Рабочая программа по якутскому языку 3 класс
TϴPϴϴБYT ТЫЛ
САХА ТЫЛЫН 1-4 КЫЛААСКА ҮϴРЭТИИНИ CYPYHHYYP БЫРАГЫРААМА
БЫhААРЫЫ СУРУК
Үɵрэх предметин ɵйдɵбүлэТɵрɵɵбүт тыл — кɵлүɵнэттэн кɵлүɵнэҕэ бэриллэр ханнык баҕарар норуот улуу нэhилиэстибэтэ, киhи аймах ытык ɵйдɵбүллэриттэн (сыаннастарыттан) биирдэстэрэ. Тɵрɵɵбүт тыл — oҕoҕo тулалыыр эйгэтин кыраҕатык билэр-кɵрɵр, чугас дьонун-сэргэтин кытта истиҥник бодоруhар, иэйиитэ уhуктар, ɵйɵ-санаата сайдар, ɵбүгэтин үɵрэҕин утумнуур сүрүн эйгэтэ.
Ол иhин оҕону кыра сааhыттан оҕо тэрилтэтигэр, оскуолаҕа тɵрɵɵбүт тылынан иитии-үɵрэтии сүрүн ирдэбил быhыытынан билиниллэн, Российскай Федерация уонна Саха Республикатын үɵрэххэ уонна тылга сокуоннарыгар ити ɵйдɵбүл туспа ыстатыйанан киирэн, быраап быhыытынан кɵмүскэллээх, билиҥҥи усулуобуйаҕа үгүс норуот тыла чел туруктаах хааларыгар тирэх буолар.
Саха Республикатыгар саха тылын тɵрɵɵбүт тыл быhыытынан үɵрэтии 1922 сыллаахтан тиhигин быспакка, үгүс оскуолаҕа үгэскэ кубулуйан, уопсай үɵрэхтээhин оҕону сайыннарар биир сүрүн предметин быhыытынан билиниллэр. Ити кэм устатыгар сэбиэскэй да, билиҥҥи да кэмҥэ орто үɵрэх систиэмэтигэр буолбут араас реформалар сыалларыгар-соруктарыгар сɵп тубэhиннэриллэн, үɵрэтии таhыма, хайысхата, ис xоhооно сайдан иhэр.
Билигин тɵрɵɵбүт тыл, федеральнай государственнай үɵрэх стандартын (ФГ0С) ирдэбилинэн, уопсай үɵрэхтээhин булгуччулаах чааhыгар киирэн, базиснай үɵрэх былааныгар (федеральнай) миэстэтэ, үɵрэтиллэр чааhа чопчу ыйыллан үɵрэтиллэр таhыма урдээтэ. Алын cүhүɵx оскуола таhымыгар тɵрɵɵбүт тылы үɵрэх предметин быhыытынан үɵрэтиигэ түмүк ирдэбили эмиэ федеральнай государственнай үɵрэх стандарда сүрүннүүр.
Ити ааттаммыт докумуон быhыытынан, начаалынай үɵрэхтээhин таhымыгар нуучча уонна тɵрɵɵбүт тылы үɵрэтиигэ тэҥ таhымнаах түмүк ирдэнэр. Тɵрɵɵбүт тыл атын үɵрэх предметтэрин кытта бииргэ оҕо личность быhыытынан сайдыытын хааччыйыахтааҕа этиллэр, ону сэргэ урукку ɵттүгэр ирдэммэт caҥа булгуччулаах ирдэбили — үɵрэнээччигэ үɵрэх дэгиттэр дьайыыларын иҥэриини киллэрэр.
Yɵpax предметин сыала уонна соруга:
Начаалынай оскуолаҕа тɵрɵɵбүт тылы үɵрэтии предметэ атын үɵрэх предмэттэрин ортотугар үɵрэнээччи тылын ɵhүн уонна ɵйүн-санаатын сайыннарар, сүрүн үɵрэнэр үɵрүйэҕи иҥэрэр кыаҕынан бас-кɵс балаhыанньаны ылар предмет буолар. Онон бу предмети үɵрэтии таhымыттан саха оскуолатыгар начаалынай уерэхтээhин уопсай туруга, үɵрэнээччи салгыы сүрүн оскуолаҕа ситиhиилээхтик уерэнэрэ тутулуктаах.
Оҕо начаалынай оскуолаҕа үɵрэнэр сааhыгар билиитэ-кɵрүүтэ, тыла-ɵhɵ уонна ɵйɵ - санаата тэтимнээхтик сайдар, иэйиитэ уонна саныыр санаата судургутук олохсуйар буолан, тɵрɵɵбүт тылы бу кэмҥэ кичэйэн үɵрэтии — норуот тыла чɵл туруктаах буоларыгар, кэнчээри ыччакка улуу нэhилиэстибэни тириэрдэргэ олус суолталаах.
Этиллибиккэ олоҕуран, тɵрɵɵбүт тылы уопсай үɵрэхтээhин алын cүhүɵx таhымыгар үɵрэтии сыалын үс хайысхаҕа араарыахха сɵп:
1) үɵрэнээччигэ тɵрɵɵбүт тыл туhунан билиини аан дойду туhунан научнай билии быстыспат сорҕотун быhыытынан иҥэрии, тыл үɵрэҕин сүрүн балаhыанньаларын билиhиннэрии, онно олоҕуран, оҕо билэр-кɵрɵр, толкуйдуур кыаҕын сайыннарыы;
Үɵрэнээччи дьону-сэргэни кытта тɵрɵɵбүт тылынан бодоруhар үɵруйэҕин, саҥа (тыл) култуурата киhи уопсай култууратын быстыспат сорҕото буоларын туhунан ейдебулгэ тирэҕирэн, caҥa (тыл) араас кɵрүҥэр (кэпсэтии, суруйуу, аа^ыы, вйтвн айыы, о.д.а.) үɵрэтэн, салгыы сайыннарыы;
Үɵрэнээччигэ тɵрɵɵбүт тыл норуот ытык ɵйдɵбүллэриттэн биирдэстэрэ буоларын быhыытынан ураты харыстабыллаах сыhыаны иҥэрии, хас биирдии киhи ийэ тылын сайыннарар иэстээҕин ɵйдɵтүү.
Тɵрɵɵбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үɵрэтии сыала маннык сүрүн соруктары быhаардахха ситиhиллэр:
дьону-сэргэни кытта бодоруhар сана (тыл) сүрүн кɵрүҥнэрин үɵрэнээччигэ үɵрэх дэгиттэр дьайыыларын иҥэриини кытта бииргэ алтыhыннаран үɵрэтии;
тыл (саца) — бодоруhуу сүрүн ньымата диэн тутаах ɵйдɵбүлгэ тирэҕирэн, үɵрэнээччи кэпсэтэр уонна санаатын толору этэр (тыл этэр), суруйар үɵрүйэҕин сааhыгар сɵп түбэhиннэрэн сайыннарыы;
тыл үɵрэҕин билиитигэр, сурук-бичик култууратын тɵрүт ɵйдɵбүллэригэр олоҕуран, үɵрэнээччи тɵрɵɵбүт тылын литературнай нуорматын тутуhарын, алҕаhа суох саҥарарын уонна суруйарын ситиhии;
тыл үɵрэҕин сүрүн салааларын (лексика, фонетика, морфология, синтаксис, тиэкис) туhунан уопсай ɵйдɵбүлү иҥэриигэ тирэҕирэн, үɵрэнээччи толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы, сааhыгар сеп тубэhиннэрэн, ɵй үлэтин дьайыыларыгар үɵрэтии;
тɵрɵɵбүт тылы билии, харыстааhын, сайыннарыы сүрүн ньымаларыгар үɵрэтии.
Тереебут тылы начаалынай оскуолаҕа үɵрэтии үɵрэнээччи нуучча тылын кэбэҕэстик ылынарын хааччыйар, нуучча тылыгар тыл үɵрэҕин үгүс уопсай балаhыанньаларын хос эбэтэр уруттаан үɵрэтэри лаппа аҕыйатан, учуутал уерэх чааhын оҕо нууччалыы саҥатын сайыннарыыга аныыр усулуобуйатын үɵскэтиэхтээх. Онон саха оскуолатыгар нуучча тылын уерэтии хаачыстыбатын тупсарыыга усулуобуйа үɵскэтии — тɵрɵɵбүт тылы үɵрэтии хос сыала-соруга.
Үɵрэх былааныгар үɵрэх предметен миэстэтэ
Саха тылын үɵрэтии чааhа начаалынай үɵрэхтээhини сүрүннүүр уопсай үɵрэхтээhин бырагырааматыгар (Примерная основная общеобразовательная программа начального общего образования) бэриллэр тɵрɵɵбүт тылынан үɵрэнэр кылаастарга аналлаах базиснай үɵрэх былаанын 3 барыйааныгар тирэҕирэн быhаарыллар. Үɵрэх тэрилтэтэ бэйэтин уерэҕин бырагырааматын, былаанын оҥгосторугар онно баар булгуччулаах чааска киирбит предметтэр чаастарын тутуhара ирдэнэр. Онно эбии үɵрэх былаанын талар чааhыттан бэйэтэ кɵрɵн, ханнык баҕарар предмеккэ чаас эбэрэ, эбэтэр атын пред мети эбии үɵрэтэрэ кɵҥүл.
Ити ыйыллар базиснай үɵрэх былааныгар нуучча уонна тɵрɵɵбүт тылы үɵрэтии чаастарын ахсаана тэҥнэнэн, ордук государственнай статустаах тɵрɵɵбүт тыл үрдүк таhымьгар үɵрэтиллэригэр усулуобуйа тэриллибитэ кɵстɵр. Ону сэргэ тɵрɵɵбүт тылы үɵрэтии нуучча тылын үɵрэтиигэ тирэх буоларын ситиhэр туhуттан үɵрэх матырыйаалын аттарарга табыгастаах балаhыанньа үɵскүүр. 3 кылааска төрөөбүт тыл уруогар нэдиэлэҕэ 4 чаас, сылга 68 чаас көрүллэр.
Ытык ɵйдɵбүллэри үɵрэх предметин ис xohooҥyгap киллэрии
Начаалынай кылааска саха тылын үɵрэтии oҕoҕo ытык ɵйдɵбүллэри (духуобунай сыаннастары) иҥэриигэ улахан суолталаах. Киhи аймах үйэлэртэн үйэлэргэ ɵрɵ тутан илдьэ кэлбит ытык ɵйдɵбүллэрэ (духуобунай сыаннастара) тɵрɵɵбүт тыл эгэлгэтигэр, кэрэтигэр сɵҥɵллɵр. Ол курдук үɵрэтии ис хоhоонугар тыл үɵрэҕин сүрүн хайысхаларын сэргэ уруок, кэпсэтии (бодоруhуу) тиэмэтин, үɵрэтии матырыйаалын быhыытынан тɵрɵɵбүт дойду, ийэ дойду, тɵрɵɵбүт тыл, айылҕа, үлэ, тɵрүт дьарык, ыал, дьиэ кэргэн, айымньы уонна кэрэ эйгэтэ, кɵҥүл, кырдьык, үтүɵ санаа, киhи аймах, аан дойду омуктарын тылларын уонна култууратын эгэлгэтин курдук ытык ɵйдɵбүллэр (духуобунай сыаннастар) киириэхтээхтэр.
Үɵрэх предметин үɵрэтии түмүгэ
Ытык ɵйдɵбүллэри иҥэрии түмүгэ
(личностные результаты)
Саха тылын оскуолаҕа үɵрэтии кэмигэр оҕо маннык ытык ɵйдɵбүллэри (духуобунай сыаннастары) иҥэриннэҕинэ тɵрɵɵбүт тыла сайдарыгар бэриниилээх, эпииэтинэстээх буоларыгар, бэйэтин кыаҕын толору туhанарыгар эрэниэххэ сɵп.
Тɵрɵɵбүт тыл — омугу сомоҕолуур тыл буоларын ɵйдүүр. Тɵрɵɵбүт тыл тɵрүт айылгыта, үйэлээх үгэhэ, этигэн кэрэтэ норуот тылынан уус-уран айымнъытыгар уонна уус-уран литератураҕа сɵҥмүтүн билэр. Тɵрɵɵбүт тылын сайыннарар, кэлэр кɵлүɵнэҕэ тириэрдэр ытык иэстээҕин, ийэ тыл үйэлэргэ чɵл туруктаах буоларыгар тус оруоллааҕын ɵйдүүр.Тɵрɵɵбүт тыл иитиллэр, үɵрэнэр, айар-сайдар тыл буоларын итэҕэйэр.Тɵрɵɵбүт тыл элбэх омук алтыhан бииргэ олорор кэмигэр, икки (элбэх) тылланыы усулуобуйатыгар хас биирдии киhиттэн харыстабыллаах сыhыаны эрэйэрин ɵйдүүр.
Үɵрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ
(метапредметные результаты)
Бэйэни салайынар-дьаЬанар сатабыл.
Тылын сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох- ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быhа холоон билэр. Тугу билэрин-билбэтин, тугу ситэри үɵрэтиэхтээҕин арааран ɵйдүүр.
«Тылын сайыннарар баҕаны үɵскэтии (потребность в совершенствовании собственной речи). Тɵрɵɵбүт тылын барҕа баайын сыаналыыр, тыл кэрэтигэр умсугуйар, этигэн тыл күүhүн, кыаҕын толору туhанарга, тылын-ɵhүн бэйэтэ сатаан чочуйан, тупсаран, санаатын сиhилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуhар.
Хонтуруолланыы. Бэйэ санаатын ɵрүү кэтэнэр, кɵрүнэр, алҕаhа суох caҥapapгa, санаатын ыпсаран, хомоҕойдук этэргэ кыhаллар.
Билэр-кɵрɵр сатабыл. Сүрүн үɵрэнэр сатабыл.
Үлэ сыалын-соругун таба туруору у. Тɵрɵɵбүт тылын үɵрэтэригэр сыал-сорук туруорунан кɵдьүүстээхтик үлэлиир.
Билиини-кврццнц кэҥэтэр араас матырыйаалы туhаныы. Сахалыы үɵрэх-наука литературатыттан (тылдьыттартан, ыйынньыктартан, энциклопедиялартан, араас кинигэттэн) туhааннаах информацияны, билиини дɵбɵҥнүк булар, бэлиэтэнэр, түмэр, ситимниир араас ньыманы табыгастаахтык туhанар. Сахалыы тахсар оҕoҕо аналлаах республика, улуус, оскуола хаhыаттарын-сурунаалларын («Кэскил», «Чуораанчык», о.д.а.) тиhгин быспакка ааҕар, араадьыйанан, телевизорынан сахалыы биэриилэри сэргээн истэр-кɵрɵр, үɵрэтэр, чинчийэр, айар улэтигэр кɵдьүүстээхтик туhанар.
Тобулук ɵйү сайыннарар үɵрүйэхтэр. Тɵрɵɵбүт тыл оскуолаҕа оҕону сайыннарар үɵрэх тутаах салааларыттан (предметтэриттэн) биирдэстэрэ. Онон үɵрэнээччи саха тылын үɵрэтэр кэмигэр үɵрэнэргэ тɵрүт буолар ɵй үлэтин сүрүн үɵрүйэхтэрин баhылыыр.
Рефлексия. Сыалы-соругу ситиhэр ньымаларын уонна усулуобуйаларын тɵhе сɵпкɵ талбытын сыаналыыр. Үлэ хаамыытын хайдах салайан иhэрин кэтээн кɵрɵр. Үлэ түмүгүн дьон интэриэhин, болҕомтотун тардар курдук сахалыы кэпсиир.
Бэлиэни-символы туhанар үɵрүйэхтэр. Дорҕоон (буукуба), тыл, этии чилиэннэрин, тиэкис анал бэлиэлэрин сатаан туhанар. Анал бэлиэлэринэн тыл, этии, тиэкис моделын онорор. Бэриллибит моделга тирэдирэн, тылы, этиини толкуйдуур, тиэкиhи айар.Таблицанан, исхиэмэнэн, моделынан кɵрдɵрүллүбүт билиини ɵйдүүр уонна кэпсиир.
Бодоруhар сатабыл.
Бииргэ үлэлииргэ үɵрүйэх. Дьону кытта бииргэ алтыhан үɵрэнэр, үлэлиир араас ньыманы баhылыыр (пааранан, бɵлɵҕүнэн, хамаанданан, о.д.а). Саастыылаахтарын, улахан дьону кытта айымньылаах алтыЬыы туругар кэбэдэстик киирэр (продуктивное взаимодействие
Кэпсэтэр үɵрүйэх. Кэпсэтии уратыларын ɵйдүүр, табан кэпсэтэр. Кэпсэтэр киhитин убаастыыр, сэҥээрэр, санаатын болҕойон истэр, ылынар. Ханнык баҕарар эйгэҕэ кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар, сэргэхситэр, сонурҕатар, кɵҕүлүүр сатабылы табан туhанар. Кэпсэтэр кэмҥэ бэйэ кɵрбүтүн, истибитин, аахпытын сиhилии сэhэргиир.
Сахалыы дорооболоhор, билсиhэр, быраhаайдаhар, кɵрдɵhɵр, бырастыы гыннарар, буойар, телефонунан кэпсэтэр, о.д.а. угэстэри инэриммит, куннээҕи олоҕор ɵрүү туттар.
Тустаах үɵрэх предметин үɵрэтии түмүгэ
(предметные результаты)
Саха тылын литературнай нуорматын (орфоэпическэй, лексическэй, грамматическай) тутуhаp.Дорҕоону, буукубаны, тыл сүhүɵҕүн, саҥа чааhын, этии чилиэнин, судургу этиини булар, быhаарар, наардыыр. Сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылаларын mymyhap. Тиэкис ɵйдɵбүлүн, бэлиэтин билэр (тиэмэҕэ, сүрүн санааҕа, аата, эпиграф, тутула, этиилэрин ситимэ). Саныыр санаатын сааhылаан, дъоҥҥо ɵйдɵммүтүɵтцк, тиийимтиэтик этэр, тиэкис тутулун mymyhan суруйары сатыыр.Тиэкис тииптэрин сэкэргээНин, ойуулааЪын, тойоннооЪун диэн араарар. Монолог (сэкэргиир, ойуулуур, тойоннуур) уонна диалог (кэпсэтии, санаа цллэстии, ыйыталакыы, о.д.а.) арааЬын сатаан myhanap. Бэйэ сацатын (тылынан, суругунан) сатаан хонтуруолланар, тиэкиЬин ис хоЪоонун, тылын-вНцн сыаналанар, ал^астарын булар, чочуйар, тупсарар.
Үɵрэх предметен ис хоhооно
Начаалынай оскуолада тɵрɵɵбүт тылы үɵрэтии уопсай үɵрэхтээhин систиэмэтигэр саха тылын үɵрэтэр предмет быстыспат сорҕото, «Филология» үɵрэх уобалаhыгар тɵрүт буолар сүрүн куурус буолар. Онон үɵрэтии сыала-соруга, тутула, ис хоhооно уонна түмүк ирдэбилэ үрдүкү кылаастарга тɵрɵɵбүт тылы сэргэ атын филологическай предметтэри үɵрэтиини кытта алтыhыннаран-ситимнээн торумнанар.
Тɵрɵɵбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үɵрэтии маҥнайгы кылааска «Бодоруhарга үɵрэнэбит» диэн саҥа киирэр салааттан саҕаланар, ол кэнниттэн «Грамотаҕа үɵрэтии» диэн үгэс буолбут ааҕарга уонна суруйарга үɵрэтэр салаа «Ааҕарга уонна суруйарга үɵрэнэбит» саҥа аатынан уерэтиллэр. Бу кэмнэ уерэх былааныгар тереебут тыл уонна литературнай аадыы чаастара бииргэ бэриллэллэр. «Аадарга уонна суруйарга уерэнэбит» салаа кэнниттэн биирдэ тереебут тыл уонна литературнай аадыы предметтэрэ тус- туспа уерэтиллэллэр. Ити кэмтэн ыла начаалынай оскуолаҕа тɵрɵɵбүт тыл предметин сүрүн ис хоhоонун тиhиктээхтик үɵрэтии саҕаланар.
Тɵрɵɵбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үɵрэтии ис хоhоонун сүрүн хайысхалара үɵрэтии түмүк ирдэбилин уонна сыалын-соругун ситиhэргэ аналлаах тутаах научнай балаhыанньалартан таҥыллар. Ити ирдэбилгэ олоҕуран, тɵрɵɵбүт тылы үɵрэтии ис хоhоонугар маннык сүрүн научнай хайысхалар киирэллэр:
Бoдopyhyy култуурата.
Саҥа кɵрүҥэ (виды речевой деятельности): истии, саҥарыы, ааҕыы, суруйуу.
Тыл үɵрэҕин тутаах салааларын туhунан уопсай ейдебүлэ: фонетика, лексика, морфология, синтаксис.
Сурук-бичик култуурата: таба суруйуу уонна сурук бэлиэтэ.
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы (тиэкис тукунан сцрцн вйдвбцл).
Сүрүн хайысхаларга киирбит тиэмэлэр ис хоhоонноро начаалынай оскуола үɵрэнээччитин caahын уратытын, ейун-санаатын кыаҕын, билэр-кɵрɵр дьоҕурун учуоттаан таҥыллыахтаахтар.
Бодоруhуу култуурата
Дьону кытта бодоруhуу араас кɵрүҥэ: кэпсэтии, сэhэргэhии, сүбэлэhии, cɵncɵhүү. Тылы бодоруhуу сүрүн ньыматын быhыытынан арыйыы: бодоруhууга саҥа (вербальные средства общения) уонна туттуу-хаптыы (невербальные средства общения) суолтата. Саҥарыы уонна истии култууратын, кэпсэтии сиэрин тутуhуу.
Программа ис хоһооно.
Дорҕоон. (17 чаас) Аһаҕас дорҕоон. Дифтонг. Бүтэй дорҕоон. Хоһуласпыт бүтэй дорҕооннор. Сэргэстэспит бүтэй дорҕооннор. Маарыӊнаһар бүтэй дорҕооннор. Киирии буукубалар: я,е,е,ю. Киирии бүтэй дорҕоонноох тыллар. Пааралаһар бүтэй дорҕоонноох тыллар.
Тыл. (8 чаас) Тыл састааба. Тыл олоҕо. Тыл сыһыарыыта.
Саӊа чаастара. (53 чаас) Саӊа чаастарын уопсай өйдөбүллэрэ. Аат тыл. Солбуйар аат. Даҕааһын аат. Туохтуур.
Этии. (38 чаас) Этии уопсай өйдөбүлэ. Этии араастара. Этии тутаах чилиэннэрэ. Этии биир уустаах чилиэннэрэ. Этии ойоҕос чилиэннэрэ.
Сыллааҕы түмүктүүр уруоктар. (20 чаас) Маарыӊнаһар тыллар. Кэлим тыллар. Сомоҕо тыллар. Тыллар быһаарылара. Таабырыннар. Ребустар. Криптограммалар. Кроссвордтар. Сканворд, шарада, чайнворд, метаграмма.
Үөрэх предметин материальнай – техническэй хааччыйыы
Библиотека фондата:
3 кылааска аналлаах «Литературнай ааҕыы» үөрэх предметигэр үөрэтэр – методическай комплект;
Литературнай ааҕыыны 3 кылааска үөрэтиини сүрүннүүр программа;
«Литературнай ааҕыы» предмети 3 кылааска үөрэтэр учебниктар;
Көрдөрөр – иһитиннэрэр пособиялар:
Суруйааччылар мэтириэттэрэ, хаартыскалара;
Истиэнэҕэ ыйанар таблицалар;
Үөрэнээччигэ тус сорудахтаах карточкалар;
Айымньы ис хоһоонунан сюжеттаах хартыыналар;
Аудиозапистар;
Сахалыы уус – уран киинэлэр;
Саха сирин суруйааччылара оҕолорго;
Саха сирин художниктара оҕолорго;
Слайдалар «Суруйааччы олоҕо, айар - үлэтэ»
Кабинет техническэй тэриллэрэ:
Кылаас дуоската (таблицаны, постеры, хартыынаны сыһыарар тэриллэрдээх)
Компьютер
Проектор
Интернет
Принтер (скане, ксерокс)
Видеоплеер, ДВД – плейер
Телевизор
Магнитофон, цифровой фотоаппарат, видеокамера
Интерактивнай дуоска
Хонтуруолунай уонна суругунан үлэлэр нуормалара
I четверть II четверть III четверть IV четверть Год
Суругунан үлэлэр
Устуу 3 1 3 2 9
Тесты 2 2 1 2 7
Диктаннар 2 2 3 2 8
Хонтуруолунай диктаннар 1 1 1 1 4
Комплекснай үлэлэр - 1 - 1 2
Аахпыттан суруйуу 2 2 2 2 6
Өйтөн суруйуу. 1 - 2 1 4
Туттуллубут литература
Саха Республикатын Үөрэҕин министиэристибэтин. Саха Республикатын Национальнай оскуолаларын чинчийэр научнай институт оӊорбут «Федеральнай государственнай стандарта саха оскуолатыгар» программа. 2011 сыл.
Л.В.Захарова. Л.К.Избекова «Кустук» литературнай ааҕыы уруогар туттуллар үөрэнэр кинигэ.
Саха тылыгар тематическай былаан.
№ Уруок темата Уруок сыала Үɵрэнээччи үлэтин кɵрүҥэ Учебник страницата Күнэ - дьыла
I чиэппэр
1 салаа. Дорҕоон (17 ч.)
1 Иккис кылааска барбыты хатылааhын. Алфавит. 2 кылааска барбыт теманы, алфавиты хатылааһын. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Эрчиллии. Фишканан дорҕоону ырытыыга эрчиллии. Схеманан тыллары толкуйдуур.Предмет аатын, бэлиэтин, тугу гынарын көрдөрөр тыллары хатылааһын. Кэпсээhин. Хартыынанан кэпсээн оҥорорго эрчилии. Суруйуу. Хартыынанан диктант суруйуу. Саҥарыы. Сахалыы тɵрүт дорҕооннору чуолкайдык таба саҥарар. Таба суруйуу. Тылга кылгас, уhун аhаҕас дорҕооннору, дифтонг арааhын таба суруйар. Ааҕыы. Тɵрүт саха дорҕооннорун чуолкайдык, сɵпкɵ саҥаран ааҕарга эрчиллэр. Тэҥнээhин. Аhаҕас дорҕоон арааhын тэҥнээн уратыларын быhаарар. Бɵлɵхтɵɵhүн. Аhаҕас дорҕооннору наардыыр бɵлɵхтүүр.
3 – 5 03.09
2 Аһаҕас дорҕоон. Аһаҕас дорҕоон арааһын үөрэтии. Саӊарар, толкуйдуур, суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Тэтэрээккэ ыраастык суруйалларын ситиһии. 6 – 8 05.09
3 Суругунан үлэ. Диктант. «Ооҕуй ситимэ» Истэн сыыһата суох суруйа үөрэтии. Диктант суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Суруйуу. Диктант суруйуу. Сыыhатын бэйэтэ кɵннɵрɵр. Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр. Дидакт.матыр. 08.09
4 Хартыынанан үлэ. Хартыынанан ситимнээх этиилэри оӊорон кэпсээн толкуйдуурга үөрэтии. Кэпсиир, саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы.
Кэпсээhин. Хартыынанан кэпсээн оҥорорго эрчилии. Суруйуу. Оӊорбут кэпсээннэрин тэтэрээккэ суруйуу. Дидакт.матыр. 10.09
5 Дифтонг Дифтонг туһунан тугу билэллэрин хатылааһын. Саӊарар, толкуйдуур, суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Тэтэрээккэ ыраастык суруйалларын ситиһии. Быhаарыы. Дифтону таба саҥара үɵрэнэр, быhаарар. Истии. Тылга кылгас, уhун аhаҕас дорҕооннору, дифтонг арааhын истэр. Ааҕыы. Тɵрүт саха дорҕооннорун чуолкайдык, сɵпкɵ саҥаран ааҕарга эрчиллэр. 9 - 11 12.09
6 Бүтэй дорҕооннор. Сүһүөх араастара. Сүһүөх араастарын, бүтэй дорҕоонору наардыырга үөрэтии. Суруйар, истэр дьоҕурдарын сайыннарыы. Быhаарыы. Бүтэй дорҕоону таба саҥара үɵрэнэр, арааhын быhаарар. Истии. Тылга хоhуласпыт, сэргэстэспит бүтэй дорҕооннору истэр. Саҥарыы. Тыл хас да сүhүɵҕэр хоhулаhыылаах тыллары таба саҥарыыга болҕойор.Таба суруйуу. Хоhуласпыт, сэргэстэспит бүтэй дорҕооннору таба суруйар. Ааҕыы. Тɵрүт саха дорҕооннорун чуолкайдык, сɵпкɵ саҥаран ааҕарга эрчиллэр. Тэҥнээhин. Хоhуласпыт, сэргэстэспит бүтэй дорҕооннору тэҥнээн уратыларын быhаарар. Бɵлɵхтɵɵhүн. Бүтэй дорҕооннору наардыыр бɵлɵхтүүр.
11- 14 15.09
7 Хоһуласпыт бүтэй дорҕооннор. Хоһуласпыт бүтэй дорҕооннору араара үөрэтии. Сөптөөх эппиэт биэрэллэрин ситиһии. 14 - 17 17.09
8 Сэргэстэспит бүтэй дорҕооннор Сэргэстэспит, хоһуласпыт бүтэй дорҕооннору араара үөрэтии. Сөптөөх эппиэт биэрэллэрин ситиһии. 18 - 20 19.09
9 Суругунан үлэ. Аахпыттан суруйуу Истэн сыыһата суох аахпыттан суруйууну сатаан суруйарга үөрэтии. Изложенияны суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Истии. Суруйар текси учуутал ааҕарын болҕойон истии. Кэпсээhин. Текст ис хоhоонун кэпсиир.
Былааннааhын. Суруйарга анаан текскэ былаан оҥорор. Дидакт. мат. үлэ 22.09
10 Маарыӊнаһар бүтэй дорҕооннор. Марыӊнаһар бүтэй дорҕооннору кытта билиһиннэрии. Словарынан үлэлииргэ үөрэтии. Быһарыы. Марыӊнаһар бүтэй дорҕооннору булар, быһаарар. Истии. Тылга маарыӊнаһар бүтэй дорҕооннору булан истии. Саӊарыы. Марыӊнаһар бүтэй дорҕооннору таба саӊарыы. Тэҥнээhин. Марыӊнаһар бүтэй дорҕооннору тэҥнээн уратыларын быhаарар. Таба суруйуу. Марыӊнаһар бүтэй дорҕооннору таба суруйар. 20 - 22 24.09
11 Нууччалыы суруллар тылларга я,е,е,ю буукубалар. Икки дорҕоону бэлиэтиир буукубалары кытта билиһиннэрии. Сөпкө суруйалларын ситиһии. Суруйар, истэр дьоҕурдарын сайыннарыы. Быhаарыы. Нууччалыыттан киирбит дорҕоону таба саҥара үɵрэнэр, арааhын быhаарар. Истии. Саха тылыгар нууччаттан киирии тыл дорҕооннорун истэр. Саҥарыы. Киирии тылы сахалыы дорҕоон дьүɵрэлэhэр сокуонун тутуhан саҥарарга кыhаллар. Таба суруйуу. Саха тылыгар киирии дорҕоону суруйарга эрчиллэр. 22-24 26.09
12 Буочарга үлэ. Ыраастык устуу. Буочары тупсарыыга үлэлэhии. Буукубалары сɵпкɵ суруйалларын ситиhии. Тэтэрээккэ ыраастык үлэлииллэригэр болҕомто ууруу. Суруйуу. Ыраастык, сыыhата суох суруйарга эрчиллии.
карточка 29.09
13 Суругунан үлэ. Диктант. «Күөх айылҕа» Истэн сыыһата суох суруйа үөрэтии. Диктант суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Суруйуу. Диктант суруйуу. Сыыhатын бэйэтэ кɵннɵрɵр. Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр. 11 01.10
14 Киирии бүтэй дорҕоонноох тыллар. Нууччалыыттан киирбит дорҕооннору билиһиннэрии. Дорҕоон схематын сатаан туһана үөрэтии. Суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Быhаарыы. Нууччалыыттан киирбит дорҕоону таба саҥара үɵрэнэр, арааhын быhаарар. Истии. Саха тылыгар нууччаттан киирии тыл дорҕооннорун истэр. Саҥарыы. Киирии тылы сахалыы дорҕоон дьүɵрэлэhэр сокуонун тутуhан саҥарарга кыhаллар. Таба суруйуу. Саха тылыгар киирии дорҕоону суруйарга эрчиллэр. 25 - 27 03.10
15 Пааралаһар бүтэй дорҕооннор. Нууччалыыттан киирбит паараласпыт бүтэй дорҕооннору хатылааhын. Бэйэлэрин санааларын этэ үөрэнэллэрин ситиһии. Барбыты чиҥэтии Хатылааhын. Нууччалыыттан киирбит паараласпыт дорҕоону хатылааhын. Истии. Саха тылыгар нууччаттан киирии тыл паараласпыт дорҕооннорун истэр. Саҥарыы. Киирии тылы сахалыы дорҕоон дьүɵрэлэhэр сокуонун тутуhан саҥарарга кыhаллар. Таба суруйуу. Саха тылыгар киирии дорҕоону суруйарга эрчиллэр. Хатылааhыҥҥа эрчиллиилэри оҥорор. 27 - 29 06.10
16 Бэрэбиэркэлиир үлэ. Тест. «Дорҕоон» Теманы тɵhɵ ɵйдɵɵбүттэрин бэрибиэкэлииргэ тест оҥотторуу. Билиилэрин бэрэбиэркэлээhин. Ааҕыы. Сорудахтары болҕойон ааҕар. Истии. Учуутал быhаарыытын истэр. Толоруу. Бэрэбиэркэлиир үлэни сɵпкɵ толорорго кыhаллар. Суруйуу. Ыраастык суруйарга эрчиллэр. 29 - 31 08.10
17 Хатылааhын. Сыыhаҕа үлэ. Сыыhаларын бэйэлэрэ кɵннɵрɵллɵрүн ситиhии. Барбыты чиҥэтии. Кɵннɵрүү. Сыыhатын бэйэтэ булан кɵннɵрɵр. Ырытыы. Учууталы кытта туохха сыыспытын ырытар. Суруйуу. Каллиграфияҕа үлэ. Дидакт.матыр. 10.10
2 салаа. Тыл (8 чаас)
18
19 Тыл састааба. Тыл олоҕун уонна сыһыарыытын үөрэтии. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Быhаарыы. Сахалыы тыл састаабын, ыйытыылар кɵмɵлɵрүнэн бэйэтин тылынан быhаарар. Тэҥнээhин. Ыйытыыларынан кɵрɵн бэриллибит тыллары үɵскүүр сыhыарыыларынан тэҥнээн наардыыр. Бɵлɵхтɵɵhүн. Араас тылы ыйытыыларынан кɵрɵн бɵлɵхтүүр. Таба суруйуу. Дорҕооннору таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор. 32 - 37 13.10
15.10
20 Суругунан үлэ. Өйтөн суруйуу. ϴйтɵн суруйууга былаан оҥорорго үɵрэтии. Айар дьоҕурдарын сайыннарыы. Холонуу. Сɵбүлүүр тематын булан ситимнээх этиилэри токуйдаан ɵйтɵн суруйарга холонор. Таба суруйуу. Сыыhата суох суруйарга кыhаллыы. карточка 17.10
21 Буочарга үлэ. Ыраастык устуу. Буочары тупсарыыга үлэлэhии. Буукубалары сɵпкɵ суруйалларын ситиhии. Тэтэрээккэ ыраастык үлэлииллэригэр болҕомто ууруу. Суруйуу. Ыраастык, сыыhата суох суруйарга эрчиллии.
карточка 20.10
22 Тыл састааба. Тыл олоҕун уонна сыһыарыытын үөрэтии. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Быhаарыы. Сахалыы тыл састаабын, ыйытыылар кɵмɵлɵрүнэн бэйэтин тылынан быhаарар. Тэҥнээhин. Ыйытыыларынан кɵрɵн бэриллибит тыллары үɵскүүр сыhыарыыларынан тэҥнээн наардыыр. Бɵлɵхтɵɵhүн. Араас тылы ыйытыыларынан кɵрɵн бɵлɵхтүүр. Таба суруйуу. Дорҕооннору таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор. 37 - 39 22.10
23 Бэрэбиэркэлиир үлэ. Тест. «Тыл састааба» Теманы тɵhɵ ɵйдɵɵбүттэрин бэрибиэкэлииргэ тест оҥотторуу. Билиилэрин бэрэбиэркэлээhин. Ааҕыы. Сорудахтары болҕойон ааҕар. Истии. Учуутал быhаарыытын истэр. Толоруу. Бэрэбиэркэлиир үлэни сɵпкɵ толорорго кыhаллар. Суруйуу. Ыраастык суруйарга эрчиллэр. 40 - 42 24.10
24 Хатылааhын. Сыыhаҕа үлэ. Сыыhаларын бэйэлэрэ кɵннɵрɵллɵрүн ситиhии. Барбыты чиҥэтии. Кɵннɵрүү. Сыыhатын бэйэтэ булан кɵннɵрɵр. Ырытыы. Учууталы кытта туохха сыыспытын ырытар. Суруйуу. Каллиграфияҕа үлэ. Дидакт.матыр. 27.10
25
Хартыынанан үлэ. Хартыынанан ситимнээх этиилэри оӊорон кэпсээн толкуйдуурга үөрэтии. Кэпсиир, саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы.
Кэпсээhин. Хартыынанан кэпсээн оҥорорго эрчилии. Суруйуу. Оӊорбут кэпсээннэрин тэтэрээккэ суруйуу. Дидакт.матыр 29.10
3 салаа Саӊа чаастара. (53 чаас)
26
27 Саӊа чаастара Предмет аатын, бэлиэтин, тугу гынарын кɵрдɵрɵр тыллары кытта билиhиннэрии. Тылга сɵптɵɵх ыйытыыны туруоралларын ситиhии. Суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Быhаарыы. Сахалыы тыл састаабын, саҥа чаастарын туhунан бэйэтин тылынан быhаарар. Бɵлɵхтɵɵhүн. Араас тылы ыйытыыларынан кɵрɵн бɵлɵхтүүр. Таба суруйуу. Дорҕооннору таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор. 42 - 48 31.10
28
Аат тыл Аат тылы кытта билиһиннэрии. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Быhаарыы. Аат тыл туhунан бэйэтин тылынан быhаарар. Бɵлɵхтɵɵhүн. Араас тылы ыйытыыларынан кɵрɵн бɵлɵхтүүр. Таба суруйуу. Аат тылы таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
48 - 51 29 Суругунан үлэ. Аахпыттан суруйуу Истэн сыыһата суох аахпыттан суруйууну сатаан суруйарга үөрэтии. Изложенияны суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Истии. Суруйар текси учуутал ааҕарын болҕойон истии. Кэпсээhин. Текст ис хоhоонун кэпсиир.
Былааннааhын. Суруйарга анаан текскэ былаан оҥорор. карточка 30
31 Аат тыл Аат тылы кытта билиһиннэрии. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Быhаарыы. Аат тыл туhунан бэйэтин тылынан быhаарар. Бɵлɵхтɵɵhүн. Араас тылы ыйытыыларынан кɵрɵн бɵлɵхтүүр. Таба суруйуу. Аат тылы таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
52 - 58 32 Хонтуруолунай диктант. Истэн сыыһата суох суруйа үөрэтии. Диктант суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Билиилэрин бэрэбиэркэлээhин. Суруйуу. Диктант суруйуу. Сыыhатын бэйэтэ кɵннɵрɵр. Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр. Толоруу. Диктант сорудаҕын болҕойон толорор. - 33 Буочарга үлэ. Ыраастык устуу. Буочары тупсарыыга үлэлэhии. Буукубалары сɵпкɵ суруйалларын ситиhии. Тэтэрээккэ ыраастык үлэлииллэригэр болҕомто ууруу. Суруйуу. Ыраастык, сыыhата суох суруйарга эрчиллии.
карточка 34
35 Аат тыл Аат тылы кытта билиһиннэрии. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Быhаарыы. Аат тыл туhунан бэйэтин тылынан быhаарар. Бɵлɵхтɵɵhүн. Араас тылы ыйытыыларынан кɵрɵн бɵлɵхтүүр. Таба суруйуу. Аат тылы таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
58 - 63 36 Бэрэбиэркэлиир үлэ. Тест. «Тыл састааба» Теманы тɵhɵ ɵйдɵɵбүттэрин бэрибиэкэлииргэ тест оҥотторуу. Билиилэрин бэрэбиэркэлээhин. Ааҕыы. Сорудахтары болҕойон ааҕар. Истии. Учуутал быhаарыытын истэр. Толоруу. Бэрэбиэркэлиир үлэни сɵпкɵ толорорго кыhаллар. Суруйуу. Ыраастык суруйарга эрчиллэр. 64 - 66 II чиэппэр
37 Буочарга улэ.Ыраастык устуу. Сыыhаларын бэйэлэрэ кɵннɵрɵллɵрүн ситиhии. Барбыты чиҥэтии. Кɵннɵрүү. Сыыhатын бэйэтэ булан кɵннɵрɵр. Ырытыы. Учууталы кытта туохха сыыспытын ырытар. Суруйуу. Каллиграфияҕа үлэ. Дидакт.матыр. 38
39 Даҕааһын аат. Даҕааһын ааты үөрэтии. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Быhаарыы. Даҕааһын аат туhунан бэйэтин тылынан быhаарар. Бɵлɵхтɵɵhүн. Даҕааһын ааты атын саӊа чаастартан арааран бɵлɵхтүүр. Таба суруйуу. Даҕааһын ааты таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
66 - 72 40 Суругунан үлэ. Диктант. «Доҕордуулар» Истэн сыыһата суох суруйа үөрэтии. Диктант суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Суруйуу. Диктант суруйуу. Сыыhатын бэйэтэ кɵннɵрɵр. Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр. 24 41 Хартыынанан үлэ. Хартыынанан ситимнээх этиилэри оӊорон кэпсээн толкуйдуурга үөрэтии. Кэпсиир, саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы.
Кэпсээhин. Хартыынанан кэпсээн оҥорорго эрчилии. Суруйуу. Оӊорбут кэпсээннэрин тэтэрээккэ суруйуу. карточка 42
43
Даҕааһын аат. Даҕааһын ааты үөрэтии. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Быhаарыы. Даҕааһын аат туhунан бэйэтин тылынан быhаарар. Бɵлɵхтɵɵhүн. Даҕааһын ааты атын саӊа чаастартан арааран бɵлɵхтүүр. Таба суруйуу. Даҕааһын ааты таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
73 - 78 44 Бэрэбиэркэлиир үлэ. Тест. «Даҕааһын аат»
Теманы тɵhɵ ɵйдɵɵбүттэрин бэрибиэкэлииргэ тест оҥотторуу. Билиилэрин бэрэбиэркэлээhин. Ааҕыы. Сорудахтары болҕойон ааҕар. Истии. Учуутал быhаарыытын истэр. Толоруу. Бэрэбиэркэлиир үлэни сɵпкɵ толорорго кыhаллар. Суруйуу. Ыраастык суруйарга эрчиллэр. 81 - 83 45 Хатылааhын. Сыыhаҕа үлэ. Сыыhаларын бэйэлэрэ кɵннɵрɵллɵрүн ситиhии. Барбыты чиҥэтии. Кɵннɵрүү. Сыыhатын бэйэтэ булан кɵннɵрɵр. Ырытыы. Учууталы кытта туохха сыыспытын ырытар. Суруйуу. Каллиграфияҕа үлэ. Дидакт.матыр. 46 Даҕааһын аат. Даҕааһын ааты үөрэтии. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Быhаарыы. Даҕааһын аат туhунан бэйэтин тылынан быhаарар. Бɵлɵхтɵɵhүн. Даҕааһын ааты атын саӊа чаастартан арааран бɵлɵхтүүр. Таба суруйуу. Даҕааһын ааты таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
78 - 81 47
Солбуйар аат Солбуйар ааты үөрэтии. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Быhаарыы. Солбуйар аат туhунан бэйэтин тылынан быhаарар. Бɵлɵхтɵɵhүн. Даҕааһын ааты атын саӊа чаастартан арааран бɵлɵхтүүр. Таба суруйуу. Даҕааһын ааты таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
83 - 90
48 Суругунан үлэ. Аахпыттан суруйуу Истэн сыыһата суох аахпыттан суруйууну сатаан суруйарга үөрэтии. Изложенияны суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Истии. Суруйар текси учуутал ааҕарын болҕойон истии. Кэпсээhин. Текст ис хоhоонун кэпсиир.
Былааннааhын. Суруйарга анаан текскэ былаан оҥорор. - 49 Айар уруок. Хоһоон айарга үөрэтии. Айар дьоҕурдарын сайыннарыы. Холонуу. Сɵбүлүүр тематын булан ситимнээх этиилэри токуйдаан хоһоон айарга холонор Таба суруйуу. Сыыhата суох суруйарга кыhаллыы. - 50
51 Солбуйар аат. Солбуйар ааты үөрэтии. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Быhаарыы. Солбуйар аат туhунан бэйэтин тылынан быhаарар. Бɵлɵхтɵɵhүн. Даҕааһын ааты атын саӊа чаастартан арааран бɵлɵхтүүр. Таба суруйуу. Даҕааһын ааты таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
90 - 97 52 Суругунан үлэ. Диктант. «Ыраас хаар» Истэн сыыһата суох суруйа үөрэтии. Диктант суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Суруйуу. Диктант суруйуу. Сыыhатын бэйэтэ кɵннɵрɵр. Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр. 59 53 Хартыынанан үлэ. Хартыынанан ситимнээх этиилэри оӊорон кэпсээн толкуйдуурга үөрэтии. Кэпсиир, саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы.
Кэпсээhин. Хартыынанан кэпсээн оҥорорго эрчилии. Суруйуу. Оӊорбут кэпсээннэрин тэтэрээккэ суруйуу. карточка 54 Солбуйар аат. Солбуйар ааты үөрэтии. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Быhаарыы. Солбуйар аат туhунан бэйэтин тылынан быhаарар. Бɵлɵхтɵɵhүн. Даҕааһын ааты атын саӊа чаастартан арааран бɵлɵхтүүр. Таба суруйуу. Даҕааһын ааты таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
97 - 98 55 Солбуйар аат. Солбуйар ааты үөрэтии. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Быhаарыы. Солбуйар аат туhунан бэйэтин тылынан быhаарар. Бɵлɵхтɵɵhүн. Даҕааһын ааты атын саӊа чаастартан арааран бɵлɵхтүүр. Таба суруйуу. Даҕааһын ааты таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор. 99 56 Бэрэбиэркэлиир үлэ. Тест. «Солбуйар аат» Теманы тɵhɵ ɵйдɵɵбүттэрин бэрибиэкэлииргэ тест оҥотторуу. Билиилэрин бэрэбиэркэлээhин. Ааҕыы. Сорудахтары болҕойон ааҕар. Истии. Учуутал быhаарыытын истэр. Толоруу. Бэрэбиэркэлиир үлэни сɵпкɵ толорорго кыhаллар. Суруйуу. Ыраастык суруйарга эрчиллэр. 100 - 102 57 Хатылааhын. Сыыhаҕа үлэ. Ыраастык устуу. Буочарга үлэ. Сыыhаларын бэйэлэрэ кɵннɵрɵллɵрүн ситиhии. Барбыты чиҥэтии. Кɵннɵрүү. Сыыhатын бэйэтэ булан кɵннɵрɵр. Ырытыы. Учууталы кытта туохха сыыспытын ырытар. Суруйуу. Каллиграфияҕа үлэ. - 58 Аат тыл. Хатылааһын. Аат тылы хатылааһын. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Быhаарыы. Аат тыл туhунан бэйэтин тылынан быhаарар. Бɵлɵхтɵɵhүн. Араас тылы ыйытыыларынан кɵрɵн бɵлɵхтүүр. Таба суруйуу. Аат тылы таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
Дидакт. Матыр. 59 Даҕааһын аат. Хатылааһын. Даҕааһын ааты хатылааһын. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Быhаарыы. Даҕааһын аат туhунан бэйэтин тылынан быhаарар. Бɵлɵхтɵɵhүн. Араас тылы ыйытыыларынан кɵрɵн бɵлɵхтүүр. Таба суруйуу. Аат тылы таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
Дидакт. Матыр. 60 Солбуйар аат. Хатылааһын. Даҕааһын ааты хатылааһын. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Быhаарыы. Солбуйар аат туhунан бэйэтин тылынан быhаарар. Бɵлɵхтɵɵhүн. Араас тылы ыйытыыларынан кɵрɵн бɵлɵхтүүр. Таба суруйуу. Аат тылы таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
Дидакт. Матыр. 61 Суругунан үлэ. Аахпыттан суруйуу Истэн сыыһата суох аахпыттан суруйууну сатаан суруйарга үөрэтии. Изложенияны суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Истии. Суруйар текси учуутал ааҕарын болҕойон истии. Кэпсээhин. Текст ис хоhоонун кэпсиир.
Былааннааhын. Суруйарга анаан текскэ былаан оҥорор. - 62 Хатылааһыӊӊа эрчиллиилэр. Аат тыл. Даҕааһын аат. Солбуйар аат. Барбыт саӊа чаастарын хатылааһын. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Хатылааһын: барбыт саӊа чаастарын. Бɵлɵхтɵɵhүн. Араас тылы ыйытыыларынан кɵрɵн бɵлɵхтүүр. Таба суруйуу. Аат тылы таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
Дидакт. Матыр. 63 Хонтуруолунай диктант. Истэн сыыһата суох суруйа үөрэтии. Диктант суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Билиилэрин бэрэбиэркэлээhин. Суруйуу. Диктант суруйуу. Сыыhатын бэйэтэ кɵннɵрɵр. Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр. Толоруу. Диктант сорудаҕын болҕойон толорор. - 64 Комплекснай хонтуруолунай үлэ. Комплекснай хонтуруолунай үлэни оӊорорго үөрэтии. Бэйэтэ учуутал көмөтө суох хонтуруолунай үлэни оӊорор - III чиэппэр
65
Буочарга үлэ. Ыраастык устуу. Буочары тупсарыыга үлэлэhии. Буукубалары сɵпкɵ суруйалларын ситиhии. Тэтэрээккэ ыраастык үлэлииллэригэр болҕомто ууруу. Суруйуу. Ыраастык, сыыhата суох суруйарга эрчиллии.
карточка 66 Айар уруок. Хоһоон айарга үөрэтии. Айар дьоҕурдарын сайыннарыы. Холонуу. Сɵбүлүүр тематын булан ситимнээх этиилэри токуйдаан хоһоон айарга холонор Таба суруйуу. Сыыhата суох суруйарга кыhаллыы. 67
68 Туохтуур. Туохтууру үөрэтии. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Быhаарыы. Туохтуур туhунан бэйэтин тылынан быhаарар. Бɵлɵхтɵɵhүн. Даҕааһын ааты атын саӊа чаастартан арааран бɵлɵхтүүр. Таба суруйуу. Даҕааһын ааты таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор. 102 - 108 69
Суругунан үлэ. Диктант. «Тиит туһунан» Истэн сыыһата суох суруйа үөрэтии. Диктант суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Суруйуу. Диктант суруйуу. Сыыhатын бэйэтэ кɵннɵрɵр. Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр. 86 70 Хартыынанан үлэ. Хартыынанан ситимнээх этиилэри оӊорон кэпсээн толкуйдуурга үөрэтии. Кэпсиир, саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы.
Кэпсээhин. Хартыынанан кэпсээн оҥорорго эрчилии. Суруйуу. Оӊорбут кэпсээннэрин тэтэрээккэ суруйуу. карточка 71
72 Туохтуур. Туохтууру үөрэтии. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Быhаарыы. Туохтуур туhунан бэйэтин тылынан быhаарар. Бɵлɵхтɵɵhүн. Даҕааһын ааты атын саӊа чаастартан арааран бɵлɵхтүүр. Таба суруйуу. Даҕааһын ааты таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор. 109 - 115 73 Суругунан үлэ. Аахпыттан суруйуу Истэн сыыһата суох аахпыттан суруйууну сатаан суруйарга үөрэтии. Изложенияны суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Истии. Суруйар текси учуутал ааҕарын болҕойон истии. Кэпсээhин. Текст ис хоhоонун кэпсиир.
Былааннааhын. Суруйарга анаан текскэ былаан оҥорор. - 74 Айар уруок. Остуоруйа айарга үөрэтии. Айар дьоҕурдарын сайыннарыы. Холонуу. Сɵбүлүүр тематын булан ситимнээх этиилэри токуйдаан хоһоон айарга холонор Таба суруйуу. Сыыhата суох суруйарга кыhаллыы. - 75
76 Туохтуур. Туохтууру үөрэтии. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Быhаарыы. Туохтуур туhунан бэйэтин тылынан быhаарар. Бɵлɵхтɵɵhүн. Даҕааһын ааты атын саӊа чаастартан арааран бɵлɵхтүүр. Таба суруйуу. Даҕааһын ааты таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор. 115 - 118 77 Бэрэбиэркэлиир үлэ. Тест. «Туохтуур» Теманы тɵhɵ ɵйдɵɵбүттэрин бэрибиэкэлииргэ тест оҥотторуу. Билиилэрин бэрэбиэркэлээhин. Ааҕыы. Сорудахтары болҕойон ааҕар. Истии. Учуутал быhаарыытын истэр. Толоруу. Бэрэбиэркэлиир үлэни сɵпкɵ толорорго кыhаллар. Суруйуу. Ыраастык суруйарга эрчиллэр. 118 - 120 78 Хатылааhын. Сыыhаҕа үлэ. Сыыhаларын бэйэлэрэ кɵннɵрɵллɵрүн ситиhии. Барбыты чиҥэтии. Кɵннɵрүү. Сыыhатын бэйэтэ булан кɵннɵрɵр. Ырытыы. Учууталы кытта туохха сыыспытын ырытар. Суруйуу. Каллиграфияҕа үлэ. - 4 салаа Этии (38 чаас)
79 Этии. Этии өйдөбүлүн оҕолорго өйдөтүү. Этии улахан буукубанан саҕаланарын, бүтүүтэ туочуканан бэлиэтэнэрин хатылааһын. Бэйэлэрин санааларын этэ үөрэнэллэрин ситиһии. Быhаарыы. Этии ɵйдɵбүлүн, этии тутах чилиэннэрин, этии арааhын арааран бэйэтин тылынан быhаарар. Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр. Ырыытыы. Этиигэ этии тутаах чилиэннэрин булар, ырытар. Суруйуу. Тэтэрээккэ эрчиллиилэри сɵпкɵ оҥорорго эрчиллэр. Сурук бэлиэтин сɵпкɵ туруорарга кыhаллар. Толкуйдааhын. Этии арааhын туhанан этии толкуйдуурга эрчиллэр. 120 - 124 80
81 Этии арааhа. Этии араастарын кытта билиhиннэрии. Бэйэлэрин санааларын этэ үөрэнэллэрин ситиһии. 124 - 131 82 Суругунан үлэ. Диктант. «Тииӊ хайдах ириэринэрий» Истэн сыыһата суох суруйа үөрэтии. Диктант суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Суруйуу. Диктант суруйуу. Сыыhатын бэйэтэ кɵннɵрɵр. Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр. 105 83
84 Этии тутаах чилиэннэрэ. Этии тутаах чилиэннэрин сɵпкɵ буларга үɵрэтии. Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр. Ырыытыы. Этиигэ этии тутаах чилиэннэрин булар, ырытар. Суруйуу. Тэтэрээккэ эрчиллиилэри сɵпкɵ оҥорорго эрчиллэр. Сурук бэлиэтин сɵпкɵ туруорарга кыhаллар. Толкуйдааhын. Этии арааhын туhанан этии толкуйдуурга эрчиллэр. 131 - 136 85 Этии тутаах чилиэннэрин хатылааһын. Этии тутаах чилиэннэрин хатылааһын. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Хатылааһын: этии тутаах чилиэннэрин Эрчиллиилэри оҥорор.
Дидакт. матыр. 86 Суругунан үлэ. Өйтөн суруйуу. ϴйтɵн суруйууга былаан оҥорорго үɵрэтии. Айар дьоҕурдарын сайыннарыы. Холонуу. Сɵбүлүүр тематын булан ситимнээх этиилэри токуйдаан ɵйтɵн суруйарга холонор. Таба суруйуу. Сыыhата суох суруйарга кыhаллыы. - 87
88 Этии тутаах чилиэннэрэ. Этии тутаах чилиэннэрин сɵпкɵ буларга үɵрэтии. Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр. Ырыытыы. Этиигэ этии тутаах чилиэннэрин булар, ырытар. Суруйуу. Тэтэрээккэ эрчиллиилэри сɵпкɵ оҥорорго эрчиллэр. Сурук бэлиэтин сɵпкɵ туруорарга кыhаллар. Толкуйдааhын. Этии арааhын туhанан этии толкуйдуурга эрчиллэр. 136 - 142 89 Суругунан үлэ. Аахпыттан суруйуу Истэн сыыһата суох аахпыттан суруйууну сатаан суруйарга үөрэтии. Изложенияны суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Истии. Суруйар текси учуутал ааҕарын болҕойон истии. Кэпсээhин. Текст ис хоhоонун кэпсиир.
Былааннааhын. Суруйарга анаан текскэ былаан оҥорор. - 90 Буочарга үлэ. Ыраастык устуу. Буочары тупсарыыга үлэлэhии. Буукубалары сɵпкɵ суруйалларын ситиhии. Тэтэрээккэ ыраастык үлэлииллэригэр болҕомто ууруу. Суруйуу. Ыраастык, сыыhата суох суруйарга эрчиллии.
карточка 91
92 Этии тутаах чилиэннэрэ. Этии тутаах чилиэннэрин сɵпкɵ буларга үɵрэтии. Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр. Ырыытыы. Этиигэ этии тутаах чилиэннэрин булар, ырытар. Суруйуу. Тэтэрээккэ эрчиллиилэри сɵпкɵ оҥорорго эрчиллэр. Сурук бэлиэтин сɵпкɵ туруорарга кыhаллар. Толкуйдааhын. Этии арааhын туhанан этии толкуйдуурга эрчиллэр. 142 - 148 93 Суругунан үлэ. Диктант. Истэн сыыһата суох суруйа үөрэтии. Диктант суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Суруйуу. Диктант суруйуу. Сыыhатын бэйэтэ кɵннɵрɵр. Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр. 111 94 Хартыынанан үлэ. Хартыынанан ситимнээх этиилэри оӊорон кэпсээн толкуйдуурга үөрэтии. Кэпсиир, саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы.
Кэпсээhин. Хартыынанан кэпсээн оҥорорго эрчилии. Суруйуу. Оӊорбут кэпсээннэрин тэтэрээккэ суруйуу. карточка 95
96 Этии тутаах чилиэннэрэ. Этии тутаах чилиэннэрин сɵпкɵ буларга үɵрэтии. Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр. Ырыытыы. Этиигэ этии тутаах чилиэннэрин булар, ырытар. Суруйуу. Тэтэрээккэ эрчиллиилэри сɵпкɵ оҥорорго эрчиллэр. Сурук бэлиэтин сɵпкɵ туруорарга кыhаллар. Толкуйдааhын. Этии арааhын туhанан этии толкуйдуурга эрчиллэр. 148 - 151 97 Суругунан үлэ. Өйтөн суруйуу. ϴйтɵн суруйууга былаан оҥорорго үɵрэтии. Айар дьоҕурдарын сайыннарыы.
Холонуу. Сɵбүлүүр тематын булан ситимнээх этиилэри токуйдаан ɵйтɵн суруйарга холонор. Таба суруйуу. Сыыhата суох суруйарга кыhаллыы. - 98 Этии биир уустах чилиэннэрэ Этии биир уустаах чилиэннэрин үɵрэтии. Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр. Ырыытыы. Этиигэ этии биир уустаах чилиэннэрин булар, ырытар. Суруйуу. Тэтэрээккэ эрчиллиилэри сɵпкɵ оҥорорго эрчиллэр. Сурук бэлиэтин сɵпкɵ туруорарга кыhаллар. Толкуйдааhын. Этии арааhын туhанан этии толкуйдуурга эрчиллэр. 152 - 155 99
100 Этии тутаах чилиэннэрэ. Этии тутаах чилиэннэрин сɵпкɵ буларга үɵрэтии. Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр. Ырыытыы. Этиигэ этии тутаах чилиэннэрин булар, ырытар. Суруйуу. Тэтэрээккэ эрчиллиилэри сɵпкɵ оҥорорго эрчиллэр. Сурук бэлиэтин сɵпкɵ туруорарга кыhаллар. Толкуйдааhын. Этии арааhын туhанан этии толкуйдуурга эрчиллэр. 155 - 159 101 Айар уруок. Остуоруйа айарга үөрэтии. Айар дьоҕурдарын сайыннарыы. Холонуу. Сɵбүлүүр тематын булан ситимнээх этиилэри токуйдаан хоһоон айарга холонор Таба суруйуу. Сыыhата суох суруйарга кыhаллыы. - 102
103 Этии ойоҕос чилиэннэрэ Этии ойоҕос чилиэннэрин сɵпкɵ буларга үɵрэтии. Саӊарар, суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр. Ырыытыы. Этиигэ этии тутаах чилиэннэрин булар, ырытар. Суруйуу. Тэтэрээккэ эрчиллиилэри сɵпкɵ оҥорорго эрчиллэр. Сурук бэлиэтин сɵпкɵ туруорарга кыhаллар. Толкуйдааhын. Этии арааhын туhанан этии толкуйдуурга эрчиллэр.
160 - 165 104 Хонтуруолунай диктант. Истэн сыыһата суох суруйа үөрэтии. Диктант суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Билиилэрин бэрэбиэркэлээhин. Суруйуу. Диктант суруйуу. Сыыhатын бэйэтэ кɵннɵрɵр. Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр. Толоруу. Диктант сорудаҕын болҕойон толорор. - 105 Буочарга үлэ. Ыраастык устуу. Буочары тупсарыыга үлэлэhии. Буукубалары сɵпкɵ суруйалларын ситиhии. Тэтэрээккэ ыраастык үлэлииллэригэр болҕомто ууруу. Суруйуу. Ыраастык, сыыhата суох суруйарга эрчиллии.
карточка IV четверть
106
107 Этии ойоҕос чилиэннэрэ Этии ойоҕос чилиэннэрин сɵпкɵ буларга үɵрэтии. Саӊарар, суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр. Ырыытыы. Этиигэ этии тутаах чилиэннэрин булар, ырытар. Суруйуу. Тэтэрээккэ эрчиллиилэри сɵпкɵ оҥорорго эрчиллэр. Сурук бэлиэтин сɵпкɵ туруорарга кыhаллар. Толкуйдааhын. Этии арааhын туhанан этии толкуйдуурга эрчиллэр.
165 - 168 108 Суругунан үлэ. Диктант. Истэн сыыһата суох суруйа үөрэтии. Диктант суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Суруйуу. Диктант суруйуу. Сыыhатын бэйэтэ кɵннɵрɵр. Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр. - 109 Хартыынанан үлэ. Хартыынанан ситимнээх этиилэри оӊорон кэпсээн толкуйдуурга үөрэтии. Кэпсиир, саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы.
Кэпсээhин. Хартыынанан кэпсээн оҥорорго эрчилии. Суруйуу. Оӊорбут кэпсээннэрин тэтэрээккэ суруйуу. - 110
111 Этии ойоҕос чилиэннэрэ Этии ойоҕос чилиэннэрин сɵпкɵ буларга үɵрэтии. Саӊарар, суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр. Ырыытыы. Этиигэ этии тутаах чилиэннэрин булар, ырытар. Суруйуу. Тэтэрээккэ эрчиллиилэри сɵпкɵ оҥорорго эрчиллэр. Сурук бэлиэтин сɵпкɵ туруорарга кыhаллар. Толкуйдааhын. Этии арааhын туhанан этии толкуйдуурга эрчиллэр.
168 - 171 112 Суругунан үлэ. Аахпыттан суруйуу Истэн сыыһата суох аахпыттан суруйууну сатаан суруйарга үөрэтии. Изложенияны суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Истии. Суруйар текси учуутал ааҕарын болҕойон истии. Кэпсээhин. Текст ис хоhоонун кэпсиир.
Былааннааhын. Суруйарга анаан текскэ былаан оҥорор. - 113 Буочарга үлэ. Ыраастык устуу. Буочары тупсарыыга үлэлэhии. Буукубалары сɵпкɵ суруйалларын ситиhии. Тэтэрээккэ ыраастык үлэлииллэригэр болҕомто ууруу. Суруйуу. Ыраастык, сыыhата суох суруйарга эрчиллии.
- 114
115 Этии ойоҕос чилиэннэрэ Этии ойоҕос чилиэннэрин сɵпкɵ буларга үɵрэтии. Саӊарар, суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр. Ырыытыы. Этиигэ этии тутаах чилиэннэрин булар, ырытар. Суруйуу. Тэтэрээккэ эрчиллиилэри сɵпкɵ оҥорорго эрчиллэр. Сурук бэлиэтин сɵпкɵ туруорарга кыhаллар. Толкуйдааhын. Этии арааhын туhанан этии толкуйдуурга эрчиллэр. 171 - 174 116 Суругунан үлэ. Диктант. Истэн сыыһата суох суруйа үөрэтии. Диктант суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Суруйуу. Диктант суруйуу. Сыыhатын бэйэтэ кɵннɵрɵр. Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр. - 5 салаа. Сыллааҕы түмүктүүр уруоктар (20 чаас)
117 Хартыынанан үлэ. Хартыынанан ситимнээх этиилэри оӊорон кэпсээн толкуйдуурга үөрэтии. Кэпсиир, саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Кэпсээhин. Хартыынанан кэпсээн оҥорорго эрчилии. Суруйуу. Оӊорбут кэпсээннэрин тэтэрээккэ суруйуу. - 118
119 Хатылааһыӊӊа эрчиллиилэр. Этии. Этии тутаах чилиэннэрэ. Этиини уонна этии тутаах чилиэннэрин хатылааһын. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Хатылааһын: барбыт темаларын Таба суруйуу. Этиини, этии тутаах чилиэннэрин таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
- 120 Бэрэбиэркэлиир үлэ. Тест. «Туохтуур» Теманы тɵhɵ ɵйдɵɵбүттэрин бэрибиэкэлииргэ тест оҥотторуу. Билиилэрин бэрэбиэркэлээhин. Ааҕыы. Сорудахтары болҕойон ааҕар. Истии. Учуутал быhаарыытын истэр. Толоруу. Бэрэбиэркэлиир үлэни сɵпкɵ толорорго кыhаллар. Суруйуу. Ыраастык суруйарга эрчиллэр. 174 - 176 121 Хатылааhын. Сыыhаҕа үлэ. Сыыhаларын бэйэлэрэ кɵннɵрɵллɵрүн ситиhии. Барбыты чиҥэтии. Кɵннɵрүү. Сыыhатын бэйэтэ булан кɵннɵрɵр. Ырытыы. Учууталы кытта туохха сыыспытын ырытар. Суруйуу. Каллиграфияҕа үлэ. - 122 Хатылааһыӊӊа эрчиллиилэр. Этии. Этии биир уустаах чилиэннэрэ. Этии ойоҕос чилиэннэрэ. Этиини уонна этии биир уустаах чилиэннэрин, ойоҕос чилиэннэрин хатылааһын. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Хатылааһын: барбыт темаларын Таба суруйуу. Этиини, этии тутаах чилиэннэрин таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
176 - 177 123 Хатылааһыӊӊа эрчиллиилэр. Этии. Этии биир уустаах чилиэннэрэ. Этии ойоҕос чилиэннэрэ. Этиини уонна этии биир уустаах чилиэннэрин, ойоҕос чилиэннэрин хатылааһын. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Хатылааһын: барбыт темаларын Таба суруйуу. Этиини, этии тутаах чилиэннэрин таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
178 - 179 124 Суругунан үлэ. Өйтөн суруйуу. ϴйтɵн суруйууга былаан оҥорорго үɵрэтии. Айар дьоҕурдарын сайыннарыы.
Холонуу. Сɵбүлүүр тематын булан ситимнээх этиилэри токуйдаан ɵйтɵн суруйарга холонор. Таба суруйуу. Сыыhата суох суруйарга кыhаллыы. - 125
126 Хатылааһыӊӊа эрчиллиилэр. Этии. Этии биир уустаах чилиэннэрэ. Этии ойоҕос чилиэннэрэ. Этиини уонна этии биир уустаах чилиэннэрин, ойоҕос чилиэннэрин хатылааһын. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Хатылааһын: барбыт темаларын Таба суруйуу. Этиини, этии тутаах чилиэннэрин таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
180 - 183 127 Хатылааһыӊӊа эрчиллиилэр. Этии. Этии биир уустаах чилиэннэрэ. Этии ойоҕос чилиэннэрэ. Этиини уонна этии биир уустаах чилиэннэрин, ойоҕос чилиэннэрин хатылааһын. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Хатылааһын: барбыт темаларын Таба суруйуу. Этиини, этии тутаах чилиэннэрин таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
184 - 187 128 Комплекснай хонтуруолунай үлэ. Комплекснай хонтуруолунай үлэни оӊорорго үөрэтии. Бэйэтэ учуутал көмөтө суох хонтуруолунай үлэни оӊорор - 129 Хатылааһыӊӊа эрчиллиилэр. Этии. Этии биир уустаах чилиэннэрэ. Этии ойоҕос чилиэннэрэ. Маарыннаһар тыллар. Этиини уонна этии биир уустаах чилиэннэрин, ойоҕос чилиэннэрин хатылааһын. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Хатылааһын: барбыт темаларын Таба суруйуу. Этиини, этии тутаах чилиэннэрин таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
194 130 Суругунан үлэ. Аахпыттан суруйуу Истэн сыыһата суох аахпыттан суруйууну сатаан суруйарга үөрэтии. Изложенияны суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Истии. Суруйар текси учуутал ааҕарын болҕойон истии. Кэпсээhин. Текст ис хоhоонун кэпсиир.
Былааннааhын. Суруйарга анаан текскэ былаан оҥорор. - 131 Бэрэбиэркэлиир үлэ. Тест. «Сыллааҕы түмүктүүр тест» Теманы тɵhɵ ɵйдɵɵбүттэрин бэрибиэкэлииргэ тест оҥотторуу. Билиилэрин бэрэбиэркэлээhин. Ааҕыы. Сорудахтары болҕойон ааҕар. Истии. Учуутал быhаарыытын истэр. Толоруу. Бэрэбиэркэлиир үлэни сɵпкɵ толорорго кыhаллар. Суруйуу. Ыраастык суруйарга эрчиллэр. - 132 Хатылааhын. Сыыhаҕа үлэ. Сыыhаларын бэйэлэрэ кɵннɵрɵллɵрүн ситиhии. Барбыты чиҥэтии. Кɵннɵрүү. Сыыhатын бэйэтэ булан кɵннɵрɵр. Ырытыы. Учууталы кытта туохха сыыспытын ырытар. Суруйуу. Каллиграфияҕа үлэ. 133 Хатылааһыӊӊа эрчиллиилэр. Этии. Этии биир уустаах чилиэннэрэ. Этии ойоҕос чилиэннэрэ. Кэлим тыллар. Этиини уонна этии биир уустаах чилиэннэрин, ойоҕос чилиэннэрин хатылааһын. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Хатылааһын: барбыт темаларын Таба суруйуу. Этиини, этии тутаах чилиэннэрин таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
195 134 Хатылааһыӊӊа эрчиллиилэр. Этии. Этии биир уустаах чилиэннэрэ. Этии ойоҕос чилиэннэрэ. Сомоҕо тыллар. Этиини уонна этии биир уустаах чилиэннэрин, ойоҕос чилиэннэрин хатылааһын. Саӊарар дьоҕурдарын сайыннарыы. Ыраастык үлэлииллэрин ситиһии. Хатылааһын: барбыт темаларын Таба суруйуу. Этиини, этии тутаах чилиэннэрин таба суруйарга эрчиллэр. Эрчиллиилэри оҥорор.
196 - 197 135 Хонтуруолунай диктант. Истэн сыыһата суох суруйа үөрэтии. Диктант суруйар дьоҕурдарын сайыннарыы. Билиилэрин бэрэбиэркэлээhин. Суруйуу. Диктант суруйуу. Сыыhатын бэйэтэ кɵннɵрɵр. Истии. Учуутал саҥатын болҕойон истэ үɵрэнэр. Толоруу. Диктант сорудаҕын болҕойон толорор. - 136 Буочарга үлэ. Ыраастык устуу. Буочары тупсарыыга үлэлэhии. Буукубалары сɵпкɵ суруйалларын ситиhии. Тэтэрээккэ ыраастык үлэлииллэригэр болҕомто ууруу. Суруйуу. Ыраастык, сыыhата суох суруйарга эрчиллии.
карточка