Сценарий внеклассного мероприятия Математика-царица всех наук


Амма – Наахара орто оскуолата
«Математика – царица всех наук»
тэрээһин сценарийа
Суруйда: Антипина А.А.
2012сыл
Ыытыллар күнэ: сэтинньи 30 күнэ 2012 сыл.
Туттуллар матырыйаал:
сыыппаралардаах карточка, сорудахтаах карточкалар (холобурдар, задачалар, өс хоһоонноро, фломастер.
4 хаманда5а арахсыы. «Трапеция», «Квадрат», «Ромбик», «Круг»
Дьиэ5э үлэ: девиз, ба5а санаа
- Yтүө күнүнэн о5олор, төрөппүттэр, учууталлар. Математика нэдиэлэтин түмүктүүр тэрээһини са5алыыбыт. О5олоор, математика биһиэхэ олохпутугар наадалаах дуу, суох дуу?
- Онон өйдөөн о5олоор, биһиги олохпутугар
Математика диэн наука саамай наадалаах , туһалаах эбит.
-Бүгүңңү күрэххэ элбэхтэ суоттуоххут, толкуйдуоххут, оонньуоххут.
1. Билиьинэрии
- Билигин хамаандалары кытта билсиэхпит.
2. Суот. 4 балл+4 балл
Хас биирдии о5о сүүрэн кэлэр уонна суоттаан баран эппиэтин суруйар.
1кл. 2 кл. 3кл. 4кл.
5-3= 10-5+4= 4·9+4= 7·8-12+1=
7+7-1= 4·8+8= 5·4+18-1=
3. Логическай задачалар: 3 балл
1. Бөтүүк биир ата5ар турда5ына, кини ыйааһына 3 кг. Онтон икки ата5ар турда5ына ыйааһына төһө буолуой?
2. 4 муннуктаах остуолу биир муннугун эрбээн кэбиспиттэр, остуол хас муннуктаммытый?
3. 3 бииргэ холбоммут (тройка) ат часка 24 км. сүүрбүттэр. Хас биирдии ата төһө км. сүүрбүттэрий?
4. Чыыһыланы таьаар. 4балл+4балл
21, 347, 65, 1.427

5. Өс хоһооннору ситэрии. 5 балл.
1. Куһа5ан тылы- өһү …кулгааххынан иһит, … аһар.
2. ….мэник сүтэрбитин, ….көрсүө кыайан булбат
3. Үтүө ат …… кымньыылаах,……… үтүө киһи биир тыллаах.
4.Онноо5ор ….. атахтаах будуруйэр.
5. …киьи ……кымньыыны а5ала барбытыгар дылы.
1. 1,2
2. 1,100
3. 1,1
4.4
5.7,1
6. Танграмм. 4 балл
- Көрөөччүлэргэ таабырын:
- Ханнык сыыпаратын таай
1.Кыра, кутуруктаах, ол гынан баран кылаастан кылааска таһаарбат (2)
2.Төбөтүнэн таңнары турда5ына, 3-нэн кыччыыр (9)
3.Икки төгүрүгү иңнэри – таңнары да туттаххына син биир уларыйбат
4.Икки бэлиэлээх саамай улахан чыыһыланы таңнары эргиттэхпинэ, … (66).
Таабырыннар.
5.Икки күөл кытылларыгар харыйачааннар үүммүттэр.(Харах, кыламаннар)
6.А5ыс атахтаах араллаан бухатыыр баар үһү. (Оо5уй о5ус)
7.Икки маңан ат өлөрсөн эрэллэрин , кугас биэ кэлэн быыһыыр үһү. (тиис икки, тыл икки)
8.Биир харахтаах абааһы кыыһа баар үһү. (иннэ)
9. Сүүс кулгаахтаах кырдьа5ас эмээхсин баар үһү.(илим)
10. Икки чыычаах көтөөрү өгдөңнөһөллөр да хайалара да көппөт.
11. Сүүс о5о биир оро5унан субуллар үһү. (эрбии)
12. Икки сыгынньах о5о ытаһа – ытаһа сырсан иһэллэр үһү(Хайыьар)
13. Биир киһи түөрт атахтаах үһү. (остуол)
14.Икки уһуктаах , икки төгүрүктээх, ортото тоһо5олоох.
15.Биир харыйа уон ордуга икки салаалаах үһү. (сыл )
16. Биэс быраат биир дьиэ5э кыстыыллар. (үтүлүк)
1кл. 2 кл. 3кл. 4кл.
5-3= 10-5+4= 4·9+4= 7·8-12+1=
7+7-1= 4·8+8= 5·4+18-1=
3. Логическай задачалар:
1. Бөтүүк биир ата5ар турда5ына, кини ыйааһына 3 кг. Онтон икки ата5ар турда5ына ыйааһына төһө буолуой?
2. 4 муннуктаах остуолу биир муннугун эрбээн кэбиспиттэр, остуол хас муннуктаммытый?
3. 3 бииргэ холбоммут (тройка) ат часка 24 км. сүүрбүттэр.
Хас биирдии ата төһө км. сүүрбүттэрий?
5. Өс хоһооннору ситэрии.
1. Куһа5ан тылы- өһү …кулгааххынан иһит, … аһар.
2. ….мэник сүтэрбитин, ….көрсүө кыайан булбат
3. Үтүө ат …… кымньыылаах,……… үтүө киһи биир тыллаах.
4.Онноо5ор ….. атахтаах будуруйэр.
5. …киьи ……кымньыыны а5ала барбытыгар дылы.