Задачи на якутском языке


Математические задачи на якутском языке
Цель: научить решать задачи по математике на якутском языке.
Задачи: объяснение материал на родном языке для быстрого понимания и решения задач.
Мөhөөччүктээх куруппаттан чааскылаах ыйааhын уонна 1 кг, 3 кг, 9 кг киирэ көмөлөрүнэн хайдах 1 кг, 2 кг, 3 кг,…13 кг куруппаны ылыахха сөбуй?
Терамино биэс араас фигураларын туhанан 4*5 кээмэйдээх көнө- муннугу оноруохха сөп дуо?
2*2 квадраты клеткаларын урун уонна хара дьүhүнүнэн кырааскалыахха наада. Хас ньыма баарый?
Хара –Бара племя алфавитыгар 3 эрэ буукуба баар: А,Б,Х. Тыллара 4 дылы ханнык ба5арар буукубаттан турар. Бу племя хас тылынан туттарый? Биир, икки, үс, түөрт буукубалаах тыллары туспа аа5ын.
1,2,3 сыыппараларынан биирдиитэ туттан хас араас үс бэлиэлээх чыыhыланы суруйуохха сөбүй?
Туристическэй лаа5ырга 240 уэрэнээччи Москва уонна Орел куораттартан сыньана кэлбиттэр. Уалаттар ахсааннара 125 о5о, ол иьигэр 65 Москва куотарран. Орел куораттан кэлбит кыргыттар уопсайа 53-тэр эбит. Хас уэрэнээччи Москва куораттан кэлбитий?
Поезд иhигэр туннук аттыгар биир уол остуолба ахсаанын аа5а турбут. Кини 10 остуолба аахпыт. Остуолбалар икки ардыларыгар 50 м буолла5а, поезд хас миэтирэ ыраата барбытый?Көнө муннукта тутун, өскөтүн кини болуоссата 12 см2, онтон периметирэ 26 см тэӊнэhэр буолла5ына.
Квадрат болуоссата хас төгүл улаатарый, өскөтүн кини хас биир туоратын 2 төгүл улаатыннардахха?
Икки чыыhыланы эппиттэрэ 715 буолбут. Онтон биирдэрэ нуулунан бутэр эбит. Ѳскөтүн ол нуулу соттохо, иккис чыыьылабыт тахсан кэлэр. Чыыhылалары булун.
Вова чаhыыта 25 мүнүүтэ хаалан иhэр уанна 1ч 50 мүнүүтэни көрдөрөр. Онтон Аня чаhыыта утары 15 мүнүүтэ баран иhэр. Аня чаhыытыгар хас чаас буолбутуй?
Алта сыыппыраттан турар саамай улахан чыыhыланы суруйун. Ол чыыhыла сыыппаралара барыта атын –атын буолуохтаах.
Сөптөөх тэӊнэhии тахсарын курдук скобкаларда туруоран биэрин : 15 - 35 + 5 : 4 = 5
Шахматнай турнирга 7 киhи кыттыыны ылбыт. Хас биир кыттыылаах барыларын кытары ооньообут. Хас партия ооньоммутуй?
Көнө муннукт болуоссата 91 см2. Уhуна 13 см тэӊнэhэр. Туорайдарын барытын эптэххэ хас сантиметр буоларый?
Андреев Петровка 300 солкуобай биэрдэ5инэ иккиэн харчыларын ахсаана тэӊ буолар. Андреев харчыта төhөннөн Петровтаа5ар элбэ5ий?