Литература аа?ыыта ?лэлиир бырагыраама 3 кылаас
Саха Республикатын үөрэҕин министерствота Саха Республикатын “Ленскэй оройуон»
муниципальнай хааһына уопсай үөрэхтээһин тэрилтэтэ “Орто-Наахара орто оскуолата”
“Көрүлүннэ”
Алын сүһүөх кылаас учууталларын холбоһугун салайааччыта
______________ / М.Н. Михайлова / Протокол №____
от “____” ______________________2015 с.
“Сөбүлэстэ”
Үөрэх чааһын солбуйааччыта
___________________/ В.В. Никонова /
“____” __________________2015 с.
“Бигэргэтилиннэ”
Оскуола директора
_____________ /Е.Е.Михайлов./
“____” ________________2015 с.
Литература ааҕыыта
Үлэлиир бырагыраама
3 кылаас
/2015-16 үөрэх сыла/
Оҥордо алын сүһүөх кылаас учуутала
Е.П. Игнатьева
Быһаарыы сурук
Оскуолаҕа уус-уран литератураны үөрэтии Российскай Федерация уонна Саха Республикатын Төрут сокуоннарыгар, Үөрэх туһунан сокуоннарыгар, «Россия гражданинын личноһын сиэрин-майгытын сайыннарыыга уонна иитиигэ концепцията», федеральнай государственнай үөрэх стандартара курдук государственнай суолталаах докумуоннарга олоҕурар.
Үөрэх предметин өйдөбүлэ
Уус-уран литература оскуолаҕа оҕону кыра сааһыттан ийэ тыл эйгэтигэр киллэрэр, уран тылга уһуйар, иитэр-үөрэтэр сүрүн хайысха. Умсугуйан ааҕар оҕо өйө-санаата сайдыылаах, билиилээх-көрүүлээх, олох бүгүҥҥүтүн эрэ буолбакка, бэҕэһээҥҥитин ырыҥалыыр, cарсыҥҥытыгар эрэллээх буолар. Онон «Литературнай ааҕыы» үөрэх предметин анала — оҕоҕо ааҕар дьоҕуру олохсутуу, ааҕыы бэйэ кыаҕын сайыннарыыга суолталааҕын өйдөтүү.
Оскуолаҕа «Литературнай ааҕыы» үөрэх предметин сыаллара:
● ааҕыы уопсай култууратын иҥэрии; ааҕар үөрүйэҕи олохсутуу; саҥа араас көрүҥүн сайыннарыы;
● оҕону ааҕыы араас эйгэтигэр сөптөөх научнай литератураны хабан туран киллэрии;
● уус-уран айымньыны ааҕыы нөҥүө уйулҕаны хамсатан иэйиини уһугуннарыы; тыл искусствотыгар эстетическэй сыһыаны үөскэтии; айар дьоҕуру сайыннарыы;
● ааҕыы нөҥүө сиэр-майгы үтүө өрүттэрин олохсутуу; Саха сирин, Россия уонна тас дойду норуоттарын култуураларыгар убаастабылы иитии.
Сыалы ситиһэргэ маннык соруктар тураллар:
● ааҕыы араас ньыматын баһылааһын;
● тиэкиһи кытта үлэ сүрүн сатабылларын иҥэрии;
● наадалаах литератураны булан туһаныы;
● ааҕыыга интэриэһи үөскэтэн, кинигэҕэ тапталы иҥэрии;
● айан кэпсиир уонна суруйар үөруйэхтэри сайыннарыы;
● норуот тылынан уонна уус-уран айымньытын духуобунай ис номоҕун нөҥүө иэйиини уһугуннаран, олох араас көстүүтугэр сиэрдээх сыһыаны үөскэтии;
● уус-уран айымньы тылыгар болҕомтолоох буолууну ситиһии;
● төрөөбүт уонна араас омук литературатын араара өйдөөн, ол нөҥүө норуоттар доҕордуу сыһыаннарын олохсутуу.
Төрөөбүт тылынан «Литературнай ааҕыыга» программа маннык докумуоннарга олоҕуран оҥоһулунна:
1. Захарова Л.В., Избекова Л.К.(учебник «Кустук») Якутск: Бичик, 2006
2. Закон РФ «Об образовании»
п. 2.7, ст.32 – о разработке учебных программ;
п. 6, 7, 8, ст. 9, п.5. ст. 14 о содержании образовательных программ;
п.2.23, ст. 32 – об определении списка учебников в соответствии с утвержденными федеральными перечнями учебников;
п. 3.2, ст. 32 – о реализации в полном объеме образовательных программ.
3. Федеральный государственный образовательный стандарт начального общего образования, Приказ Минобразования и науки РФ от 06.10.2009 г. № 373 «Об утверждении и введении в действие федерального государственного образовательного стандарта начального общего образования.
4. Учебный план МКОУ «Орто-Нахаринская СОШ» в 2014-20145 учебном году. (Приказ Минобрнауки России от 03.06.2011 № 1994, приложение «Изменения, которые вносятся в федеральный базисный учебный план и примерные учебные планы для образовательных учреждений Российской Федерации, реализующих программы общего образования, утвержденные приказом Министерства образования Российской Федерации от 9 марта 2004 г. № 1312. Приказ Министерства образования РС(Я) № 01-16/2516 от 25.08.2011 г., приложение «Примерный учебный план для образовательных учреждений (ОУ) Республики Саха (Якутия), реализующих программы общего образования»).
5. Федеральнай государственнай үөрэх стандарда саха оскуолатыгар : [начаалынай уопсай уорэхтээьин] = Федеральный государственный образовательный стандарт в якутской школе / Н.В. Ситникова, С.С. Семёнова, Н.Н. Васильева уо.д.а. ; Саха Респ. Үөрэҕин м-бэтэ, Саха Респ. Нац. оскуолаларын чинчийэр науч. ин-т; . — Дьокуускай : Бичик, 2011
Үөрэх былааныгар үөрэх предметин миэстэтэ
Үөрэх былаанынан алын суһүөх оскуолаҕа литературнай ааҕыыны үөрэтиигэ барыта 238 ч көрүллэр. Ол иһигэр: 3 кылааска — 68 чаас; нэдиэлэҕэ – 2 чаас.
Үөрэх предметин ис хоһооно
Санарыы уонна ааҕыы үлэтин көруннэрэ туора сананы истэргэ, ылынарга; истибит айымньы туһунан ыйытыыга сатаан хоруйдуурга, сааһылаан быһаарарга; истибит үөрэх, научнай-биллэрэр тиэкис, уус-уран айымньы туһунан ыйытыы биэрэргэ үөрэтэр. Таска суһүөхтээн ааҕыыттан сыыйа бүтүн тылынан ааҕыыга көһөругэр, ааҕыы тэтимин тургэтэтэригэр, орфоэпияны, интонацияны, сурук бэлиэтин тутуһа, тиэкистэр ис номохторун өйдуу, ааҕыы көрунун быһаара үөрэнэригэр билиини биэрэр.
Араас тиэкиһи кытта үлэ тиэкис өйдөбулун, уус-уран тиэкис тиэмэтин, сурун санаатын, тутулун, кэрчиктэргэ арааран кыра тиэмэлэри быһаарарга, аат биэрэргэ, үөрэх, научнай-популярнай тиэкис диэн араарарга үөрэтэр; уопсай ырытыыга кыттан, ыйытыыга хоруйдуурга, тыл этэргэ, атын оҕо этэрин сатаан истэ үөрэнэргэ олук уурар; уус-уран ньыманы туһанан айымньы дьоруойун ойуулуурга, кэпсээһин араас көрунун (сиһилии, талан, кылгатан) баһылыырга төрут уурар.
Библиографическай култуура кинигэ билии төрдө буоларын, көрунун, тутулун, тииптэрин (ыйынньык-кинигэ, уорэх кинигэтэ, уус-уран кинигэ) туһунан биллэрэр.
Саҥарыы диалог, монолог диэн саҥа араас көрунэ буоларын биллэрэр, былааннаан санарар, уус-уран ньыманы туттар, айымньыны салҕаан, өйтөн этэр дьоҕуру, кэпсэтии сиэрин тутуһар култуураны олохсутар.
Сурук суругунан сана литературнай нуорматын, ис хоһоон уонна тиэкис аата сөп тубэсиһиилэригэр (тиэмэ, кэпсэнэр сир, дьоруой быьыыта-майгыта), тэттик өйтөн суруйууга (ойуулааьын, сэһэргээьин) уус-уран ньыманы (синоним, антоним, тэннээьин) туһанарга, бэриллэр тиэмэҕэ кэпсээн, сыанабыл оҥорорго үөрэтэр.
Оҕо ааҕар эйгэтэ норуот тылынан айымньытын, Саха сирин, Россия уонна тас дойдулар оҕо литературатыгар классическай айымньыларын, оҕо ааҕар тиэмэлэрин быһаарар.
Литературнай өйдөбуллэринэн үлэ тиэкистэн уус-уран ньыма көруннэрин булууга; литература өйдөбуллэринэн (уус-уран айымньы, тылынан искусство, кэпсээччи, сюжет, тиэмэ, дьоруой) сирдэтинэргэ; айымньы дьоруойун (мэтириэтэ, тыла-өһө, дьайыыта, өйө-санаата) быһаарарга үөрэтэр; ааптар дьоруойга сыһыанын; кэпсээн уонна хоһоон тылын уратытын, айымньы көрунун (жанр) туһунан биллэрэр.
Үөрэнээччи айар үлэтэ оруолунан ааҕарга, тылынан ойуулуурга, бэриллибит тиэмэҕэ өйтөн суруйарга, тиэкиһи инсценировкалыырга, айар үлэтинэн араас тэрээһиннэ кыттарга, тыл этэргэ олук уурар.
Үөрэх тематическай былаана
Салаалар, уруок темалара Чааһа
1 Көмүс күһүн кэллэ- үөрдэ, алтан чуораан тыаьынан. 8
2 Алтынньы барахсан айхаллан, аҕаллыҥ ахтыбыт кыһыммын.
8
3 Сахам сирэ киэҥ кыраай, сонун,сонун көстүүлээх.
6
4 Үлэлиир үчүгэй, үөрүүтэ дэлэгэй.
8
5 Үчүгэйтэн үөрэбит, куһаҕантан хомойобут. 9
6 Былыргыны былыт саппат, уруккуну уу суурайбат.
10
7 Күндэл сааспыт эргиллэн, күммүт күлүм уоттанна.
10
8 Саргылаах ырыанан сайыны уруйдаан. 9
Барыта 68 чаас
Үөрэх предметин үөрэтии түмүктэрэ
Ытык өйдөбуллэри үөрэнээччигэ иҥэрии тумугэ:
● киһи сайдыылаах уонна ситиһиилээх буоларыгар төрөөбүт тылынан ааҕыы суолтатын өйдуур; уус-уран литератураны тылынан искусство ураты көрунун быһыытынан сыаналыыр;
● тулалыыр эйгэ туһунан билии-көруу ааҕыы көмөтунэн кэҥиирин-дириҥиирин өйдуур;
● норуот айымньыта уонна уус-уран литературата саха төрут олоҕун-дьаьаҕын, историятын, тылын-өһун, култууратын көстуутэ буоларын өйдүүр, сыаналыыр;
● Саха сирин, Россия уонна аан дойду норуоттарын чулуу айымньыларын ааҕан, атын норуот култууратын, литературатын ытыктыыр;
● утуөну-мөкуну, сырдыгы-харананы арааран, сиэри тутуһуу, амарах, аһыныгас, дьоҥҥо кыһамньылаах майгы учугэйгэ тиэрдэрин өйдуур.
Үөрэх сатабылларын сайыннарыы тумугэ:
● ааҕыы үлэтин араас көрунэр сыал-сорук туруорунар, былаанныыр, тумугун сабаҕалыыр; үлэтин хонтуруолланар, сыаналана үөрэнэр;
● уруокка, уруок таһынан улэҕэ бэриллибит сорудаҕынан араас информационнай эйгэ кыаҕын талар, туһанар;
● уус-уран айымньыга мөккүөр төрүөтун, сайдыытын быһаарар, үөскээбит көстуулэри, дьон сыһыанын ырытан дакаастыыр;
● уус-уран айымньы сурун ис хоһоонун, дьоруойдар араас сыһыаннарын, сурун сюжет сайдыытын ырытан, анал бэлиэ, графика көмөтунэн быһаара, ситимнии, тиһиктии үөрэнэр;
● аахпытыгар уонна тус уопутугар олоҕуран, тэҥниир уонна ойуулуур, учебнигынан улэлиир;
● уус-уран айымньыны ырытыы кэмигэр бодоруһуу сиэрин тутуһан, бииргэ үлэлиир кыахтанар;
● до5отторун, төрөппуттэрин, кылаас иннигэр кылгас иһитиннэриини оҥорор;
● бэриллибит тиэмэҕэ санаатын сааһылаан айан кэпсиир, суруйар.
Тустаах үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ:
● ааҕыы сурун үөруйэхтэрин баһылыыр;
● айымньы араас көрунун болҕойон истэр;
● норуот айымньыта уонна уус-уран литература, төрөөбүт уонна атын омук литературата диэн араарар;
● аахпыт уус-уран айымньытын суруйааччытын (саха уонна омук) аатын уонна көрүҥүн (жанрын) болҕойор үөруйэхтээх;
● сааһыгар сөптөөх араас көруннээх (уус-уран, үөрэх, научнай-популярнай) тиэкиһи учугэйдик өйдуур, ырытар, туһанар;
● кэпсээһин араас көруҥун (сиһилии, кылгатан, талан, быһа тардан) билэр; сорудах быһыытынан туһааннаах көруҥҥэ сөп түбэһиннэрэн кэпсиир;
● сөбүлээн аахпыт айымньытын туһунан ааҕааччы дневнигэр (альбом, тэтэрээт) уһуктубут иэйиитин үллэстэн санаатын суруйар;
● сааһыгар сөп тубэһэр айымньы тылын араас дэгэт суолтатын өйдүүр, тоҕоостоох миэстэҕэ кубулуйбат уус-уран быһаарыыны (эпитет), өс хоһоонун, уус-уран ньыма арааьын кэпсииригэр туһанар;
● айымньыттан сөбүлээбит кэрчигин талан үөрэтэр, өйтөн хоһоонноохтук ааҕар;
● чопчу тиэмэҕэ араас көруннээх суругунан айар улэни толорор.
Суругунан үлэ хонтуруоллара:
Айан суруйуу
тестэр
Тылынан хонтуруол көрүҥнэрэ:
Боппуруостарга толору эппиэт
Тиэкиһи кэпсээһин
Ойуулааһын
Дорҕоонноох ааҕыы
Мүнүүтэҕэ ааҕыы
Тиэстэр
Промежуточнай хонтуруол көрүҥнэрэ:
Ааҕыы сатабылын бэрибиэркэлээһин
Уруокка туттуллар матырыйааллар:
Захарова Л.В., Избекова Л.К. Кустук. Үһүс кылааска ааҕар кинигэ, 3-с тахсыыта, -Дьокуускай, “Бичик” национальнай кинигэ кыһата, 2006.
Хонтуруоллуур кэриҥнэр: айан суруйуу – 3, бириэмэҕэ ааҕыылар.
Сыл түмүгүнэн үөрэнээччи билиитигэр, сатабылыгар ирдэбиллэр:
Табатык,өйдөбүллэхтик уонна хоhоонноохтук, сөптөөх тэтиминэн ( мүнүүтэҕэ 60-80 тылы) ааҕыы;
Искэ ааҕыллыбыт тиэкиhинэн ыйытыыга эппиэттиир, кэпсиир;
Былааны тутуhан ааҕар;
Уус-уран ньыма арааhын булан ааҕар, кэпсииргэ туhанар, тиэкискэ баар дьүhуннүүр , сыаналыыр тылы таба көрөр;
Тиэкистэн учуутал ыйбыт эбэтэр бэйэтэ сөбүлүүр кэрчигин талан кэпсиир; ситимнээх ыйытыыны сааhылаан туруорар;
Араас тиэмэҕэ айан суруйарга холонор;
Уус-уран айымньы тиэмэтин билэр. Тиэкис чаастарын араарар, аат булар;
Сөбүлүүр тиэмэтигэр суруллубут кинигэни талан ааҕар; «Таптыыр суруйааччым» диэн өйдөбүл үөскүүр, кинигэни ааҕыы култууратын тутуhар.
Саха литературатыгар тематическай былаан.
№ Уруок темата Чаас Үөрэнээччи үлэтин сүрүн көрүҥнэрэ Күнэ Былаан
Көмус күhүн (7ч)
1 С.Руфов. Дорообо, оскуолабыт! М.Ефимов. Биhиги кэhиибит. 1ч -Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сабаҕалыыр. Доҕорун санаатын ситэ истэр, пааранан үлэлиир.
Балаҕан ыйын 1 кунэ- Билии кунэ. Оскуола аhыллар үөруутун , оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын, тубуктэрин туhунан сэhэргэhиир; Бутун тылынан ааҕар; ааҕыллыбыт текст уонна бэйэ кэтээн көруутун туhунан ыйытыыларга хоруйдуур; Айымньы сурун санаатын сааhылаан этэр; темаҕа сөп тубэhэр айымньылары булан ааҕар; кинигэ элеменнэрин араан билэр ; 04.09 2 С.Омоллоон. Көмүс күhүн барахсан.
Күhүн кутаата. 1ч 08.09 3 В.Федоров. Ыра санаа. 1ч 11.09 4 С.Омоллоон. Бирээнньик буолаҕа хайдах үүммүтэ. 1ч 15.09 5 Ф.Филиппов. Салаа от. А.Федоров. Оҕуруот үлэһитэ. 1ч 18.09 6 И.Сосин. Туруйалар.Т.Черемкин. Туруйалар. 1ч 22.09 7 Кылаас таhынан ааҕыы. 1ч 25.09 Кыhын (8 чаас)
8 П.Тобуруокап. Тула өттум тула хаар. Н.Якутскай. Кыраhа. 1ч
Төрөөбут дойду айылҕатын туhунан саха суруйааччыларын айымньыларын ааҕар; айылҕа кэмнэригэр уларыйыылары кэтээн көрөр ; Саха сирин тыйыс айылҕатын, кыыллар-көтөрдөр олохторун , булт тустарынан уус-уран айымньылары ааҕан бэйэ олоҕуттан, кэтээн көрууттэн кылгас кэпсээннэри оҥорор; ыйытыыга бэйэ эппиэтин текстэн талан ааҕыынан бигэргэтэр.
Тиэкис былаанын оҥорор, чаастарга араарар, былааны тутуһан кэпсиир. 29.09 9 С.Данилов. Быыстапка5а. 1ч 02.10 10 В.Федоров. Саарбахха. Алынах собото. 1ч 06.10 11 П.Ойуунускай. Бултаах сир. 1ч 09.10 12 Н.Игнатьев. Куобаҕы бастакы көрүүм. 1ч 13.10 13 М.Ефимов. Силлиэ уонна булчут уол. 1ч 16.10 14 С.Данилов. Кыраhа суруга. 1ч 20.10 15 Кылаас таhынан ааҕыы. 1ч 23.10 Сахам сирэ киэҥ кыраай (6 чаас)
16 М.Тимофеев. Ийэ дойду хантан саҕаланар? Т.Черемкин. Төрөөбүт буор таптала. 1ч Оҕо хаһыатын, сурунаалын билэр,ааҕар. Наадыйар информациятын сурунаалтан булар.
Ийэ дойду, норуоттар доҕордоhууларын, Саха сирин баайын, сайдыытын туhунан саха суруйааччыларын айымньыларын билсиhэр; текстэн билбэт тыллары була уонна кинилэри текст ис хоhоонунан сирдэтэн быhаара үөрэнэр; Ийэ дойдунан киэн туттуу; айылҕаны харыстыыр; 27.10 17 С.Омоллоон. Биhиги дьиктибит. Н.Якутскай. Алмаас куората. 1ч 30.10 18 И.Данилов. Уйгу-быйаҥ суола. И.Ча5ыл5ан. Дьокуускай урдунэн. 1ч -Хотугу омуктар олохторун-дьаhахтарын билии ; учуутал көмөтунэн аахпыты кылгатан кэпсээhин;
-айымньы тылын-өhун уратытын, автор ойуулуур-дьуhуннуур тылларын болҕойорго үөрэтии;
-уруок тематыгар сыhыаннаах кинигэни булан, ааҕан, учуутал ыйыытынан бэлэмнэннэр;
-Уус-уран уонна ойуулуур-дьүһүннүүр айымньылары тэҥниир.
03.11 19 Н. Апросимов. Өйүмү. 1ч 13.11 20 Н.Курилов. Им-балай харана. 1ч 17.11 21 С.Тумат. Туундара оhоҕо. 1ч 20.11 22 Кылаас таhынан ааҕыы. Л.Попов. Хоптолор. Кыталыктар кырдаллара. 1ч 24.11 Үлэлиир үчүгэй, үөрүүтэ дэлэгэй. (7 чаас) 23 П.Тобуруокап. Ким хайдах үлэлиирий? 1ч -Дьон хорсун улэлэрин, улэҕэ сыhыаннарын уонна араас идэлэр тустарынан айымньылары ааҕар.
Айымньы сүрүн санаатын сааhылаан этэр; айымньы сорох жанрдарын судургутук билсиhии; саныыр санааны сааhылаан этэргэ үөрэнии; текст чаастарыгар , этии бүтүүтүгэр сөптөөх тохтобулу тутуhуу; идэҕэ туhаайыы;
-Айымньыга сөп тубэhэр өс хоhооннору булар; тыл саппааhын байытар.
Кэпсэтэр киһини хомоппокко эрэ алтыһар.Бэйэ бэйэни өйдүүр,көмөлөһөр. 27.11 24 И.Данилов. Нууралдьын Куо уонна Бугуру Куо. 1ч 01.12 25 В.Федоров. Кыhалҕа бухатыыр. 1ч 04.12 26 И.Крылов. Аhыналаах кымырда5ас. И.Данилов. Соборукаан балыксыт. 1ч 08.12 27 П.Тобурукап. Ким ханна үлэлиирий? 1ч 11.12 28 В.Протодьяконов. Сылгыhыт. Н.Винокуров. Упкаал бостуук. 1ч 15.12 29 Кылаас таhынан ааҕыы. К.Уурастыырап. Долгунча. А.Софронов. Саҥа дьыл. 1ч 18.12 Үчүгэйтэн үөрэбит, куһаҕантан хомойобут (9 чаас)
30 М.Матахова. Өбүгэ саҕаттан. Н.Носов. Сыырга. 1ч -Сиэр-майгы чопчу ис хоһоонун быһаарар.
-Тиэкиһи оруолларынан наардыыр, бэйэ икки ардыгар сүбэлэһэр.Айымньыны инсценировкалыырга кыттар.
-Оҕолор доҕордоhууларын, табаарыстыы көмөлөсүhүүлэрин, дьонно кыhамньылаах, болҕомтолоох сыhыаннарын туhунан айымньылары ааҕар; кэпсээн геройдарын дьайыыларын сыаналыыр, бэйэ сыhыанын этэ үөрэнэр;
-текстэн ойуулуур-дьуhуннуур тыллары, маарыннаhар уона утарыта суолталаах тыллары булар; текст ханнык эмэ тугэнигэр тылынан ойуулааhыны оноро үөрэнэр; 22.12 31 И.Алексеев. Түүл. 1ч 25.12 32 А.Аччыгыйа. Хабырыыс тоҕо куотта?
Коля тоҕо барда? Медпуҥҥа. 1ч 29.12 33 Ф.Постников. Дьулус тугу сыыста? А.Слепцова. Сүрэҕэ суох туhунан. 1ч 12.01 34 С. Винокуров. Сэмэ. 1ч 15.01 35 А.Федоров. Тайах мас. 1ч -ааҕыллар айымньыга бэриллибит ыйытыылары уонна сорудахтары бэйэ сатаан булан туhанар,таска уонна искэ ааҕар, нуучча суруйааччыларын айымньыларын билэр, тэҥниир.
19.01 36 С.Винокуров. Күөскүн эрдэ өрүнүмэ. 1ч 22.01 37 К.Чуковскай. Суундьукку. 1ч 26.01 38 Кылаас таhынан ааҕыы. 1ч 29.01 Былыргыны былыт саппат, уруккуну уу суурайбат (10 чаас)
39 Н.Неустроев. Омоҕой икки Эллэй икки. 1ч -Былыргы төрдубут, олорон ааспыт куустээх дьон туhунан , номохтору, сэhэннэри ; кыhалҕалаах олох , үөрэххэ баҕа, Саха сиригэр гражданскай сэрии кэмигэр сана олох иhин охсуhуу, Аҕа дойду сэрии кыттыылаахтарын туhунан айымньылары ааҕар;
-айымньы сурун ис хоhоонун биэрэр этиилэри текстэн булар;
-ыйытыыларынан сирдэтэн текси чаастарга араарыы, араарыллыбыт чаастарга аат булар.
-Ааҕыы араас көрүҥнэрин сайыннарар.
-хоһоон ритмин быһаарар,хоһоонноохтук ааҕар,историческай ырыа уратытын этэр. 02.02 40 Н.Пестряков. Бэрт Хара өрүhү туоруур. 1ч 05.02 41 П.Ойуунускай. Оҕо куйуурдуу турара. 1ч 09.02 42 С.Данилов. Торбостор. 1ч 12.02 43 Т.Сметанин. Манчаары. 1ч 16.02 44 Эллэй. Саhыл-Сыhыы. 1ч 19.02 45 С.Данилов. Советскай Союз Геройа Федор Попов. М.Куличкина. Герой Попов туhунан ырыа. 1ч 26.02 46 И.Федосеев. Кэриэстэбил. 1ч 01.03 47 П.Одорусов. Тыыннаахтар умнубат сыллара. С.Тимофеев. Эйэ, дьол иhин. 1ч 04.03 48 Кылаас таhынан ааҕыы. 1ч 11.03 Күндүл сааспыт эргиллэн, күммүт күлүм уоттанна ( 9 чаас) 49 В.Дедюкин. Таммахтар. Ф.Захаров. Саас. 1ч -Хоһоон уоннаи кэпсээн сүрүн санааларын этэр.Тиэкиһи таска уонна искэ ааҕар. Тирэх тыллары булар, онон туһанан бэйэ этиитин оҥорор.
-Темаҕа сөп түбэһэр өс хоһооннорун булар, быһаарар.
-Саха сиригэр айыл5а уhуктуутун, сааскы айылҕа уонна улэ хартыыналарын хоhуйар айымньылары ааҕар; кэтээн көруу. Санааны уллэстии; этинии, кыстыыр уонна айан көтөрдөрун билэр ;
-аахпыт айымньылар суруйааччыларын атын өйдөөhун;
-ааҕыы гигиенатын , кинигэни сатаан туhаны уонна тута сылдьыы быраабылаларын толоро үөрэнии;
-Бэйэ ситиһиитин сыаналанар уонна бэрэбиэркэлэнэр.
15.03 50 Эллэй. Саас. 1ч 18.03 51 В.Федоров. Көмүөл. 1ч 22.03 52 И.Никифоров. Өрус эстэригэр.
А.Кулаковскай. Үрэх эстиитигэр 1ч 01.04 53 С.Омоллоон. Хатын. П.Тобуруокап. Маҥан мастар. 1ч 05.04 54 В.Сыромятников. Үлэhит. Эллэй. Күөрэгэй. 1ч 08.04 55 Далан. Сааскы сахсаан. 1ч 12.04 56 Э. Эристиин. Бээрийэ урэххэ. 1ч 15.04 57 М.Тимофеев. Бу -саас тыала, бу- Маай тыаhа. Кылаас таhынан ааҕыы. 1ч 19.04 Саргылаах ырыанан сайыны уруйдаан (8 чаас)
58 К.Уурастыырап. Таптыыбын сайыны.
А.Аччыгыйа. Сайын Аммаҕа. 1ч -Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сабаҕалыыр.
-Автор ойуулуур хартыынатын хараҕар оҥорон көрөр уонна сөптөөх тыллары булар. Хартыынанан өйгө айар.
-Сайыҥҥы кэрэ айылҕа туhунан саха суруйааччыларын айымньыларын ааҕар, билэр;
-кинигэни ааҕыы культуратын тутуhар;
-сөбулуур тематыгар суруллубут кинигэни талан ааҕар;
-«Таптыыр суруйааччым» диэн өйдөбул үөскуур;
-тиэкиhи сөпкө, өйдөөн, сатаан тыынан , тылын чуолкай этэн, ис хоhоонноохтук , тэтимнээхтик ааҕар;
-Кинигэлэри бөлөхтүүр,наадыйар кинигэтин булар.
-Бэйэни бэрэбиэркэлэнэр уонна хонтуруоллуур үлэҕэ олоҕуран,ситиһиилэрин сыаналанар.
-Норуот тылынан уус-уран айымньытын көрүҥнэрин араарар, уратыларын булан быһаарар.
-Худуоһунньук хартыынатын айымньыга сыһыаран кэпсиир. 22.04 59 С.Данилов. Ардах.
Р.Баҕатаайыскай. Сайын. 1ч 26.04 60 М.Попов. Бар дьоҥҥо.
К.Туйаарыскай. Күөх тыаны көмускээҥ 1ч 29.04 61 В.Федоров. Ийэ сурэҕэ.
У.Ороhуунускай. Ийэ сурэҕэ. 1ч 03.05 62-63 Е.Макаров. Кыра ыанньыксыт.
Ф.Софронов. Оччугуй отчут. 2ч 06.05
10.05 64 П.Одорусов. Бугун оҕо ыhыаҕа.
П.Дмитриев. Туhулгэ таабырыннара. 1ч 13.05 65 Кылаас таhынан ааҕыы. 1ч 17.05 66 Саҕаланна самаан сайын. Сайын ханна барабын? Сайын тугу гынабын? 1ч 20.05 67 Ыhыах. Кымыс ырыата. Оhуокай. 1ч 24.05 68 Хатылааһын. Түмүктүүр уруок. 1ч -Ылбыт билиитин күннээҕи олоҕор туттар.
-Сайыҥҥы сынньалаҥҥа оҕоҕо аналлаах хаһыат,сурунаал, кинигэ булан ааҕар, билиитин хаҥатар. 27.05 Үөрэх биридимиэтин материальнай-техническэй хааччыйыы.
Материальнай-техническэй тэриллэр Ахсаана
Бибилэтиэкэ пуондата
1 Саха начаалынай оскуолатын 1-4 кылаастарыгар аналлаах “Литература ааҕыыта” үөрэх биридимиэтигэр учебнай-методическай кэмпилиэк:
Литература ааҕыыта 1-4 кылаастарга үөрэтиини сүрүннүүр бырагыраама.
“Литература ааҕыыта” биридимиэти 3 кылаастарга үөрэтэр учуобунньуктар. Кустук. Л.В.Захарова, Л.К.Избекова. Дь.Бичик. 2006.
“Литература ааҕыыта” биридимиэти 1-4 кылаастарга үөрэтиигэ эбии үөрэх босуобуйалара.
“Литература ааҕыыта” биридимиэти 1-4 кылаастарга үөрэтии туһунан учууталга аналлаах методическай босуобуйа.
Научнай –методическай сурунааллар
Тылдьыттар быһаарыылаах, таба суруйуу,сомоҕо домох, синоним, антоним, омоним о.д.а.
Оҕоҕо аналлаах энциклопедиялар.
Сахалыы уус-уран кинигэлэр.
Д
К
К
Д
К
К
К
К
Үөрэх цифровой ресурсалара
2 Сахалыы таба суруйуу компьютернай бырагыраама
“Литература ааҕыыта” биридимиэт УМК-тын мультимедийнай,электроннай сыһыарыылара. К
Д,К
Бэчээтинэй босуобуйалар
3 Саха суруйааччыларын портреттара
Ытык өйдөбүллэр тиэмэлэринэн уонна бодоруһуу түгэннэрин тиэмэлэринэн оҕо кэпсииригэр аналлаах хартыыналар Д
К
Д
Д,К
Көрдөрөр-иһитиннэрэр босуобуйалар 4 “Литература ааҕыыта” биридимиэт УМК-гар сыһыаннаах аудио-диискэлэр Д
Оонньуулар уонна оонньуурдар 5 Остуол оонньуулара (хаамыска, хабылык) К
Үөрэх биридимиэтин эбии техническэй тэриллэрэ 6 Ноутбук HP 630
7 Микросистема «SUPRA» Д
8 Проектор «BENQ» Д
9 Проекционный экран с ручным управлением Д
10 Монохромный лазерный принтер SAMSUNG Д