Сценарий выпускного вечера в детском саду Остуоруйа дойдутугар айан

Автор сценария: Сивцева Валентина Михайловна, музыкальный руководитель МБДОУ «ЦРР №1 «Хатынчаана» с.Аппаны» Намского улуса.

Выпускной бырааьынньык сценарийа.
«Остуоруйа дойдутугар айан»
Сыала: О5олорго, тереппуттэргэ уонна педагогтарга бырааьынньыктаа5ы настарыанньаны уескэтии.
Оруоллар:
Мэри Поппинс
Аптаах Фея
Бере
Кыьыл бэргэьэчээн
Хаппырыыс принцесса
Учуутал
Сыыпаралар
Губка Боб
Патрик
Три поросенка
Буратино
Незнайка
Бырааьынньык хаамыыта:

МП: Утуе кунунэн убаастабыллаах тереппуттэр, бииргэ улэлиир коллегаларбыт, ыалдьыттар. Бугун биьиэхэ уеруулээх, саамай кэтэьиилээх кун.
Детсадпытын бутэрэн,
Номнуо улахан дьоммут
Оонньуурдарбын кичэйэн,
Долбуурбар сааьылаан ууруо5ум.
Кинигэбин, уруучкабын,
Суумкабар угуо5ум
Оскуола5а аанын аьарбын
Долгуйа куутуе5ум.
Фон музыка.
О5олор иккилии буолан пааранан сиэттиьэн киирэллэр.
1. Вальс
2. Хоьоон «Кундуттэн кунду кылаат»
Лева
1.Тоьолоох да кун тубугэр
Тэннэммэт ыар сыаналаах
Кундуттэн кунду кылаат
Баар уьу кун сиригэр.

Коля
4.Ол кылааккын дьонно ыьыан -
Уон оччонон элбээн кэлиэ,
Урут уоьэ мунньа сатыан –
Оруутун чэпчээн иьиэ!

Диана
Оннук кылаат кун сиригэр
Суос-со5отох!
Кини аата – Билии!
Кор кинигэн ыскаабыгар
Сытар сир бастын кылаата.


Дарина
2.Кинини уот кыайан сиэбэт,
Уу да сатаан тимирпэт,
Киртэн – бохтон киртийбэт,
Кэмтэн – дьылтан эргэрбэт.

Алина
5.Ол кылаатын тыыннаахтар
Ханна барыан - батыьыа,
Хаьан туохха наадыйаргар
Толук буолуо, абырыа.



Игнат
3.Ол кылаат – аптаах кылаат,
Уоруйах да булан уорбат,
Ороспуонньук талаабат,
Албастаах да албыннаабат.

Миша
6.Оннук кылаат хаьаайына
Куустээхтэн бастын куустээх,
Быьыйтан чулуу быьый,
Котуо наада буолла5ына.




МП: Праздник для нас очень важный сегодня
День выпускной настает.
Жаль, что уходим из детского сада
Осенью школа нас ждет.
3. Макарова Кристина «Мы теперь ученики»
4. Ырыа «Уерэнэ барабын» Н.Макарова мел.
Музыканан о5олор миэстэлэригэр бараллар.

Музыка тыаьыыр. Мэри Поппинс киирэр.
МП: Утуе кунунэн, кырачаан до5отторум! Эьиги мин ким буоларбын билэ5ит дуо?
О5олор эппиэттэрэ.
МП: Соп , маладьыастар мин Мери Поппинс остуоруйа дойдутун иитээччитэ буолабын. Ол гынан баран мин остуоруйаны киэьээ кэпсиирбин собулуубун. Киэьээ остуоруйа оссо аптаах куустэнэр, онно дьэ миигин ыныраарын. Мин эьигини барыгытын остуоруйа аптаах дойдутугар куулэйдэтиэм.
ЫЫ: Мери, баьаалыста билигин биьиэхэ остуоруйата кэпсээ, биьиги улаатаммыт тапталлаах детсадпытыттан барар чааспыт тиийэн кэллэ.Аны куьун оскуола боруогун атыллаары сылдьабыт.
МП: Аата учугэйин, улахан дьон буолбуккутунан э5эрдэлиибин. Оскуола диэн билии дойдута! Ол эрэн, эьиэхэ остуоруйа кэпсиирбэр аптаах зонтиктарым наадалар.

5. Зонтиктаах ункуу ( кыргыттар )

МП: Бу мин аптаах зонтиктарым, хас биирдиитэ остуоруйа тыыннаах. Бастакы зонтигы ере кото5обун , бэйэм урдугэр эргитэбин. Зонтик-зонтик эн эргий остуоруйа дойдутугар эн илдьиий. Уой, то5о табыллыбат
ЫЫ: Ээ мин ойдоотум, аптаах остуоруйа сырдыкка кэлбэт. Остуоруйа мээнэ кэпсэммэт. Остуоруйа киьи дууьатын уоскутар сулустары, ыйы куутэр уонна чуумпуга кэпсэнэр.
Музыка тыаьыыр Аптаах Фея киирэр.
Аптаах Фея: Утуо кунунэн, мин аптаах Феябын! Ханнык бириэмэ эьиэхэ нааданый? Туун дуу, кунус дуу? Кемелоьуохпун соп.
М.П: Биьиэхэ киэьээтэ ордук этэ.

Аптаах Фея: Соп, кыьаллан коруом.
(ере тыынар, турукка киирэр, аптаах палочкатынан дайбыыр)
Куох киэьээ эн биьиэхэ котон кэл.
Ый суола остуоруйа дойдутун сырдат.

Туннуктэри сабаллар, фонаригынан зеркальнай шары тыктараллар.

МП: (зонтик ылар). Аптаах зонтикпын оро кото5он тула эргитэбин, буукубалар тургэнник костон аастылар. О5олоор, аахтыгыт дуо зонтикпыт суругун?
(зонтикка « Кыьыл Бэргэьэчээн» диэн суруктаах).
МП: Тэннэ аа5ыахха!
Музыканнан Боро суурэн киирэр. Ененнуур, тугу эрэ кердуур курдук.
Боро: Кыьыл Бэргэьэчээни куутэр ер буолсу. Салбанар уонна иьин имэринэр. ААА, тоттохпууун!
Музыканнан Кыьыл Бэргэьэчээн суурэн киирэр.
Кыьыл Бэргэьэчээн: Борочоон, эн тугу гына сылдьа5ын? Эйиигин манна кэтэьэллэр (тарба5ынан ааны ыйар)
Боро: Кимнээх? ( боро куттанар)
Кыьыл Бэргэьэчээн: Булчуттар кэтэьэн тураллар! (Кулэ-кулэ борону аан диэки аанньар).
Боро: Кыьыл Бэргэьэчээн, бырастыы гын! Эйэлэьиэх!!! Аны мин эйиигин хаьан да куттуом суо5а! (тобугар турар).
Кыьыл Бэргэьэчээн: Бырастыы гынарым дуу, бырастыы гымматым дуу? (толкуйдуур)
Бу олорор кыраьыабай о5олор биьигини кытта ункуулээтэхтэринэ биирдэ бырастыы гыныам.
Бере: Чэ о5олоор бары кэлин! Уоруоххэ-котуоххэ, ункулуоххэ.

6. Ункуу: Флешмоб

Кыьыл Бэргэьэчээн: Соп, соп чэ бырастыы гынабын, бэрэдэкэтээх буолуон диэн эрэнэбин.
Тахсан бараллар.
МП: Иккис зонтигы ылабын, уеьэ тутан эргитэбин! Сана остуоруйаны куутэбит!

Музыканнан Хаппырыыс Принцесса уонна учуутал киирэллэр.
Принцесса: Мин эйиэхэ этэбин дии - уорэниэхпин БА-5АР-БАП-ПЫН! (хобулугунан муостаны тонсуйар).
Учуутал: Уерэх баар бараммат баай! Хайаан да уорэниэххин наада, уорэммэтэххитинэ биир да5аны королевскай бирикээьи сатаан аа5ыан уонна илии баттыан суо5а.
Принцесса: Оол эмиэ туохха нааданый? Миэхэ барытын билэр, сатыыр, уерэтэр эн бааргын дии. Учуутал: Сеп, ол гынан баран мин сааьыран иьэбин, пенсия5а тахсар сааьым кэллэ.
Принцесса: Пенсия игин диэмэ! Билигин да доруобайгын уонна куустээххин. Ыл эрэ илиигин уоьээ таьаар, онтон туора (учуутал барытын хатыылаан иьэр).
Наьаа учугэй! Билигин марштаан хаамыахха,онтон сууруоххэ!
Олус учугэй билигин да 50 сыл сулууспалыаххытын соп!
Учуутал: (сылайбыт куолаьынан) Онтон, Принцесса
Принцесса: Суох, тугу истибэппин. Миигин бэйэн курдук ойдоох оноруоххар диэри сулууспалыын!
Учуутал: Мин курдук ойдоох буоларга элбэхтик уорэниэххэ наада. Онно комолоьуо биьиэхэ Азбука!
Принцесса: Туох-туох? Азбука да? (азбуканы ылан арыйар уонна ойдооботохтук корутэлиир уонна хомойор). Оо, мин сатаан аахпаппын дии.
Учуутал: Чэ, наьаа хомойума. Бу олорор о5олор буукубалары билэр буолуохтаахтар. Кинилэртэн ыйытыахха.
Хоьоон «Билэр букваларым».

Учуутал: Билигин ахсаан уруога. 2+2= хас буолар? (Мольбертка мелынан суруйар)
Принцесса: Билбэппин, миигин хаьан да ахсаан интириэьиргэппэт этэ (хомойбут курдук туттар). Онтон эйиигин?
Учуутал: Интириэьиргэтэн бо5о буолла5а дии. 2+2=4.
Принцесса: Арай мин этиэм: 2+2=5 уонна бирикээс таьааран баран улахан да улахан бэчээт туруордахпына? То5о ол 2+2= хайаан да 4 буолуохтаа5ый?
Учуутал: Суох, оннук хайдах да табыллыбат. 2+2=4 бу науканнан дакаастанан турар!

7. Ункуу «Сыыппаралар ункуулэрэ»

Принцесса: О5олоор, эьиги наьаа ойдооххут эбиккит. Мин эьигини кытта оскуола5а барыахпын ба5арабын. Миигин илдьэ барыаххыт дуо?
ЫЫ: Принцесса, биьиги эйиигин уерэ-кото бырааьынньыкпытыгар ынырабыт уонна оскуола туьунан хоьоон бэлэхтиибит.

8. Хоьоон «Оскуола дорообо» Э. Игнат

ЫЫ: Мери салгыы остуоруйа дойдутугар айанныыбыт дуо?
МП: Айанныахха, аптаах зонтик эргичий, остуоруйа дойдутугар эн илдьиий!

Музыканнан Губка Боб уонна Патрик киирэллэр.

Губка Боб: Утуо кунунэн!
Патрик: Норуон норгуй!
Губка Боб: Патрик, керууй! Биьиги манна Сана дьылга кэлэ сылдьыбыппыт дии!
Патрик: Кырдьык да5аны, билэр о5олорбут олороллор. Сана дьылтан кэнниттэн быдан улааппыттар.
Патрик: Эьиги остуола5а баран эрэргитин истэн э5эрдэлии кэллибит.
Губка Боб: Оскуола5а барар о5о элбэ5и билиэхтээх. Билигин биьиги эьигини бэрэбиркэлиэхпит.
Патрик: 1. Сэттэ куоска хас кутуруктаа5ый? (7).
2. Биэс о5о хас кул5аахтаа5ый? (10).
3. Куелгэ ус кус уста сылдьыбыт. Эбии биэс кус кетен кэлбит. Куелгэ уопсайа хас кус кэлбитий?(8)
Губка Боб: 4. Хатынна биэс яблоко уунэн турар. Турах кетен кэлэн 2 яблоконы сиэн кэбиспит. Хас яблоко хаалбытый? (хатынна яблоко ууммэт).
5. Кустук хас еннее5уй? Ааттаталаан.
Патрик: Наьаа да маладьыас о5олор! Оскуола5а барарга бэлэм эбиккит!
Тахсан бараллар.
МП: Тордус зонтикпын илиибэр ылабын, тогуруччу эргитэбин. Остуоруйа дойдутугар ынырабын!
Ус сибинньэ «Три поросенка» музыканнан ункулуу–ункулуу киирэллэр
Наф-Наф: Утуо кунунэн!
Ниф-Ниф: Приветтарын!
Нуф-Нуф: Дорооболорун! (бэйэ-бэйэлэрин кытта «дай пять» дэьэллэр уонна еттуктэринэн, атахтарынан приветтэьэллэр)
Наф_Наф: О5олоор, эьиги оскуола5а уорэнэ баран эрэр уьугут дии, маладьыастар!
Ниф-Ниф: Мин эмиэ оскуола5а уорэниэхпин наьаа ба5арабын.
Нуф-Нуф: Мин улахан да улахан таас оскуола5а уорэниэхпин ба5арабын!
Наф-Наф: О5олоор оонньуохха эрэ, биьигини кытта. Саамай тупса5ай керуннээх оскуоланы тутуохха.
Оонньуу: «Оскуола тутуута» (Сымна5ас легонан)

МП: Зонтикпын эргитэбин, остуоруйа5а кэлэбит.
Музыканнан Буратино уонна Билбэччэй киирэллэр.
Буратино: Дорооболорун! Бу биьиги ханна–ханна кэллибит?
МП: Утуо кунунэн! Бугун биьиэхэ бырааьынньык, о5олорбутун оскуола5а атаарабыт.
Билбэччэй: Оскуола5а даа, оскуола диэн туохха нааданый?
Буратино: Дии, уорэммэккэ куну быьа оонньуу-оонньуу сылдьар учугэйиин.
МП: «Уорэ5э суох, хара5а суох» диэн мээнэ5э эппэттэр. Уорэннэххитинэ эрэ аа5ар уонна суруйар буола5ыт. Учугэйдик кыьаллан уорэннэххитинэ куруук «4» уонна «5» сыаналарга уорэниэххит.

Хоьоон «Биэkи ыллахпына» Дарина Лыткина

Буратино: Мин уорэнэн, «4» уонна «5» сыананы ылыахпын ба5ардым. Аны куьун оскуола5а барар эбиппин.
МП: Маладьыастар, куьун сана форма кэтэн, сана суумка сугэн оскуола5а кэлээрин.
Буратино: Форма даа, суумка даа?
Билбэччэй: Ол эмиэ то5о?
МП: Ол то5о уонна туохха наадатын о5олор ыллаан иьитиннэриэхтэрэ.
Ырыа «Чему учат в школе».
Билбэччэй: Аа, дьэ ейдеетум оскуола туохха наадатын.
Буратино: Оскуола5а барарбар туох нааданый?
МП: Туох наадатын билигин «Уорэх тээбиринин хомуй» диэн оонньууттан билиэхпит.
Оонньуу « Уорэх тээбиринин хомуй»
(туттуллар матарыйаал араас предметтар, уорэх тээбиринэ, 2 рюкзак).
Буратино: Оо, эьиэхэ кэлбэтэхпит буоллар, уорэх тээбиринин туьунан тугу да билиэ суох эбиппит дии!
Билбэччэй: Аны куьун бэлэмнэнэн, уорэх тээбиринин сопко тэринэн, оскуола5а кэлиэхпит. Корсуоххэ диэри!
Тахсан бараллар.
МП: О5олоор, остуоруйа дойдутугар айаммыт манан тумуктэнэр. Зонтикпыт ахсаанын аайы араас остуоруйа геройдарын кытта керустубут. Аны куьун суумка сугэн оскуола боруогун атыллаан, наар «4» уонна «5» сыана5а уерэнин диэн ба5а санаабын этэбин. Оскуола5а уерэнэ сылдьан тапталлаах детсадкытын, иитээччилэргитин, улэьиттэри умнуоххут суо5а диэн эрэнэбит.
О5олор махтал тыллара.
Алина: Истин иитээччилэрбэр ______________________________________ баьыыба бастынын этэбит.
Дарина: Куус кеме буолбут, ийэлии буебэйдээбит иитээччи кемелеьееччулэригэр ____________________________________________________ итии-истин э5эрдэ!
Степа: Бэриинэбит мэлдьи ыраас, сотторбут сымна5ас, кыьамньылаах прачка5а __________________ махтал! Амтаннаах минньигэс астаах поварбытыгар ___________________________ айхал-мичил буоллун.
Диана: Детсаппытын харабыллыыр тутаах улэьиттэрбитигэр _________________________________________ дор5оонноох дорообо!
Лева: Булааччы-талааччы, аьынан-оонньуурунан хааччыйааччы ______________, детсад таьа еруу ыраас, алдьаммыты абырахтааччы, тутах киьибит ______________ бар5а махтал!
Айта: Ырааьы керер, доруобуйабытын харыстыыр-бе5ергетер __________________ махталбыт мунура суох.
Кристина: Большое спасибо нашему психологу _____________ за помощь, поддержку и участие. Выражаем большую благодарность логопеду ___________________за терпение и труд!
Миша: Ыллырга-ункуулуургэ, туттарга-хаптарга уерэппит, эппитин-хааммытын эрчийбит ______________________________ уонна _______________________ бар5а-мааны махталбытын, ба5а санаабыт бастынын этэбит.
Игнат: Аа5ар-суоттуур идэлээх, кыьамньылаах улэьиккэ __________________________, сепке уунэн-сайдан тахсарбытын мэлдьи былаанныыр, хонтуруоллуур, субэлиир-амалыыр старшай иитээччигэ __________________________ ба5а санаабыт баара5айын анаатахпыт буолуохтун.
Коля: Детсадпытын салайар, сырдыкка-кэрэ5э уьуйар, тапталлаах сэбиэдиссэйбитигэр _____________________________ сахалыы сайа5ас э5эрдэ, уранхайдыы уйа5ас уруй!
Бары: Махтанабыт детсадка, элбэх билиини биэрбиккэр, о5о саас уеруутун толору билбиппитигэр.
МП: Тылы биэрэбит детсад заведующайыгар _____________________________.
Фанфар. «Выпускник детского сада» лента иилээьинэ.
МП: Тылы биэрэбит тереппуттэргэ.
Фанфар.
МП: Барыгытын хаартыска5а туьуугэ ынырабыт.














ПРОГРАММА

1. Вальс.
2. Хоьоон «Кундуттэн кунду кылаат».
3. Макарова Кристина «Мы теперь ученики».
4. Ырыа «Уерэнэ барабын» Н.Макарова мел.
5. Мэри Поппинс киирэр.
6. Зонтиктаах ункуу ( кыргыттар ).
7. Аптаах Фея киирэр.
8. Туннуктэри сабаллар, фонаригынан зеркальнай шары тыктараллар.
9. Бере уонна Кыьыл Бэргэьэчээн.
10. Ункуу: Флешмоб.
11. Музыканнан Хаппырыыс Принцесса уонна учуутал киирэллэр.
12. Хоьоон «Билэр букваларым».
13. Ункуу «Сыыппаралар ункуулэрэ».
14. Хоьоон «Оскуола дорообо» Игнат Эверстов.
15. Губка Боб уонна Патрик.
16. Три поросенка.
17. Оонньуу: «Оскуола тутуута».
18. Буратино уонна Билбэччэй.
19. Хоьоон «Биэkи ыллахпына» Дарина Лыткина.
20. Ырыа «Чему учат в школе».
21. Оонньуу « Уорэх тээбиринин хомуй»
22. О5олор махтал тыллара.
23. Заведующай тыл этиитэ.
24. «Выпускник детского сада» лента иилээьинэ.
25. Тереппуттэр тыл этэллэр.
26. Хаартыска5а туьуу.















13 PAGE \* MERGEFORMAT 14915