Саха Сирин эйгэтиттэн задачалар краеведческие задачи о Якутии для 5 классов по математике
Саха сирин эйгэтиттэн задачалар.
Сыыппаранан суруй:
Саха Республикатын олохтоо5ун ахсаана биир молуйуон то5ус тыьыынча биэс суус киhи.
Б) Саха Республикатын сирин иэнэ ус молуйуон суус ус тыьыынча икки суус квадратнай миэтэрэ.
В) Саха Республикатыгар 1999 сыллаахха сэттэ суус а5ыс уон а5ыс оскуола баара, уорэнээччи ахсаана суус сэттэ уон туорт тыьыынча ус суус отут туорт, оттон учуутал ахсаана уон ус тыьыынча туорт суус этэ.
Г) Тыhыынча то5ус суус биэс уон алта сыллаахха педагогическай институт оннугар Саха государственнай университета тэриллибитэ. Оччотоо5ута университекка сэттэ тыhыынча то5ус суус биэм уон студент баара. Барыта тыhыынча сэттэ суус отут биэс улэhит, кинилэр истэригэр отут биэс наука кандидата, сэттэ суус отут икки преподаватель уонна научнай улэhит баара. Тыhыынча то5ус суус то5ус уон сыллаахха Дьокуускайдаа5ы государственнай университекка Максим Кирович Аммосов аата инэриллибитэ.
2. Саха Республикатын саамай улахан оруhэ – Олуонэ. Уhуна- 4400 км. Халыма орус Олуонэттээ5эр 2271 км-нан кылгас, оттон Олоон Халыматтаа5ар 163 км-нан уьун. Олоон уьунун быьаар. Олуонэ Олоонтоо5ор хас км-нан уьунуй?
Саха Республикатын саамай урдук хайата - Победа. Урдугэ – 3147 м. Дьааны хайата Победаттаа5ар 188 м-нэн, оттон Становай хайа Дьаанытаа5ар 547 м-нэн намыhах. Становай хайа урдугун быhаар.
Чульмантан Нерюнгрига диэри 39км, Нерюнгриттан Беркакикка диэри онноо5ор 3 км-нан чугас буолла5ына, Чульмантан Беркакикка диэри хас километрый?
Сибиир саамай кырдьа5ас куоратыттарыттан биирдэмтэрэ, Дьокуускай, 1632 сыллаахха торуттэммитэ. Томмот онноо5ор 291 сылынан кэнники, Олуохумэ Томмоттоо5ор 288 сылынан инники торуттэммитэ. Олуохумэ уонна Томмот хас сыллаахха торуттэммиттэрин быhаар.
Котуллубут сыыппаралары туруортаан, Саха Республиката торуттэммит сылын быhаар