КТП Литература аа5ыыта 4 кылаас
1 түһүмэх. ҮӨРЭХ БИРИДИМИЭТИН ӨЙДӨБҮЛЭ
Үлэ бырагыраамата Федеральнай государственнай үөрэх стандардыгар, «Россия гражданинын лиичинэһин сиэрин-майгытын сайыннарыыга уонна иитиигэ кэнсиэпсийэтигэр», үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүктэригэр олоҕуран сурулунна.
Бастакы сүһүөх оскуолаҕа литература ааҕыыта — уус-уран айымньыны үөрэтии уонна тылы сайыннарыы курдук икки хайысханы тутуһар сүрүн биридимиэттэртэн биирдэстэрэ. Биридимиэт оҕо ааҕар үөрүйэҕин, тылынан уонна суругунан саҥатын сайыннарар сүрүн оруоллаах. Оҕоҕо ааҕар уонна тиэкиһи кытта үлэлиир үөрүйэх иҥмит эрэ буоллаҕына, кини атын биридимиэттэргэ ситиһиилээхтик үөрэнэр кыаҕы ылар.
«Литература ааҕыыта» биридимиэт оҕо сааһыгар сөптөөх өйү-санааны иҥэрэр, айар, толкуйдуур дьоҕурун, майгытын-сигилитин, тылын-өһүн сайыннарар, ааҕыы эйгэтигэр киллэрэр, кинигэҕэ интэриэһи үөскэтэр, ааҕар баҕаны олохсутар, уус-уран айымньы тыл искусствота буоларын өйдөтөр, оҕо бэйэтэ сайдар, дьону кытта бодоруһар кыаҕын олохсутар. Ааҕыы оҕо лиичинэс быһыытынан сайдарыгар, тулалыыр эйгэтин өйүнэн-сүрэҕинэн, дууһатынан ылынарыгар суолтата улахан. Бу этиллэр санаа «Литература ааҕыыта» биридимиэт сүрүн сыалын быһаарар:
ааҕыы араас көрүҥүн олохсутуу;
- уус-уран айымньы тиэкиһин кытта үлэҕэ оҕо тьлын-өһүн сайыннарыы;
- араас көрүҥнээх информациянан үлэлиир үөрүйэхтэри иҥэрии;
- оҕону уус-уран айымньыга сыһыарыы, айымньыны истэргэ, тылга болҕомтолоох буолууга иитии;
- оҕо тус олоҕун айымньы нөҥүө сиэр-майгы сыаннастарынан байытыы;
- оҕо литературатын эйгэтигэр киллэрии; кинигэҕэ интэриэһи, ситимнээхтик, тиһиктээхтик ааҕар баҕаны үөскэтии;
- тиэкиһи уонна кинигэни кытта үлэлиир үөрүйэҕи иҥэрии, үөрэх уонна научнай-биллэрэр тиэкиһинэн үлэ бастакы үөрүйэхтэрин олохсутуу;
2 түһүмэх. ҮӨРЭХ БЫЛААНЫГАР ҮӨРЭХ БИРИДИМИЭТИН МИЭСТЭТЭ
Үөрэх былаанынан алын сүһүөх оскуолаҕа «Литература ааҕыы-биридимиэти үөрэтиигэ барыта 238 чаас көрүллэр. Ол иһигэр: 1 кылааска — 34 чаас; 2 кылааска — 68 чаас; 3 кылааска — 68 чаас; 4 кылааска — 68 чаас.
3 түһүмэх. ҮӨРЭХ БИРИДИМИЭТИН ҮӨРЭТИИ ТҮМҮГЭ
Ытык өйдөбүллэри үөрэнээччигэ иҥэрии түмүгэ.
Төрөөбүт дойдунан, дойду историятынан уонна норуоттарынан киэн туттуу санаатын олохсутар.
Атын омук историятыгар уонна култууратыгар убаастабыллаахтык сыһыаннаһар.
Үөрэнэр баҕаны, бэйэни сайыннарар.
Бодоруһууга майгы-сигили нуорматын, бэйэ эппиэтинэһин
сайыннарар, салайынар.
Эстетическэй сыһыаны олохсутар.
6.Сиэрдээх быһыыны, атын дьоҥҥо амарах сыһыаны сайыннарар.
7.Бииргэ үлэлиир сатабылы сайыннарар.
8.Үтүө сыһыаннаах бодоруһууну иҥэрэр.
9.Мөккүөрдээх түгэнтэн сатаан тахсар үөрүйэҕи үөскэтэр.
10.Айымньылаах үлэҕэ баҕаны үөскэтэр, сэрэхтээх, чөл олох
туһунан өйдөбүлү, сыһыаны олохсутар.
ҮӨРЭХ САТАБЫЛЛАРЫН САЙЫННАРЫЫ ТҮМҮГЭ
Араас тиэкиһи ис хоһоонноохтук ааҕар, үчүгэйдик толкуйдаан саҥарар, тылынан уонна суругунан тиэкиһи оҥорор.
Сорудаҕы толорорго саҥа араас көрүҥнэрин, ньымаларын баһылыыр.
Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.
Тэҥниир, ырытар, түмэр, түмүктүүр, наардыыр, маарынныыры, хардарыта сибээһи, төрүөтү булар, хайа баҕарар тиэмэҕэ кэпсэтиһиигэ кыттар.
Атын биридимиэттэри үөрэтэргэ «Литература ааҕыыта» төрүт
буоларын уонна биридимиэттэр алтыһыыларын (бодоруһуз култуура, айымньылаах үлэ; кинигэ, ааптар, айымньы и хоһооно; уус-уран тиэкис уо.д.а.); гуманитарнай - эстетическэй хайысхалаах биридимиэттэр икки ардыларынааҕы сибээстэри өйдүүр.
6. Үөрэх дьарыгын сыалын уонна соругун өйдүүр, сөптөөх ньымалары булан туттар, туһанар.
7. Үөрэх дьарыгын туруоруллубут соруктарга олоҕуран былаанныыр, хонтуруолланар уонна сыаналанар, ситиһиигэ тиэрдэр ордук көдьүүстээх ньымалары быһаарар.
ТУСТААХ ҮӨРЭХ БИРИДИМИЭТИН ҮӨРЭТИИ ТҮМҮГЭ
Уус-уран айымньы омук уонна аан дойду култуурата, сиэр-майгы сыаннастара буоларын уонна баар үгэстэр харыстаныахтаахтарын, кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдиллиэхтээхтэ- рин өйдүүр.
Кинигэ — киһи аймах култууратын ураты сыаннаһа буоларын өйдөөн, сиэрдээх сыһыаны олохсутар.
Уус-уран айымньы тыл искусствота диэн өйдүүр, харыстабыллаахтык сыһыаннаһар.
Саха сирин уонна Россия элбэх ахсааннаах норуоттарын уус-уран литератураларын духуобунай уонна сиэргэ-майгыга сыаннастарын өйдүүр.
Сайдыылаах, үөрэх бары биридимиэтигэр ситиһиилээх буоларга тиһиктээх ааҕыы суолтатын өйдүүр; аан дойду, Россия историятын уонна култууратын, үтүө уонна мөкү сыһыан, сиэр-майгы туһунан бастакы өйдөбүллээх.
Ааҕыы суолтатын, араас көрүҥнээх тиэкис (билиһиннэрэр үөрэтэр, талар, көрдүүр, чинчийэр) уратытын уонна ис хоһоонун өйдүүр, дьүүллэһиитигэр кыттар, дьоруой араас быһыытын-майгытын сиэр-майгы өттүнэн ырытар, сыаналыыр.
Таска уонна искэ ааҕыы техникатын баһылааһын, аахпыты араастаан уларытыы, уус-уран, научнай-популярнай уонна үөрэтэр тиэкистэри ырытарга судургу литературоведческай өйдөбүллэри туһаныы салгыы ааҕааччы тылын-өһүн сайдыытыгар суолталааҕын өйдүүр.
Бэйэ ааҕарыгар сөптөөх кинигэни талары сатыыр, тиэмэнэн, алпаабытынан каталогтары уонна сүбэлиир испииһэги туһанар, бэйэ ситиһиитин, кыаҕын сыаналанар, тупсарынар, эбии дьарыктанарга, информация хомуйарга ыйар-кэрдэр матырыйаалынан таба туһанар.
Үөрэтиигэ туттуллар худуоһунньуктар үлэлэрэ.
3 кылааска.
В.С.Карамзин. Народные узоры
И.В.Попов. Внутренний вид урасы.
Н.Е.Ябловская. Олоҥхо дойдута.
А.П.собакин. Кыталыктар үҥкүүлэрэ.
А.П.Мунхалов. На праздник.
А.П.Мунхалов. О! Солнце!
В.Г.Петров. Түбэлээх бөһүөлэгэ.
В.С.Карамзин. Өлүөнэ очуостара.
И.В.Попов. Кучу.
Т.А.Степанов. Основные герои олонхо.
Төрөөбµт тылы уөрэтии программата угэс буолбут уөрэхтээҺин тупсарыллыбыт систематыгар оло5урар. Билии, сатабыл уонна уөруйэх кээмэйэ уөрэх сана стандартын ирдэбилигэр сөп тубэҺэр
Үөрэнээччи литературнай сайдыыга, аа5ыы ньымаларыгар сыстыыга бэлэмниир эрэ (пропедевтическай) ейдебулунэн салайтарбакка, терут уурар (базовай) суолталаах олук буоларынан салайтаран улэлээhин эрэйиллэр. Бу олук теhе сатабыллаахтык, о5о ейун-санаатын салайан, иэйиитин уhугуннаран, уйул5атын хамсатан ыытылларыттан салгыы кини тееебут норуотун тыынын инэриммит айымньылаах аа5ааччы, атын норуоттар духуобунай култуураларын эйгэтигэр аьа5ас, киэн, кенул ейдеех-санаалаах киьи буолуута кыайтарыан сеп. Уопсайынан да, кыра кылаастар киьи сайдыытыгар туллар тутаах суолталаахтарын ураты бол5омто5о ылыы, уерэтии-иитии тускулун психологическай наука чинчийиилэригэр тирэ5ирэн, хас биирдии о5о тус айылгытын билгэлээн, кинини киьилии киьи оноруу суолугар бигэтик киллэрии суолунан ыытыллар. Манна уус-уран тыл, литература хас биирдии о5о айылгытын арыйыыга, ону сайыннарыыга тугунан да солбуллубат эргиччи (универсальнай) суолталалаа5ын бол5омто5о ылыы ирдэнэр.
Бу олукка о5о литературнай сайдыытын тускулааьын кинилэр саастарыгар баьылыыр суолталаах (доминантнай) еруккэ – туохха барытыгар айар, айымньылаах сыьыанна тардыстыы (Л.С. Выготскай, П.П. Блонскай) кэринин бол5омто киинигэр тутан, тыл искусствотыгар, тылынан айыыга, тылынан айыллыбыты искусство атын керуннэринэн дьуьуйуугэ, ол ненуе оло5у, дьону кере, сыаналыы уерэнэллэригэр салайыы кедьуустээх.
Сурун сыал предмет соруктарын быьаарар, олортон сурунэннэринэн манныктары бэлиэтиибит:
- аа5ыы култууратыгар дьулуьуу, аа5ааччыны иитии;
- уус-уран айымньыны о5о тус суолталаахтык (личностно значимое восприятие), эстетическэй таьымынан ылынар дьо5урун сайыннарыы;
- тереебут норуотун духовнай кууьунэн ийэ тыынын иитийэхтээбит сахалыы саннаах, айыы тыыннаах, баай духуобунай ис кииллээх киьини иитиигэ тускуланыы;
- бииргэ олорор, аймах, уруу омуктар (эбээн, эбэнки, юкагир, долган о.д.а.), нуучча уонна аан дойду норуоттарын чулуу айымньыларын утуе тыынын инэриммит, норуоттар утуе, до5ордуу сыьыаннаьыыларын – олох сайдыытын тутулгутун курдук ейдуур (поликультурнай) личноьы иитии, ол эбэтэр литература уерэх предметин быьыытынан эйгэтин, дьайар кыаьын кэнэтии.
Туруоруллубут сыалы, соруктары ситиьии уерэнээччи киьи оло5ор ураты суолталаах дьо5урдары, сатабыллары, кыахтары инэринэрин:
- Олох, киьи, уопсастыба, аан дойду киьилии сиэрдээх, духуобунай кэриннэрин инэринии: улаатан эрэр киьи оло5у, дьон сыьыанын, киьи олоххо тускутун гуманистическай, киьилии ис турук дьо5урунан инэринэр, сыаналыыр; олох ис киилэ духуобунас, ки´илии сиэр буоларын олох сµрµнэ о²остор, ки´илиини, сиэрдээх буолууну ере тутар, ол туьугар туруулуьар кыахтаныы; бэйэ норуотун култууратын, литературатын атын омук култууратын, литературатын кытта сыьыаран ейдуур, тэннээн керер, оло5у, киьини уус-уран дьуьуйуу уратыларын уонна ис духуобунай биирдийэр куустэрин быьаарар; араас эпоха, кэм, туьуу-тахсыы литератураларын, айар тыл маастардарын кытта дирин энсилгэн толкуйга, кэпсэтиигэ (диалог) киирэр, бэйэтин санаатынан, толкуйунан, уйул5атын туругунан дьону итэ5этэр, сирдиир - кыахтаныыга тиэрдиини;
- Уопсай култуурнай, литературнай сайдыы кыа5ын инэринии: уус-уран айымньыны о5о тус суолталаахтык (личностно значимое восприятие), эстетическэй кэриннэринэн ылынар кыа5ын ситиьии. Тереебут литератураны Россия уонна Аан дойду литератураларын биир кэлимин ураты кестуутун быьыытынан сыналаан, култуура, уус-уран литература киьи-аймах духуобунай, ол аата киьилии тускулаах оло5ун туллар тутаа5ын, хамсатар кууьун быьыытынан керуу оло5уруутун;
- Аа5ааччы быьыытынан сайдыы таьымын ситиьии улаатан эрэр киьи айымньылаах аа5ыы бары керуннэрин баьылааьынын кердерер. Кини уус-уран айымньыны диринник аа5ан, ырытан ылынар кыа5а - уустук ей-сурэх, иэйии, араас керуу алтыьыытыгар киллэрэр, киьи духуобунай, интеллектуальнай, айымньылаах еруттэрин эргиччи сайыннарар тирэ5и уескэьинин;
- Тыл-ес, толкуй кыа5ын ситиьии уунэн эрэр киьи, бастатан туран, тереебут тылынан кенул туьанан санаатын сайа этэр, быьаарсар, суругунан улэ бары уеруйэхтэрин баьылыыр, араас сурук керуннэрин холкутук туьанан ырытыылары, толкуй тумуллуулэрин быьааран суруйар таьымы ылыытыгар, ессе ис тардыстыы уескээтэьинэ, тылынан айыы эйгэтигэр киириини - хааччыйыа.
уеьэ ааттаммыт уерэх-сайдыы кыахтарын литература предметинэн ситиьии анал дьайыылар, дьайымаллар ис хоьооннорун, тускуларын, ньымаларын ырытан, ирдэбиллэри быьаарыыны эрэйэр:
Терут уурар олук (1-4 кылаастар)
Олуктар Үөрэнээччи
Аа5ар дьо5ур сайдыыта: Айымнылаах аа5ыы сурун ньымаларын баьылаабыт, уус-уран аа5ыыга (кинигэ5э) тардыстыылаах; Тиэкиьи сепке, ейдеен, тургэнник, хоьоонноохтук (наадалаах сиргэ тохтоон, куолаьын уларытан, бытааран) аа5ар.
Санарар сана сайдыыта: Тыл араас суолтатын, дэгэт суолтатын ейдуур, кэпсииригэр туьанар. То5оостоох миэстэ5э ес хоьоонун, сомо5о тылы туттар. Билбэт тылын тылдьыттан булан керер. Тиэкис туьунан ырытар хайысхалаах ыйытыыга бэйэтин санаатын этэр, тиэкистэн булан дакаастыыр. . Санарар сана сурун керуннэрин инэриммит, санаатын, керуутун толору быьааран этэр кыахтаммыт.
Суруйар дьо5ур сайдыыта: Суруйар дьо5урга сыстыбыт, тэттик, санааны арыйар суруйуулары, кылгас ейтен суруйуулары, айар улэ5э холонуулары онорор кыахтаммыт
Литературнай билии, дьо5ур сайдыыта: Тиэкис аата, ис хоьооно, геройа диэни араарар. Тиэкис тиэмэтин ейдуур, сурун санаатын быьаарар. Норуот тылынан уус-уран айымньыта уонна уус-уран литература диэни ейдуур. Уус-уран айымньы керунун араарар. Атын омук айымньыта диэн билэр. Аахпыт айымньы ис хоьоонун, геройун атын айымньыны кытта тэннээн керер, сыаналыыр, бэйэтин санаатын дакаастыыр. Аахпыт тµгэни ейге ойуулаан керер. Чуолкай ис хоьоонноох тиэкиьи суолталаах олуктарга араарар, былаанын онорор кыахтаммыт.
Бэйэ аа5ыыта: Ба5арар кинигэтин сатаан талан аа5ар. Урут билбэт суруйааччым диэн ейдебул уескуур. Кинигэ ыйар аппараатын (тахсыбыт сыла, аадырыьа, жанра, аннотацията, иьинээ5итэ) сатаан туьанар.
Алын суьуех кылааьын уерэнээччитэ ылынар уерэх дэгиттэр уеруйэхтэрэ
(Универсальные учебные действия)
Тус (личностнай) таьым.
(Личностные УД) уерэнээччи аа5ыллар, ырытыллар айымньы сыалын, тиьиктээхтик ейдуурэ, миэхэ туох суолталаа5ый диэннэ эппиэтин була, быьаара, сыаналыы уерэниитэ суолталанар.
уерэнээччи тус оло5ун эйгэтиттэн таьааран, бэйэтигэр ис суолталаахтык сиэрдээх, киьилии тускуну инэринэр, сыаналыыр уеруйэ5и баьылыыр.
Хайысхалыыр, тускулуур дьайыылар: Уус-уран айымньыны аа5ыы, ырытыы уерэтэр, сайыннарар, иитэр еруттэрин, ньымаларын баьылыыр, кедьуустээ5ин керен сатабыллаахтык туьанар; уерэх-билии, сайдыы тускутун былааннана, инникитин, туохтан, ханнык дьайыылартан туох хамсааьын, ситиьии буолуон себун умдаардыыр, сабаҕалыыр.
Билэр-керер дьайымаллар: уерэх сыалын, билии-керуу, сайдыы, ей улэтин кууьэ то5о, туох соруктаах о5оьулларын быьаара уерэнэр; уерэх дьайыыларыгар чопчу бэйэтигэр тус сыаллаах, соруктардаах буолууга тиийэр, ол эбэтэр уерэнэргэ, билэргэ-керерге ис тардыстыы уьуктар; бэйэтин улэтин хонтуруоллана, ырыта уерэнэр.
Ол инниттэн:
- толкуйдаах, ис номохтоох, сыаллаах-соруктаах аа5ааччы таьымыгар тахсар; истибит, кербут, аахпыт билиититтэн-керуутуттэн суолталаа5ын, кедьуустээ5ин арааран, туьанар буолар;
- тылынан да, суругунан да, эбэтэр атын айар, чинчийэр улэ керуннэринэн билбитин-кербутун туьанар, туьа5а таьаарар кыахтанар.
- уус-уран айымньы проблематын быьаара, бэйэтин кууьµнэн тиьиктии, ырыта, тумуктэри онорор кыахтанар.
Логиканы сайыннарар уерэх дьайыылара: - Проблема, меккуер, ойууланар быьыы-майгы теруеттэрин, сайдыытын быьаарар;
- Быьыы-майгы, меккуер биричиинэтин, онтон уескээбит кестуулэри, дьон сыьыанын ырытан толкуйдуур, дакаастаан таьаарар.
Үөрэтии сыллааҕы былаана
Yерэнээччи сыл тумугунэн тугу билиэхтээ5э уонна сатыахтаа5а:
Текси сепке, ейдеен (сыыьа аахпытын бэйэтэ кеннерен) таска доргуччу аа5ар;
Точка5а, запятойга тохтоон, тыын ылар, куолаьын уларытар, ыйытыы, соруйуу, кууьурдуу этии интонациятын тутуьар;
Текст ис хоьоонун автор тылынан сыыс тыла суох сиьилии кэпсиир;
Кинигэтэ суох, истибит тексин сурун ис хоьоонун кэпсиир;
Саха суруйааччыларын ааттарын, айымньыларын ааттарын, 2-3 айымньыны билиэхтээх;
Урукку, билинни, кырдьа5ас-эдэр суруйааччы, поэт диэн араарыахтаах;