ас дор5оон .Аьа5ас дор5оон арааһын хатылааһын Аһаҕас дорҕооннору салгыы үөрэтии, дифтоннары таба ааҕа, суруйа үөрэнии кыаҕын биэрии. Дорҕоон (буукуба), бэлиэлэрин сурукка сатаан туһанар., 15.09 1 7 . Аьа5ас дор5оон тематыгар хатылааьын Аһаҕас дорҕооннор уонна буукубалар тиэмэҕэ үөрэнээччи ылбыт билиитин хонтуруолланар , сыаналанар үөрүйэҕин сайыннарыы итэҕэһин , алҕаһын быһаарар, көннөрөр, бэйэтин тылыгар-өһүгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуһарга дьулуһар биир сыаллаах-соруктаах дьонун кытта таЬаарыылаахтык улэлиир үөрүйэхтэнэр. 17.09 1 8.Бэрэбиэкэлиир диктант
Хоьуласпыт бутэй до5оонноох тыллары таба суруйуу Хоһуласпыт бүтэй дорҕоону тылга сүһүөҕүнэн таба араарарга, таба суруйарга үөрэнии Ылбыт билиитин туьанан таба суруйарын кэтэнэн корор. Бэйэтин бэрэбиэркэлэнэр.ал5аьын конностор. биир сыаллаах-соруктаах дьонун кытта таЬаарыылаахтык улэлиир үөрүйэхтэнэр. 19.09 1 9 Бутэй дор5оон нор Бүтэй дорҕоон туьунан ойдобүлү салгыы саыннарыы, тылга бутэй дорҕооннору булан сатаан ырытар. Бэйэ санаатын өрүү кэтэнэр, көрүнэр, алҕаһа суох саҥарарга, са¬наатын ыпсаран, хомодойдук этэргэ кыЬаллар. Төрөөбүт тылын үөрэтэригэр сыал-сорук туруорунан көдьүүстээхтик үлэлиир 22.09 1 презентация «Дорҕооннор»
10.Хоьуласпыт бутэй дор5ооннор Эрч:1-5 эрчиллиилэр Хоһуласпыт бүтэй дорҕоону тылга сүһүөҕүнэн таба араарарга, таба суруйарга үөрэнии Бэйэ санаатын өрүү кэтэнэр, көрүнэр, алҕаһа суох саҥарарга, са¬наатын ыпсаран, хомодойдук этэргэ кыЬаллар. Төрөөбүт тылын үөрэтэригэр сыал-сорук туруорунан көдьүүстээхтик үлэлиир биир сыаллаах-соруктаах дьонун кытта таЬаарыылаахтык улэлиир үөрүйэхтэнэр. 24.09 11. сэргэстэспит бутэй дорҕооннор 1-7 эрчиллиилэр Сэргэстэспит бүтэй дорҕооннору тылга сүһүөҕүнэн таба араарарга, таба суруйарга үөрэнии Төрөөбүт тылын үөрэтэригэр сыал-сорук туруорунан көдьүүстээхтик үлэлиир Кэпсэтии уратыларын өйдүүр, табан кэпсэтэр. 26.09 1 12. маарыннаьар бутэй дор5ооннор. араастара. 1-7 эрчиллиилэр Талар диктант Буукубалары суруллар ньымаларынан холбоон, ыраастык, тэтимнээхтик илиинэн суруйуу. Бэйэ санаатын өрүү кэтэнэр, көрүнэр, алҕаһа суох саҥарарга, санаатын ыпсаран, хомодойдук этэргэ кыЬаллар. Саастыылаахтарын кытта (пааранан,бөлөҕүнэн ) айымньылаах алтыһыы туругар кэбэҕэстик киирэр. 29.09 1 13маарыннаьар бутэй дор5ооннору хатылааьын Үлэ түмүгүн дьон интэриэһин, болҕомтотун тардар курдук сахалыы кэпсиир. биир сыаллаах-соруктаах дьонун кытта таЬаарыылаахтык улэлиир үөрүйэхтэнэр. 01.10 1 14. Саҥара үөрэнэбит.
суругунан улэ.Диктант. Хонтуруолунай улэ суруйуу .Бэйэ санаатын өрүү кэтэнэр, көрүнэр, алҕаһа суох саҥарарга, са-наатын ыпсаран, хомодойдук этэргэ кыЬаллар. 03.10 1 хартыыыналар
15. нууччаттан ккирбит аьа5ас др5ооннор. я, е, е, ю Киирии дор5оон уонна
буукуба.я,е.е.ю 06.10 1 презентация «Дорҕооннор»
16 Сэрэтиилээх диктант Эрч 6 стр 24
Буукубалары суруллар ньымаларынан холбоон, ыраастык, тэ¬тимнээхтик илиинэн суруйуу. Бэйэ санаатын өрүү кэтэнэр, көрүнэр, алҕаһа суох саҥарарга, са-наатын ыпсаран, хомодойдук этэргэ кыЬаллар. биир сыаллаах-соруктаах дьонун кытта таЬаарыылаахтык улэлиир үөрүйэхтэнэр. 08.10 1 17. -18
Киирии бутэй дор5оонноох тыллар Дорҕоон (буукуба), тыл, анал бэлиэлэрин сатаан туһанар. Сыалы-соругу ситиһэр ньымаларын уонна усулуобуйаларын төһө сөпкө талбытын сыаналыыр, үлэ хаамыытын хайдах салайан иһэрин кэтээн көрөрКэпсэтии уратыларын өйдүүр, табан кэпсэтэр. 10.10
13.10 2 19 Кордоруулээх- сэрэтиилээх диктант . Маннайгы композитор. .Киирии дор5оон уонна буукуба. с з ш ж ц щ Үөрэнээччи ылбыт билиитин хонтуруолланар , сыаналанар үөрүйэҕин сайыннарыы Буукубалары суруллар ньымаларынан холбоон, ыраастык, тэтимнээхтик илиинэн суруйуу. Ылбыт билиитин туьанан таба суруйарын кэтэнэн корор. Бэйэтин бэрэбиэркэлэнэр.ал5аьын конностор. Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, болҕойон истэр, ылынар. кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар сатабылы табан туһанар. 15.10 1 портрет
20.Пааралаьар бүтэй дор5ооннор.
Нууччалыы суруллар пааралаьар бутэй Нууччалыы суруллар пааралаьар бутэй дор5ооннору билиһиннэрии Анал бэлиэлэринэн тыл, этии,моделын онорор. Бэриллибит моделга тирэҕирэн, тылы, этиини толкуйдуур, тиэкиһи айар Кэпсэтэр кэмҥэ бэйэ көрбүтүн, истибитин, аахпытын сиһилии сэһэргиир. 17.10 1 презентация «Дорҕооннор»
21. Дор5оон диэн тема5а тест Дор5оон туьунан билиини чинэтии, бэрэбиэкэлээһин Дор5оон туьунан билиини чинэтии, бэрэбиэкэлээһин Ылбыт билиитин туьанан таба эппиэттиирин кэтэнэн корор. Бэйэтин билиитин бэрэбиэркэлэнэр. ал5аьын конностор. Саастыылаахтарын кытта (пааранан,бөлөҕүнэн ) айымньылаах алтыһыы туругар кэбэҕэстик киирэр. 19.10 1 22. чиэппэрдээ5и хонтуруолунай диктант Истэн диктант Буукубалары, тыллары, этиилэри суруллар ньымаларынан холбоон, ыраастык, тэтимнээхтик илиинэн суруйуу. Ылбыт билиитин туьанан таба суруйарын кэтэнэн корор. Бэйэтин бэрэбиэркэлэнэр.ал5аьын конностор. 22.10 1 23. сыыьа5а улэ үөрэнээччи ылбыт билиитин хонтуруолланар , сыаналанар үөрүйэҕин сайыннарыы Бэйэтин бэрэбиэркэлэнэр.ал5аьын конностор. 24.10 1 . Саха тылын лингвистическэй матырыйаалыгар тирэҕирэн, өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик толорор: тэҥнээһин), ырытыы холбооһун түмүктээһин ханыылатан сааһылааһын ,майгыннатыы), сааһылаан ситимнээһини онорор. 2 чиэппэр ( 24 ч )
1 Тыл састааба.Тыл оло5о уонна сыьыарыы Эрч 1-7 Тыл сатаабын олоҕун уонна сыьыарыыларын туьунан ойдобуллэрин кэнэтэр, чинэтэр уонна эрчиллиилэргэ тылллары стааан сатаабынан ырытар үөрүйэҕи салгыы сайыннарыы. Кэпсэтии уратыларын өйдүүр, табан кэпсэтэр. Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, болҕойон истэр, ылынар. 3.11 1 2.тыл оло5о уонна сыьыарыы Идэни кордорор кыччатар чаан . идэни көрдөрөр- Ьыт –сыьыарыылары билиһиннэрии Дорҕоон (буукуба), тыл, анал бэлиэлэрин сатаан туһанар. Сыалы-соругу ситиһэр ньымаларын уонна усулуобуйаларын төһө сөпкө талбытын сыаналыыр, үлэ хаамыытын хайдах салайан иһэрин кэтээн көрөрКэпсэтии уратыларын өйдүүр, табан кэпсэтэр5.11 1 хартыыыналар
3.хонтуруолунай устуу Буукубалары суруллар ньымаларынан холбоон, ыраастык, тэтимнээхтик илиинэн суруйуу. Үлэ түмүгүн дьон интэриэһин, болҕомтотун тардар курдук сахалыы кэпсиир. Кэпсэтэр кэмҥэ бэйэ көрбүтүн, истибитин, аахпытын сиһилии сэһэргиир 7.11 1 4. Тыл састааба тыл састаабын билиһиннэрии Анал бэлиэлэринэн тыл, этии,моделын онорор. Бэриллибит моделга тирэҕирэн, тылы, этиини толкуйдуур, тиэкиһи айар Бэйэ санаатын өрүү кэтэнэр, көрүнэр, алҕаһа суох саҥарарга, са-наатын ыпсаран, хомодойдук этэргэ кыЬаллар. Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, болҕойон истэр, ылынар. кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар сатабылы табан туһанар. 10.11 1 5 Тыл састааба. Уоскэтэр уонна ситимниир сыьыарыы. ситимниир сыьыарыы
Арааьа, талан изложение Эрч1-7 Caҥa билии ыларга баар билиитигэр тирэҕирэр. Атын предметтэргэ ылбыт билиитин сатаан ситимниир Кэпсэтии уратыларын өйдүүр, табан кэпсэтэр. Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, болҕойон истэр, ылынар. кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар сатабылы табан туһанар 12.11 1 6. Саҥара үрэнэбит
Талан изложение «Кулунчук» Истэргэ,аа5арга, суруйа уорэнэбит хонтуруолланар , сыаналанар үөрүйэҕин сайыннарыы Ылбыт билиитин туьанан таба суруйарын кэтэнэн корор. Бэйэтин бэрэбиэркэлэнэр.ал5аьын конностор. 14.11 1 хартыыыналар
7 Тыл састааба. Истэн диктант Бастакы булт тылы сатаабынан ырыттарыы Бүтэй дорҕооннор уонна буукубалар тиэмэҕэ үөрэнээччи ылбыт билиитин Хонтуруолллур улэ Ылбыт билиитин сатаан ситимниир. Өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик толорор: тэҥнээьин ырытыы холбооһун тумуктэһьин ханыылатан сааһылааһы,н майгыннатыы ,сааһылаан ситимнээьини онорор. итэҕэһин , алҕаһын быһаарар, көннөрөр, бэйэтин тылыгар-өһүгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуһарга дьулуһар Биир сыаллаах-соруктаах дьонун кытта таЬаарыылаахтык улэлиир үөрүйэхтэнэр. 17.11 1 8.Тыл састааба тема5а тумуктуур улэ- тест Ылбыт билиитин сатаан ситимниир. Өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик толорор: итэҕэһин , алҕаһын быһаарар, көннөрөр, бэйэтин тылыгар-өһүгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуһарга дьулуһар 19.11 1 9Сана чаастара Киирии уруок Сана чаастара билиитин кэнэтэр.
Сана чаастарын туьунан билиитин чинэтэр. Саха тылын лингвистическэй матырыйаалыгар тирэҕирэн, өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик толорор: тэҥнээһин), ырытыы холбооһун түмүктээһин ханыылатан сааһылааһын ,майгыннатыы), сааһылаан ситимнээһини онорор. Итини сэргэ араас тойоннуур ньыманы (табыгастаахтык туһанан дьону итэҕэтэр, ылыннарар курдук санаатын сааһылаан этэр үөрүйэҕэ сайдар. Саастыылаахтарын кытта (пааранан,бөлөҕүнэн ) айымньылаах алтыһыы туругар кэбэҕэстик киирэр. 21.11 1 10. сана чаастара Хатылыыр уруок 24.11 1 11.Аат тыл ойдобулэ. Эрч1-8. Caҥa билии ыларга баар билиитигэр тирэҕирэр. Атын предметтэргэ ылбыт билиитин сатаан ситимниир. 26.11 1 12 Аат тыл. Чопчу уонна айыл5аны кордорор тыл Саастыылаахтарын кытта (пааранан,бөлөҕүнэн ) айымньылаах алтыһыы туругар кэбэҕэстик киирэр. 28.11 1 13. .Аат тыл. Аат тыллары уоскэтии. Киьи туругун уонна ,хайааьыны кордорор аат тыллары билиһиннэрии Caҥa билии ыларга баар билиитигэр тирэҕирэр. Атын предметтэргэ ылбыт билиитин сатаан ситимниир. 01.12 1 стр 55-58
14 Пааралаьар аат тыл .Аат тыл ахсаана. Бэрэбиэркэлиир диктант «Ыраас хаар» хонтуруолланар , сыаналанар үөрүйэҕин сайыннарыы 3.12 1 15. Саҥара үөрэнэбит. Аат тыллары хатылааьын.Аахпыттан суруйуу. Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, болҕойон истэр, ылынар. кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар сатабылы табан туһанар. 5.12 1 16. Аат тылы тумуктуур уруок. .Хонтуруолунай тест. хонтуруолланар , сыаналанар үөрүйэҕин сайыннарыы Сыалы-соругу ситиһэр ньымаларын уонна усулуобуйаларын төһө сөпкө талбытын сыаналыыр, үлэ хаамыытын хайдах салайан иһэрин кэтээн көрөр8.12 1 17. Сыыьы5а улэ. Суругунан улэ. Диктант Хонтуруолунай диктант хонтуруолланар , сыаналанар үөрүйэҕин сайыннарыы 10.12 1 18.Да5ааьын аат Омоним . антоним өйдобулун биэрии Даҕааьын аат сана чааьын быьыытынан этиигэ сахабыт тылын баай , кыраьыабай онорор суолтатын билэргэ дьулуьар.Этииттэн даҕааьыны булар, санарар санаҕа туттарга кыьаллар. Даҕааьын ааты уоскэтэр сыьыарыылары билэр, кууьурдэр эбиискэлэри туттар уоруйэхтэри уоскэтии. Сыалы-соругу ситиһэр ньымаларын уонна усулуобуйаларын төһө сөпкө талбытын сыаналыыр, үлэ хаамыытын хайдах салайан иһэрин кэтээн көрөр. Да5ааьын аат туьунан ылбыт билиитин кэнэтэр, чинэтэр, санарар сана5а туттар. Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, болҕойон истэр, ылынар. кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар сатабылы табан туһанар. 12.12 1 хартыыыналар Стр 66-69
19.. Да5ааьын аат Да5ааьын ааты сыьыарыы комотунэн уоскиирин билиһиннэрии 15.12 1 70-72 стр20.. Да5ааьын аат
Да5ааьын аакка кууьурдэр эбиискэлэр . 17.12 1 Стр 73-75
21.. Да5ааьын аат. Нууччалыы суруллар да5ааьын аат тылларга сыьыарыылар
19.12 1 стр76-78
22. Да5ааьын аат Чиэппэрдээ5и хонтуруолунай диктант Да5ааьын ааттары хатылааьын. хонтуруолланар , сыаналанар үөрүйэҕин сайыннарыы Ылбыт билиитин туьанан таба суруйарын кэтэнэн корор. Бэйэтин бэрэбиэркэлэнэр.ал5аьын конностор. 22.12 1 23. тумуктуур уруок Да5ааьын аат Хонтуруоллуур тест хонтуруолланар , сыаналанар үөрүйэҕин сайыннарыы Кэпсэтии уратыларын өйдүүр, табан кэпсэтэр. Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, болҕойон истэр, ылынар. кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар сатабылы табан туһанар 24.12 1 стр 81-83
24. Истэргэ, ааҕаргар, суруйарга үөрэнэбит. хонтуруолланар , сыаналанар үөрүйэҕин сайыннарыы Ылбыт билиитин туьанан таба суруйарын кэтэнэн корор. Бэйэтин бэрэбиэркэлэнэр.ал5аьын конностор. 26.12 1 3 чиэппэр-31ч 1.. Утуо майгын- котор кынатын Айар урок. Утуо майгын- котор кынатын Солбуйар аат туттуллар ойдобулун ылыы, этиигэ сатаан солбуйар ааты туттар, этииттэн солбуйар ааттары арааран булар,араастарын булан сопко ырытар. Сыалы-соругу ситиһэр ньымаларын уонна усулуобуйаларын төһө сөпкө талбытын сыаналыыр, үлэ хаамыытын хайдах салайан иһэрин кэтээн көрөр. Да5ааьын аат туьунан ылбыт билиитин кэнэтэр, чинэтэр, санарар сана5а туттар. Саастыылаахтарын кытта (пааранан,бөлөҕүнэн ) айымньылаах алтыһыы туругар кэбэҕэстик киирэр. 12.01 1 2. Солбуйар аат ойдобулэ. Стр 84-85 14.01 1 Эрч8
3.Солбуйар аат .Ыйар солбуйар ааттар 16.01 1 Эрч 8эрч стр 86-90
4. Солбуйар аат .ыйытар солбуйар ааттары билиһиннэрии 19.01 1 8эрч стр 90-93
5.солбуйар аат.
Бэрэбиэркэлиир улэ. Стр 94-97
Аахпыттан суруйуу хонтуруолланар , сыаналанар үөрүйэҕин сайыннарыы Ылбыт билиитин туьанан таба суруйарын кэтэнэн корор. Бэйэтин бэрэбиэркэлэнэр.ал5аьын конностор. Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, болҕойон истэр, ылынар. кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар сатабылы табан туһанар. 21.01 1 6. солбуйар ааттары хатылааьын. Стр 97-99 23.12 1 8эрч
7.тумуктуур уруок. Тест Стр 100-102. Ылбыт билиитин хонтуруолланар , сыаналанар үөрүйэҕин сайыннарыы Ылбыт билиитин туьанан таба суруйарын кэтэнэн корор. Бэйэтин бэрэбиэркэлэнэр.ал5аьын конностор. 26.01 1 8. хатылыыр уруок. Диктант. хонтуруолланар , сыаналанар үөрүйэҕин сайыннарыы 28.01 1 9.Туохтуур ойдобулэ Талар диктант С102-105 Туохтуур сана чааьы кордорор тыллыры таба булар, туохтуур туьунан билиитин кэнэтэр, этиигэ сатаан булар, ырытар дьоҕуру сайыннар, туохтуур формаларын араарар, Сана чаастарын туьунан билиитин чинэтэр. Саха тылын лингвистическэй матырыйаалыгар тирэҕирэн, өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик толорор: тэҥнээһин), ырытыы холбооһун түмүктээһин ханыылатан сааһылааһын ,майгыннатыы), сааһылаан ситимнээһини онорор. Итини сэргэ араас тойоннуур ньыманы (табыгастаахтык туһанан дьону итэҕэтэр, ылыннарар курдук санаатын сааһылаан этэр үөрүйэҕэ сайдар. 30.01 1 Эрч 5
10.Туохтуур солбуйар ааттары кытта ситимнэьиитэ С106-108 2.02 1 Эрч 3
11. Туохтуур буолар буолбат формата Паараласпыт туохтуурдары билиьиннэрии 109-111 стр 4.02 1 Эрч 4
12. Бэрэбиэркэлиир улэ Диктант суруйуу стр111 эрч 7 хонтуруолланар , сыаналанар үөрүйэҕин сайыннарыы Ылбыт билиитин туьанан таба суруйарын кэтэнэн корор. Бэйэтин бэрэбиэркэлэнэр.ал5аьын конностор. 6.02 1 13 Маарыннаьар туохтуурдар Графическай диктант 112-115.сКэпсэтэр киһитин убаастыыр, болҕойон истэр, ылынар. кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар сатабылы табан туһанар. 9.02 1 14. Комо туохтуурдар. Графич. Диктант с115-118 11.02 1 15. . Бэрэбиэркэлиир улэ
Тумук уруок Тест толоруу стр 118-120 Ылбыт билиитин туьанан таба суруйарын кэтэнэн корор. Бэйэтин бэрэбиэркэлэнэр.ал5аьын конностор. 13.02 1 16.суругунан улэ. Бэрэбиэркэлиир улэ Бэрэбиэркэлиир диктант хонтуруолланар , сыаналанар үөрүйэҕин сайыннарыы Ылбыт билиитин туьанан таба суруйарын кэтэнэн корор. Бэйэтин бэрэбиэркэлэнэр.ал5аьын конностор. 16.02 1 17 тылы сайыннарыы Хайҕал да араастаах Тылдьыт –эн комолоьооччун
Сыалы-соругу ситиһэр ньымаларын уонна усулуобуйаларын төһө сөпкө талбытын сыаналыыр, үлэ хаамыытын хайдах салайан иһэрин кэтээн көрөрКэпсэтэр киһитин убаастыыр, болҕойон истэр, ылынар. кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар сатабылы табан туһанар. 18.02 1 18. Этии ойдобулэ. Стр 120-123 20.02 1 19..Сэрэтиилээх диктант Эрч 6 стр 123 хонтуруолланар , сыаналанар үөрүйэҕин сайыннарыы Ылбыт билиитин туьанан таба суруйарын кэтэнэн корор. Бэйэтин бэрэбиэркэлэнэр.ал5аьын конностор. 25.02 1 20.. этии араастара . интонация Этиини ырытыы. Этии араастарын билэр. Интонацияны тутуьан этиилэри сопко ааҕар.Интонация тоҕо туттуллар суолтатын билэр. Кэпсэтии уратыларын өйдүүр, табан кэпсэтэр. Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, сэҥээрэр, санаатын болҕойон истэр, ылынар. Ханнык баҕарар эйгэҕэ кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар, сэргэхситэр, сонурдатар, күөдүлүүр сатабылы табан туһанар. Кэпсэтэр кэмҥэ бэйэ көрбүтүн, истибитин, аахпытын сиһилии сэһэргиир. Дьон өйдөспөт, тыл тылга киирсибэт буолар төрүттэрин сөптөөхтүк сыаналыыр, сатаан ырытар, өйдөһүү суолун дөбөҥҥүк тобулар. 27.02 1 21. сананы сайыннарыы. ТЫЛДЬЫТ- ЭН КӨМӨЛӨҺӨЧЧҮҤ Диалог уонно монолог
Диалог уонна монолог диэн ойдобуллэри ылар. Тиэкистэн сатаан араарар.Тылдьыты сатаан туттарга кыьаллар Сахалыы үөрэх-наука литературатыттан (тылдьыттартан, ыйынньыктартан, энциклопедиялартан, араас ки- нигэттэн) туһааннаах информацияны, билиини дөбөҥнүк булар, бэлиэтэнэр, түмэр, 2-4 ситимниир араас ньыманы табыгастаахтык тyhaнap. 1.03 1 22. .Соруйар уонна кууьурдуу этиилэр 3.03 1 23. Этии тутаах чилиэннэрэ Стр 140-142 5.03 1 24.этии тутаах чилиэннэрэ.
Хонтуруолунай устуу. Стр 142-145 хонтуруолланар , сыаналанар үөрүйэҕин сайыннарыы Ылбыт билиитин туьанан таба суруйарын кэтэнэн корор. Бэйэтин бэрэбиэркэлэнэр.ал5аьын конностор. 10.03 1 25. Этии тутаах чилиэннэрэ Стр145-147 12.03 1 26. этии тутаах чилиэннэрэ. -Этии тутаах уонна биир уустаах чилиэннэрин текистэн сатаан булар,бэлиэтиир, дакаастыыр; Этиигэ сатаан биир уустаах чилиэннэри туттар.
-Этии тутаах уонна биир уустаах чилиэннэрин текистэн сатаан булар,бэлиэтиир, дакаастыыр; Этиигэ сатаан биир уустаах чилиэннэри туттар.
-Этии тутаах уонна биир уустаах чилиэннэрин текистэн сатаан булар,бэлиэтиир, дакаастыыр; Этиигэ сатаан биир уустаах чилиэннэри туттар. Этии тутаах чилиэннэрэ тыл олоҕо буолалларын билэр, сатаан этиигэ туттар, тиэкискэ этии олоҕун сатаан булар үөрүйэхтэри салгыы сайыннарыы. Тылын сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох- ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин бука холоон билэр. Тугу билэрин-билбэтин, тугу ситэри үөрэтиэхтээҕин арааран өйдүүр.
Сыалы-соругу ситиһэр ньымаларын уонна усулуобуйаларын төһө сөпкө талбытын сыаналыыр, үлэ хаамыытын хайдах салайан иһэрин кэтээн көрөр Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, болҕойон истэр, ылынар. кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар сатабылы табан туһанар. 15.03 1 27. этии тутаах чилиэннэрэ. 17.03 1 28 этии тутаах чилиэннэрэ
Туьаан аат тылынан бэриллэрэ Стр 19.03 1 29. чиэппэрдээ5и хонтуруолунай улэ. 148-151 22.03 1 30. сананы сайыннарыы Ойуулааһыны уонна цитатаны туттуу.
31. Сыыьа5а улэ. Ойтон суруйуу. Эрч 6 стр 151 24.03
26.03 1
1 4 чиэппэр.-24ч 1. Этии биир уустаах чилиэннэрэ. Стр 152-154 Тылын сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох- ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин бука холоон билэр. Тугу билэрин-билбэтин, тугу ситэри үөрэтиэхтээҕин арааран өйдүүр. Билиини-көрүүнү кэҥэтэр араас матырыйаалы туһаныы. Сахалыы үөрэх-наука литературатыттан (тылдьыттартан, ыйынньыктартан, энциклопедиялартан, араас ки- нигэттэн) туһааннаах информацияны, билиини дөбөҥнүк булар, бэлиэтэнэр, түмэр, 2-4 ситимниир араас ньыманы табыгастаахтык тyhaнap.
Caҥa билии ыларга баар билиитигэр тирэҕирэр. Атын предметтэргэ ылбыт билиитин сатаан ситимниир.
Саха тылын лингвистическэй матырыйаалыгар тирэҕирэн, өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик толорор .Сыалы-соругу ситиһэр ньымаларын уонна усулуобуйаларын төһө сөпкө талбытын сыаналыыр, үлэ хаамыытын хайдах салайан иһэрин кэтээн көрөр Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, болҕойон истэр, ылынар. кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар сатабылы табан туһанар. Кэпсэтии уратыларын өйдүүр, табан кэпсэтэр.
5.04 1 2. Этии биир уустаах чилиэннэрэ. Талар диктант. Эрч 6 7.04
1 стр 154-155
3.Этии тутаах чилиэннэрэ Туьаан солбуйар аатынан бэриллиитэ. 9.04 1 4. Этии тутаах чилиэннэрэ Туьаан туохтуурунан бэриллиитэ 12.04 1 . Стр157-
5. Этии тутаах чилиэннэрэ теманы хатылааьын Тылдьытынан улэ. эрч 4 .-8 Суругунан улэ 14.04 1 6.. Диалог уонна монолог .
сананы сайыннарыы уруога 16.04 1 7. этии ойо5ос чилиэннэрэ. Эрч 1- 65 айар диктант.
Эрч 5 19.04 1 8 . сананы сайыннарыы. Аннотация
Ойтон суруйуу. Эрч 2 стр 161 21.04 1 9. этии ойо5ос чилиэннэрэ . 23.04 1 10. этии ойо5ос чилиэннэрэ Быьаарыы ойдобулун биэрии 26.04 1 11. этии ойо5ос чилиэннэрэ Быьаарыыны хатылааһын 28.04 1 12 этии ойо5ос чилиэннэрэ Толоруу ойдобулэбиэрии 30.04 1 13...сананы сайыннарар уруок тиэкис көрүҥнэрэ 3.05 1 14 этии ойо5ос чилиэннэрэ Биир уустаах ойо5ос чилиэннэрин билиһиннэрии. биир сыаллаах-соруктаах дьонун кытта таЬаарыылаахтык улэлиир үөрүйэхтэнэр. 5.05 1 15. этии ойо5ос чилиэннэрэ Биир уустаах ойо5ос чилиэннэрин билиһиннэрии 7.05 1 16 тумуктуур уруоктар
Этии тутаах уонна ойо5ос чилиэннэрин билиини чинэтии. 10.05 1 17 Барбыты хатылааьын
12.05 1 18 сыллаа5ыны тумуктуур уруоктар.
Төрөөбүт тылын барда баайын сыаналыыр, тыл кэрэтигэр умсугуйар, этигэн тыл күүһүн, кыаҕын толору туһанарга, тылын-өһүн бэйэтэ сатаан чочуйан, тупсаран, санаатын сиһилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуһар.
Хонтуруолланыы. Бэйэ санаатын өрүү кэтэнэр, көрүнэр, алҕаһа суох саҥарарга, санаатын хомоҕойдук этэргэ кыһаллар. Бэйэтин сааһыгар сөп түбэһэр тиэкискэ үөрэппит матырыйаалын сүнньүнэн тыл литературнай нуормата caҥapap эбэтэр суруйар киһи тылыгар төһө сөпкө эбэтэр сыыһа туттулларын тута «сэрэйэн» билэр, итэҕэһин, алҕаһын быһаарар, көннөрөр, бэйэтин тылыгар-өһүгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуһарга дьулуһар. Үлэ сыалын-соругун таба туруоруу. Төрөөбүт тылын үөрэтэригэр сыал-сорук туруорунан көдьуустээхтик улэлиир.
Ылбыт билиитин туьанан таба суруйарын кэтэнэн корор. Бэйэтин бэрэбиэркэлэнэр.ал5аьын конностор. Саастыылаахтарын, улахан дьону кытта айымньылаах алтыһыы туругар кэбэҕэстик киирэр (продуктив¬ное взаимодействие), биир сыаллаах-соруктаах дьонун кытта таһаарыылаахтык, кеөдьүүстээхтик үлэлиир үөрүйэхтэнэр 14.05 1 19. сыллаа5ыны тумуктуур уруоктар.
Сыыьа5а улэ 17.05 1 20 сыллаа5ы тумуктуур тест сыллаа5ыны тумуктуур уруоктар. 19.05 1 21 сыллаа5ы хонтуруолунай диктант.
Стр 186-189 21.05 1 22. Сыыьа5а улэ
24.05 1 23 -24 сыллаа5ы барбыты хатылааһын
26.05
28.05
2