Сценарий праздника ко Дню Матери на якутском языке
Күн күбэй ийэкэм уонна мин
Киэргэтии – презентация “Тапталлаах ийэбэр»
ШардарБылаана:
Киирии тыл
Литературнай монтаж.
Төрөппүттэргэ «Биһиги интервьюбут». Боппуруостарга эппиэттээһин.
Ођолор саңаларынан викторина.
Оонньуулар.
Киирии тыл.
1) Ийэ күнэ! Олус да истиңник иһиллэр! Хас биирдиибит бу орто дойдуга саамай чугастан-чугас киһибитигэр – Ийэбитигэр сүрэхтэн кутуллар истиң-иһирэх тыллары этиэхпитин бађарабыт.
- Күндү ийэлэрбит!…
Бүгүн биһиги үөрүүлээх түмсүүгэ – Ийэлэр күннэрин бэлиэтээри муһуннубут.
Э5эрдэлиибит эһигини ийэлэр күннэринэн!!!
Бу күнү биһиги, Саха Республикатын олохтоохторо, чорботон туран, ийэлэргэ болђомто ууруллан, эһиги күннээ5и үгүс түбүккүтүн, о5олоргутугар кыһамньыгытын бэлиэтээн, Ийэ оруолун үрдүктүк чиэстээн, хас сылын ахсын бу күһүңңү кэмңэ күн анаан, бырааһынньык быһыытынан бэлиэтиир буолбуппут олус үөрүүлээх.
Күндү Ийэлэр!
Биһиги ыңырыыбытын ылынан, ыалдьыттыы, биһигини көрө-истэ, билсиһэ, бииргэ сынньана кэлбиккит иһин махтанабыт.
Эһиэхэ анаан хоьоон “”.Ийэ Лисачев Данил
Ийэ – сир үрдүгэр күндү тыл,
Ийэ – күңңэ тэңнээх күндү тыл,
Ийэ – сүрэђи минньитэр күндү тыл,
Амарах, истиң, иһирэх тыл.
Ийэ… Суос со5отох бу биир тылгаАан дойду бары кэрэтэ,
Олох салђанар утађа,
Түмүллэн сылдьар быһыыта.
Олус да бађарар буоллађымҮлэһит үтүөтэ буоламмын,
Ийэм миигинэн киэн туттарЭйэђэс мичээрин көрүөхпүн.
Ођо-ођо саастарбарОонньуур-көрүлүүр кэмнэрбэрОлус кыһаллан ииппиккинОнчу умнуом суођа мин.
Өрүүтүн үөрдэ-көтүтэ, ийэкээм,
Үөрэниэм, үлэлиэм, олоруом,
Күн сирин көрдөрбүт үтүөђүн,
Күндүтүк, истиңник саныађым.
Ийэ- бу эйиэхэ олоҕу бэлэхтээбит аанньал, сиргэ түспүт таҥара.
Ийэ диэн күндү киһи, ийэ диэн күн киһи. Ийэ эйиэхэ олоҕу биэрбитэ, Аан дойдуга хараххын аспыта, төрөөбүт тылгынан саҥардыбыта. Үчүгэй киһи буоларгар өрүү кини кыһанар, арыт- арыт мөхтөр да иһигэр аһынар.
Аччыктыаҕа оҕом диэн,
Араас аһынан аһатар,
Сыллаан-уураан киэһэтин
Сылаас ороҥҥо утутар.
Тахсан буорга киртиппит
Таҥаскын өрүү сууйар,
Сытыаҕын да баҕардар,
Сылайан хойут утуйар.
Ыарыйдаххына кини эрэ
Ыксыа, ытыа, айманыа,
Түүнү быһа арахпакка
Таскар олорон ыарыылыа.
Ол курдук ийэҕэ бу сиргэ
Кэрэттэн кэрэтэ,
Сүрэҕин сорҕото
Төрөппүт оҕото буолар.
Онон,оҕолоор, ийэҕитин хомотумаҥ, харыстааҥ, кинини араҥаччылааҥ, кини эрэлин түһэн биэримэҥ. Ийэҕит киэн туттар киһитэ буолуҥ.
Дьолу – соргуну бађаран туран, ођолоргут эһиэхэ аныыллар “Пусть всегда будет солнце” ырыаны
Биһиги интервьюбут боппуруостара:
1. Иллэң кэмңэр тугу сөбүлээн дьарыктанађыный?
2. Ођоң аан маңнай ханнык тылы саңарбытай? Уонна кини түргэнник саңарарыгар хайдах көмөлөспүккүнүй?
3. Ођоң майгытыгар тугу сөбүлээбэккиний? Ону туоратарга тугу оңорођунуй?
4. Биһиги кылаас ођолорун хайдах сыаналыыгыный? Уонна тугу сүбэлиэң этэй?
5. Саамай сөбүлүүр телепередачаң ханныгый? Ођолорго ханнык передачалары көрөргө сүбэлиэң этэй?
6. Оскуолађа үөрэнэ сылдьыбыт кэмнэргиттэн саамай өйдөөн хаалбыт түгэниң?
7. Оскуолађа үөрэнэ сылдьан үөрэппит хоһоонноргуттан өйдүүгүн дуо? Биири эмит баһаалыста аађан иһитиннэр.
8. Атын ийэлэргэ э5эрдэ ырыатын бэлэхтээ.
9. О5олорго ба5а санаа5ытын, сүбэлэргитин этиң.
10. Бэйэң о5оң туһунан саамай көрүдьүөс, олох умнуллубат түгэннэриттэн кылгастык кэпсээ.
Кердеех частушкалар
АНКЕТЫ ПРО МАМУ.
1. Любимое занятие.
2. Любимая песня.
3. Любимый фильм
4. Любимая пора года
5. Любимая еда.
6. Любимый праздник.
7. Любимый цвет.
Хоьоон Т. Василиса
4) Ийэлэри кытта көрдөөх оонньуулар.
1. Илииң иминэн о5оң илиитин таай (хара5ы баайан баран).
2. Куолаһынан таай (1 ийэ тахсар, 4-5 о5о «Ийэ» - диэн ыңыраллар, ону кэннинэн туран куолаһыттан о5отун таайыахтаах).
Ырыа Ярик, Ча5ыл, Данил.
5) Таайбараң – о5олор саңаларынан.
1. Кыһыл дьүһүннээх, элбэх витаминнаах, доруобуйа5а туһалаах, төгүрүк быһыылаах, үчүгэй сыттаах, ыалларга баар, консервалыахха сөп…(помидор).
2. Эриэн дьүһүннээх, ыалга барытыгар баар, сорохтор сиргэ быра5аллар, сорохтор истиэнэ5э ыйыыллар, көрөргө үчүгэй, ыраахтан а5алаллар, сыаната ыарахан…(ковер).
3. Сайын баар буолааччы, эриэн истээх, күүгүнэс саңалаах, түргэнник көтөр, хонууга элбэх буолааччы, соро5ор о5олор киниттэн куттаналлар.(ыңырыа)..
4. Элбэх кэпсээннээх, соро5ор соһутар сонуннаах, соро5ор үөрдэр, соро5ор сылатар, интэриэһиргэтэр, улахан дьон, о5олор бары таптыыллар, соро5ор наһаа үлүһүйдэххинэ ийэң мө5өр…(телевизор).
- Күнү быһа аттыттан араарбат, кэпсээнэ-сэһэнэ элбэх. …(телевизор).
- Арааһы барытын быһаарар, ону-маны сүбэлиэн да, кими ба5арар көрсүһүннэриэн да сөп. …(телевизор).
5. Кылгас атахтаах, элбэх о5олоох, кылгас кутуруктаах, тимэх харахтаах, а5ыйах саңалаах, хатаннык часкыйар, бадарааңңа да сыттар, минньигэс эттээх…(сибиинньэ).
6. Кыра о5олорго үксүлэригэр баар, онтукалара маннык буолуон сөп: дьүһүнэ араас, уһун да, кылгас да, кытаанах, арыт сымна5ас; -онтукалара арааһы тардыалыыр, бэлиэтиир, дьүһүннүүр, арыт онноо5ор тостор, суолун хаалларбыт буолар…(харандаас).
7. Араас быһыылаах, кээмэйдээх буолуон сөп, интэриэһиргииргин бу баар курдук көрдөрөр, соро5ор аһыллыан да, сабыллыан да сөп, онноо5ор олох да ылыллыан сөп, арыт алдьаныан да сөп…(түннүк).
8. Дьоңңо барытыгар баар. Сорохторго халың, арыт чараас да буолар. Сотору-сотору уларыта5ын: то5о диэтэххэ, киртийиэн, алдьаныан, онноо5ор сыттаныан да сөп…(наскы).
9. О5олор бары ымсыыраллар. Билиңңи кэмңэ кини араас быһыылаах, дьикти сыттаах, арыт суулаах, арыт хоруопкалаах; Арыт ууллар, арыт «хампарыйар», арыт «жевачка5а» кубулуйар, дьону барытын астыннарар…(кэмпиэт).
10. А5аларга сорохторугар баар. Онтукаларын көрөллөр-харайаллар, арыт онноо5ор тэңнииллэр. Ол туохтара арыт олус эрэйдиир. Уһуннук бардахтарына-кэллэхтэринэ мууһуруон сөп, кырыарыан да сөп…(бытык).
11. Бу күнү нэдиэлэ устата кэтэһэ5ин. Онно тиийдэххинэ билэр дьоңңун үксүлэрин көрсө5үн. Ону-маны көрөн, ымсыырыаххын, ылыаххын, боруобалыаххын, онноо5ор амсайыаххын ба5ара5ын…(барахолка).
- Төттөрү-таары сылайыаххар диэри хаамыаххын сөп. Ону-маны көрөн, ымсыырыаххын, ылыаххын ба5ара5ын…(рынок).
Дорогие мамы, у меня в руках волшебная ромашка. Она поможет узнать вам особенности вашей внешности и характера. Сорт этой ромашки называется «Самая-самая».(мамы отрывают лепестки цветка)-Самая обаятельная.-Самая привлекательная.-Самая нежная.-Самые красивые глаза.-Самая очаровательная улыбка.-Самая, самая добрая.-Самая ласковая.-Самая заботливая.-Самая красивая.-Самая обворожительная.-Самая любимая.-Самая милая.- Дорогие мамы, ребята приготовили вам небольшой сюрприз. Презентация «Наши мамы самые красивые»
Күн-күбэй ийэлэрбит!
Эһигини Ийэлэр күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Баҕарабыт эһиэхэ Сир үрдүгэр баар бары кэрэни, үчүгэйи, үлэҕитигэр ситиһиини! Ыарыы эһигинниин ыалласпатын, олоххут үөрүүнэн туоллун. Оҕолоргут тустарыгар ахсаабат кыһамньыгыт, сылаас тапталгыт, муударай сүбэҕит иһин барҕа махтал, уруй-айхал буоллун!