Сценарий музыкально-литературного вечера День матери в старше-подготовительной группе (на якутском языке)


Сивцева Валентина Михайловна – Нам улууһун Аппааны нэһилиэгин «Хатыӊчаана» оҕо сайдар киинин музыкальнай салайааччыта.
«Ийэ кунэ»
улахан уонна бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар музыкальнай литературнай биэчэрСыала: Оҕолорго Ийэ күнүн туһунан өйдөбүлү үөскэтии; саха поэттарын ийэ туһунан хоһооннорун кытта билиһиннэрии.
Ийэ туһунан ырыалар тыаһыыллар.
Ыытааччы: Ийэ баар бу сиргэАан дойду аанньалаАнаннын киниэхэБарыбыт махтала.
Үтүө күнүнэн, күндү о5олор уонна төрөппүттэр! Саха сирин президенин ыйааҕынан 1993 сыллаахтан алтынньы ый уһус нэдиэлэтигэр Ийэлэр күннэрин бэлиэтиибит. Күн-күбэй ийэлэрбитин ис сурэхпититтэн бырааһынньыккытынан эҕэрдэлиибит! Баҕарабыт саха алмааһын курдук кытаанах доруобуйаны, санаабыккыт барыта сатаннын, баҕарбыккыт барыта туоллун!
Надежда Макарова мелодиятыгар «Ийэ баар буолан».
Ыытааччы: Күн сирин көрөөт, биһиги аан бастаан ийэбитин көрөбүт, ийэбит сылаас илиитигэр киирэбит. Ийэбит биһиэхэ саамай күндү киһибит. Ийэ туһунан элбэх хоһоон, ырыа, кэпсээн суруллар. Истиӊник саныыр, таптыыр ийэлэрбитигэр бүгүӊӊү музыкальнай литературнай биэчэрбитин аныыбыт!
Хоьоон «Ийэ барахсан» А.Аба5ыыныскай. Толороллор_____________________________________ .1. Этиӊ эрэ, оҕолоор,
Эһигини биһиктээн,
Киммит маннык оҕолоонКиһи гынар бүөбэйдээн?
- Күндү ийэ барахсан!
2. Этэр сылаас тылынанЭмиэ киммит саататар,
Эӊин нарын ырыананЭһигини утутар?
- Көмүс ийэ барахсан!
3. Этиӊ, киммит кичэйэнҮтүө суолга үөрэтэр,
Эһигини тэрийэнҮөрэнэргэ көҕүтэр?
- Кини, кини барахсан!
Кини – Ийэ барахсан!
Ыытааччы: О5олоор, эһигини ким ордук таптыыр, аһынар?
Эһигини ким ордук харыстыыр, хатаҕалыыр?
Ийэлэргитин учугэйдик билэ5ит дуо?
Оччотугар «Ийэн малын бул» диэн оонньуу оонньуохпут.
Оонньуу быраабылата: бу дьааһыкка ийэлэргит маллара бааллар. Мантан эһиги бэйэҕит ийэҕит малын сөпкө талан ылыахтааххыт.
Ыытааччы: Оо, олус, олус да кэрэИйэм күлэн иэйэрэДууһам сырдаан чэмэлийэрТула өттүм чэлгийэр.
(А.Копылов)
Хоһоон «Ийэ мичээрэ» А.Кондратьев. Толороллор________________________.
1. Ийэ мичээрэ истиӊ, кэрэ:
Күн уотуттан күндү курдукКөй салгынтан күүстээх курдук.
2. Ийэ мичээрэ элбэххэ үөрэтэр:
Эйэҕэс буоларга, эйэни буларга,
Сырдыгы эрэ сыдьаайда сылдьарга.
3. Ийэ мичээрэ искэр иӊэрэр:
Олоххо тапталы, бар дьоӊӊо махталы,
Эр хорсун санааны, эрэллээх буолууну.
Ыытааччы: Отон өӊүнэн оонньуу күлэр
Оччугуйкаан күнчээниТөрөтөллөр күбэй ийэлэрБүөбэйдииллэр кинини.
Баҕараллар ол күнчээнТүргэнник улаатыа5ын
Сардаӊанан күлүмүрдээн
Сиргэ, дьоӊӊо сырдыаҕын.
(С.Дадаскинов)
Ийэлэрбитигэр көмүс күнчээннэр ырыаларын бэлэх ууналлар.
Ырыа «Оҕолору харыстаан» (Валерий Егоров мелодията).
Ыытааччы: Бу дьиэбит үлэтэ, сырдыга, ырааһа,
Ас астыыр түбүгэ, танас-сап тигиитэ.
Бу – ийэ дьаһала, бу – ийэ таптала.
(М.Данилова)
Хоһоон «Ийэҕин харыстаа» С.Тимофеев. Толороллор________________________.
1. Атаахтатар, үөрэтэрАмарах сурэхтээх ийэккэн.
Аан дойдуну ититэрАламай күннэ эрэтэн.
Учугэй киһи буоларгарӨруу кини кыһанар,
Арыт-арыт мөхтөр да,
Атаас, иһигэр аһынар.
2. Аччыктыаҕа оҕом диэнАраас аһынан аһатар.
Сыллаан-уураан киэһэтин,
Сылаас ороӊӊо утутар.
Тахсан буорга киртиппитТаӊаскын өрүү сууйар.
Сытыаҕын да баҕардар,
Сылайан, хойут утуйар.
3. Ыарыйдаххына кини эрэЫксыа, ытыа, айманыа.
Түүну быһа арахпаккаТаскар олорон ыарыылыа.
Мэниккин уонна аныКиртийбит да бэйэҕинТаһыйдаҕына даҕаны,
Таптыыр эбээт эйиигин.
4. Ийэ диэн күндү киһи,
Киниэхэ тэӊнээх ким баарый?
Ийэ диэн күндү киһи,
Кинини өрүү харыстаарыый!
Ыытааччы: Үӊкүүлүүрү таптыыбыт, үӊкүүлүүрү сатыыбыт. Илиилэртэн ылсыһан эргичийэн вальста үӊкүүлүөх!
Оҕолор толорууларыгар вальс.
Ыытааччы: Кыра эрдэхпититтэн ийэлэрбит биһигини утуталларыгар биһик ырыатын ыллыыллар. Хас биирдии оҕоҕо ийэтин куолаьа ураты, намчы, намыын буолар. Хоьоон «Мин ийэм ырыата» С.Дадаскинов. Толороллор_____________________.
1. Мин ийэм ырыата, суһуоҕун кэриэтэ,
Намылхай, нап-намыын.
Мин ийэм ырыата ытыһын кэриэтэ,
Сып-сылаас, нап-нарын.
2. Мин ийэм ырыатын долгуйан, итийэнТаптыыбын олуһун.
Мин ийэм ырыатын өйбүттэн, сүрэхтэнСүтэриэ мин суохпун.
3. Мин ийэм ырыатын истиӊэ, иэйиитэСырдыкка угуйар.
Мин ийэм ырыатын дьиктитэ-кэрэтэДьиэрэйэр,субу баар!
Ыытааччы: Ийэкээ, эйиэхэ ыллыыбытИстинтэн-истин ырыаны.
Эйиигин олуһун таптыыбытТаптыахпыт уйэ саас тухары.
(С.Дадаскинов)
Ырыа «Биьиги маамабыт» П.Одорусов хоһооно, Н.Макарова мелодията.
Ыытааччы: Убаастабыллаах оҕолору, ийэлэри, эбээлэри, эдьиийдэри бүгүн кэлэн биһиги биэчэрбитигэр кыттыбыккытыгар махтанабыт. Көрсүөххэ диэри!