Комплексная итоговая контрольная работа на якутском языке для 1 класса


СЫЛЫ ТҮМҮКТҮҮР КОМПЛЕКСНАЙ ХОНТУРУОЛУНАЙ ҮЛЭ
1 КЫЛААС
Семенова Ираида Николаевна
алын сүһүөх кылаастарын учууталын үлэтэ.
Ыт оҕото698543180Ыт оҕото тэлгэһэҕэ кууруссалары эккирэтэртэн салҕан хаалла. Туох эмэ кыылы-көтөрү бултуон баҕарда. Олбуор аанын аннынан тахсан, хонуу диэки сүүрэ турда.
428942567310Томторго сүүрэн тиийбитэ, биир бараах олорор. Сотору-сотору көҕүлэ сахсаҥныыр. Ыт оҕото бараах диэки ыстанна. Оттон бараах буоллаҕына сиргэ хаптайан биэрдэ, кынатын даллатан, кутуругун саратан кэбистэ. Ыт оҕото көрдөҕүнэ, арай сиргэ эриэн таҥас сытар. Барааҕа ханна да суох. Бараах үөдэн ханна баран хаалла диэн ыт оҕото дьиктиргии санаата.
-69215340360Онтон сүүрэн иһэн көрбүтэ, таас үрдүгэр биир күлгэри тахсан, күн уотугар сыламныы олорор. Ыт оҕото онно үөмэн тиийдэ да, кутуругуттан хабан ылла. Күлгэри таас анныгар дьылыс гынан хаалла. Кутуруга эрэ быстан кэллэ. Тыыннаах курдук кыймаҥныыр.Ыт оҕото, сиргэнэн, кутуругу быраҕан кэбистэ. Дьиэтигэр кураанах төннөн, уйатыгар киирэн сытынан кэбистэ.
СҮРҮН ЧААҺА
1 ВАРИАНТ
Сорудах 1. Айымньыны болҕойон ыксаабакка аах. Ис хоһоонун өйдөө.Сорудах 2. Айымньыттан ханнык баҕарар этиини уһул. Бэрэбиэркэлээ.




Сорудах 3. Айымньыга баар харамайдары V бэлиэнэн бэлиэтээ:
бараах эриэн үөн ыт оҕото
күлгэри кууруссалар куоска Сорудах 4. Бу айымньыга саамай элбэх «атахтаах»
бараах күлгэри эриэн таҥас Сорудах 5.
1. Уруһуй аайы хас күлгэри ойууламмытый?
531241012319044265851231903074035189865216916017081526035189865
44837351631955293360163195
448373522669553124102266953074035146685221678514668583566099060530733097790

2. Уруһуйдаммыт сокуонун таай уонна аныгыскы ойууга хас күлгэри баар буолуохтааҕын суруй.
Сорудах 6.
1. Кууруссалар диэн тыл ньиргиэрдээх бүтэй дорҕооннорун буукубатын аннынан тарт.
2. Хас дорҕоон уонна хас буукуба баарын быһаар. Кууруссалар - ___ дорҕоон, ____ буукубаЭБИИ СОРУДАХТАР
Сорудах 7. Дьиэ харамайдарын бэлиэтээ.
куурусса таас күлгэри бараах ыт оҕото олбуор Сорудах 8. Схеманы көр.
1. Схемаҕа сөп түбэһэр тылы сурааһыҥҥа суруй.
2. Уруһуйдары араамаҕа суруллубут тыллары кытта стрелканан холбоо.
Мас42170353492519748521590
хатыҥ ньээм-ньээм
149860946153881120325120
От
тоҥсоҕой күлгэри197485266065
ньургуһун ________________
мас аатын суруйСорудах 9. Биир куурусса биир күн биир сымыыт сымыыттыыр. Биир нэдиэлэҕэ кини хас сымыыты сымыыттыай?
Эппиэтэ: Биир нэдиэлэҕэ куурусса ______ сымыыты сымыыттыыр.
Сорудах 10. Күлгэри кутуруга быстыбытын кэннэ ыкка туох диэбитэ буолуой? Суруй.






Сорудах 11. Бараах ханна баран хаалла? Суруй.





СҮРҮН ЧААҺА
2 ВАРИАНТ
Сорудах 1. Айымньыны болҕойон ыксаабакка аах. Ис хоһоонун өйдөө.Сорудах 2. Биир этиини уһул. Бэрэбиэркэлээ. Сыыһаларгын көннөр.




Сорудах 3. Хартыыналары айымньы ис хоһоонунан сирдэтэн сааһылаа.189166511430529336057150435038595253131185133350-469903130551096010265430

Сорудах 4. Задачаны суоттаа.
Томторго 9 бараах олорор, оттон күлгэри 5-нэн элбэх. Томторго хас күлгэри баарый?

Сорудах 5.
1. Ойуу аайы хас күлгэри уруһуйдаммытый?
5312410100965435038510096530740351898652169160170815
5245735167005283210476252569210238125
4407535285754845685209550

2. Уруһуйдаммыт сокуонун таай уонна аныгыскы ойууга хас күлгэри баар буолуохтааҕын суруй.
Сорудах 6.
1. Бу тыллар ньиргиэрдээх бүтэй дорҕооннорун аннынан тарт:
тэлгэһэҕэ, бараах, эриэн
2. Хас дорҕоон уонна хас буукуба баарын быһаар.Тэлгэһэ - ___ дорҕоон, ____ буукубаБараах - ____ дорҕоон, ____ буукубаЭриэн - ___ дорҕоон, ___ буукуба3. Бэриллибит тыллары сүһүөхтээ. Тэлгэһэ, бараах, эриэнЭБИИ СОРУДАХТАР
Сорудах 7. Айылҕа предметтэрин стрелканан бэлиэтээ.
586486026035ТЫЫММАТ АЙЫЛҔА
34988524765
168910488950 хатыҥ ньээм-ньээм562546588900МАС

күн, былыт куурусса5626735106045ОТ283210195580
ньургуһун харыйа
КӨТӨР1593852520955626735236220
бараах хонуу
Сорудах 8. Тэлгэһэҕэ 6 куурусса уонна 4 бөтүүк сүүрэ сылдьар.
Оҕолор ыйытыы толкуйдаабыттар уонна маннык эппиэттээбиттэр:
6 + 4 =
1. Оҕолор ханнык ыйытыы толкуйдаабыттара буолуой?
А) Куурусса бөтүүктээҕэр хаһынан элбэҕий?
Б) Тэлгэһэҕэ барыта хас көтөр сүүрэ сылдьар?
В) Барыта хас куурусса уонна бөтүүк хонууга баарый?
2. Суоттаа. Эппиэтин кураанах клеткаҕа суруй.
Сорудах 9. Этиини аах:
«Ыт оҕото көрдөҕүнэ, арай сиргэ эриэн таҥас сытар». Хонууга хантан эриэн таҥас кэллэ? Быһаар. Наада буоллаҕына кэпсээни өссө төгүл аах.






Сорудах 10. Үөмэр диэн тылы быһаар.





Үлэни ыытыыга ыйыылар:
1. Оҕо барыта үлэ сүрүн чааһын толоруохтаах. Эбии сорудахтары сүрүн чааһын бүтэрдэҕинэ эрэ толорор.
2. Учуутал оҕо ыйытыытыгар барытыгар эппиэттиир, наада буоллаҕына эппиэтин этэн биэрбэккэ эрэ көмөлөһөр, ыйан-кэрдэн биэрэр, сүбэ-ама биэрэр (текси өссө төгүл аах, арааһа сыыһалардааххын быһыылаах, үчүгэйдик бэрэбиэркэлэн уо.д.а.).
3. Оҕо үлэ сүрүн чааһын барытын толорбутун суоҕун хонтуруоллуур.
СыаналааһынСүрүн чааһаСорудах № Туох бэрэбиэркэлэнэрэСыаналааһын критерийдэрэ2 Устуу үөрүйэхтэрэ. Текси алҕаһа суох устуу. Этиини улахан буукубатан суруйбут, туочуканы туруорбут, 2 эбэтэр онтон аҕыйах алҕаһы түһэрбит - 1 б атын эппиэккэ – 0 б
3 Ааҕыы. Аахпыт тексин ис хоһоонун өйдөөһүн. 1 В. Бараах, күлгэри, кууруссалар, ыт оҕото – бу тыллары барытын талбыт буоллаҕына - 1 б2 В. Ыт оҕото-1, куурусса-2, бараах-3, күлгэри-4, күлгэри кутуруга-5, ыт уйата -6
барытын сөпкө сааһылаабыт – 1 б атын эппиэккэ – 0 б
атын эппиэккэ – 0 б
4 Аахпыт тексин математика тылыгар көһөрүү. Предмет ахсаанын ааҕыы. "Элбэх", "аҕыйах", "соччо" өйдүллэринэн үлэ.1 В. Күлгэри – 1 б
2 В. Дьайыы бэлиэтин сөпкө талбыт – 1 б
сөпкө суоттаабыт – 1 б атын эппиэккэ – 0 б
атын эппиэккэ – 0 б
атын эппиэккэ – 0 б
5 Предмет ахсаанын ааҕыы, чыыһыланан бэлиэтээһин, предмет ахсаанын уруһуйдаммыт сокуонун таайыы. 1 В. 5. 1. Уруһуй анныгар сөпкө суруйбут – 1 б,
5.2 0 эбэтэр 8 диэбит буоллаҕына – 1 б
2 В. 5. 1. уруһуй анныгар сөпкө суруйбут – 1 б
5.2 7 диэбит буоллаҕына – 1 б атын эппиэккэ – 0 б
атын эппиэккэ – 0 б
атын эппиэккэ – 0 б
атын эппиэккэ – 0 б
6 Дорҕоонунан ырытыы. Ньиргиэрдээх бүтэй дорҕооннорун булуу. Тыл дорҕоонун уонна буукубатын ахсаанын ааҕыы. 1 В. 6.1 - р, л, р эбэтэр р, л – аннынан тардыбыт буоллаҕына – 1 б.
6.2 – 10 дорҕоон, 11 буукуба – 1 б
2 В. 6.1 – тыллар ньиргиэрдээх бүтэй дорҕооннорун барытын аннынан тардыбыт, эбэтэр 1-2 сыыһалаах– 1 б
6.2 – дорҕооннорун, буукубаларын ахсааннарын барытын сөпкө суруйбут, эбэтэр 1-2 сыыһалаах – 1 б
6.3 – тыллары барытын сөпкө сүһүөхтээбит – 1 б атын эппиэккэ – 0 б
атын эппиэккэ – 0 б
атын эппиэккэ – 0 б
атын эппиэккэ – 0 б
атын эппиэккэ – 0 б
1 вариант. Барыта: 4 б – 7 б – орто таһым 0-3 б – намыһах таһым2 вариант. Барыта 6 б – 9 б – орто таһым 0-5 б – намыһах таһымЭбии сорудахтарСорудах № Туох бэрэбиэркэлэнэрэСыаналааһын критерийдэрэ7 Айылҕа объектарын туһунан өйдөбүл. 1 В. куурусса, ыт оҕото диэбит - 1 б2 В. стрелкалары барытын сөпкө тардыбыт (8 стрелка), эбэтэр1-2 сыыһалаах – 1 б атын эппиэккэ – 0 б
атын эппиэккэ – 0 б
8 Айылҕа объектарын түмүү (классификация), баар группаҕа сыһыаннааҕын суоҕун быһаарыы. Сорудахха сөп түбэһэр айылҕа объегын өйүттэн булуу. 1 В. 8.1 мас аатын суруйбут 1 б
8.2 стрелкалары барытын сөпкө тардыбыт (3 стрелка) – 1 б
2 В. 8.1 Б – эппиэти талбыт 1 б
8.2 сөпкө суоттаабыт – 1 б атын эппиэккэ – 0 б атын эппиэккэ – 0 б
атын эппиэккэ – 0 б атын эппиэккэ – 0 б
9 Задачаны анализтыырга бэлэми быһаарыы. Тылынан информацияны математика тылыгар көһөрүү. Суоттааһын үөрүйэхтэрэ. 1 В. 7 диэбит – 1 б
2 В. 7 диэбит – 1 б атын эппиэккэ – 0 б
атын эппиэккэ – 0 б
10 Аахпыт тексигэр сыһыаннаах ыйытыыга суругунан эппиэт. ыйытыыга сыһыаннаах эппиэти биэрбит буоллаҕына – 1 б атын эппиэккэ – 0 б
11 Тылы быһаарыы. 1 В. Ыйытыыга сыһыаннаах эппиэти биэрбит буоллаҕына – 1 б
2 В. Тыл суолтатын биэрбит буоллаҕына – 1 б атын эппиэккэ – 0 б
атын эппиэккэ – 0 б
1 вариант. Барыта 4 б – 6 б – үрдүк таһым2 вариант. Барыта 4 б – 6 б - үрдүк таһымТуһаныллыбыт литература:
1. Логинова О. Б., Яковлева С. Г. Мои достижения. Итоговые комплексные контрольные работы 1 класс – М.: Просвещение, 2011
2. Кондакова У. Ф., Леонтьева У. Е. Сыккыс. Книга для чтения 1 класс – Якутск: Бичик, 2005
Ойуулар:
Ыт оҕото – Васильева К. И., Алексеева А. П. Снегирек: Книга для чтения для детей
старшего дошкольного возраста – Якутск: Бичик, 2003
Күлгэри – Сидоров Б. И., Тяптиргянов М. М. Пресноводные рыбы, земноводные и
пресмыкающиеся Якутии: Справочник-определитель – Якутск: Бичик, 2004
Ньургуһун – http://foto.rambler.ru/preview/r/500x500/443d7e67-74f1-ca66-96a6-76b5e24320bbБараах – Сидоров Б. И. Знаете ли вы птиц Якутии?: Справочник-определитель –
Якутск: Бичик, 1999
Хатыҥ - http://skyclipart.ru/uploads/posts/2010-10/thumbs/1287650537_2010-10-19_165219.jpgТоҥсоҕой – Сидоров Б. И. Знаете ли вы птиц Якутии?: Справочник-определитель –
Якутск: Бичик, 1999
Ньээм-ньээм – Макаров А. А. Лекарственные растения Якутии – Якутск, 2001